22.06.2023 | 14:00

Губинскай уокурукка саҥа дьиэлэр дьэндэһиэхтэрэ

Губинскай уокурукка саҥа дьиэлэр дьэндэһиэхтэрэ
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Көһө сылдьар мунньахтар, өрөмүөн бара турар сирдэригэр бэрэбиэркэлиир сыаллаах кэрийэр айаннар уонна, биллэн турар, нэһилиэнньэни кытта сирэй көрсөн кэпсэтиилэр салҕаналлар. Дьону кытта ыкса алтыһыы, куорат олохтоохторун этиилэрин илэ көрсөн истии, кинилэри кытта сүбэлэһии – баһылык Евгений Григорьев үлэтин биир уратыта. 
Санатан эттэххэ, киин куораппытыгар тиэргэннэри тупсарыы “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” федеральнай уонна “Мин тиэргэним” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаларга тирэҕирэн ыытыллар. Быйыл Дьокуускайга 38 аадырыһы хабар 21 тиэргэн өрөмүөннэниэҕэ.

Гагарин уокуруга

Олохтоох дьаһалта бэрэбиэркэлиир сырыыта 2022 сыллаахха өрөмүөннэммит тиэргэннэргэ туһуланна. Бэс ыйын 16 күнүгэр баһылык Кузьмин уул., 29, 29/1, 29/2 тиэргэннэригэр сырытта.

Көһө сылдьар мунньахха баһылык солбуйааччыта Антон Алексеенко, Гагарин уокуругун салайааччыта Евгений Сидоренко, Дьокуускай кылаабынай архитектора Семен Сергеев, «Главстрой» МХТ салалтата, «Арсенал» салайар хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. 

“Главстрой” салайааччыта Алексей Варламов иһитиннэрбитинэн, былырыын Гагарин уокуругар үлэ хойутаан, сөҥүүлээх кэмҥэ ситэриллибит буолан, быйыл ыам ыйыгар хаар ууллубутун кэннэ кэккэ итэҕэстэр үөскээбиттэрин бэдэрээтчит, гарантиялаах эбээһинэс быһыытынан, барытын ый иһигэр хаттаан оҥорбут. Бэл, биир тиэргэҥҥэ аспаалы уларытарга күһэллибит. Бэс ыйын бүтэһигин диэки өссө биир хонтуруолунай бэрэбиэркэ буолуохтаах.

Баһылык Евгений Григорьев Кузьмин уул., 29, 29/2 тиэргэннэригэр көҕөрдүү үлэтэ үчүгэйдик барбытын, куорат үрдүнэн атыттарга холобур буолуохтарын сөбүн бэлиэтээтэ. Санатар буоллахха, өрөмүөннэммит тиэргэннэри көҕөрдүүнэн олохтоохтор салайар хампаанньаларын кытта бииргэ үлэлэһэн бэйэлэрэ дьарыктаныахтаахтар – бу тиэргэннэри тупсарыы бырайыагар хапсарга биир сүрүн ирдэбил быһыытынан киирэн сылдьар.

Олохтоохтору оҕо балаһааккатыгар турар инженернэй тутуулар долгуталлар, оҕолор эчэйбэттэрин курдук күрүөлээн кэбиһиэххэ наада диэн этии киллэрдилэр. Маны тэҥэ балаһаакка хас биирдии тутуутугар хас саастаах оҕолорго анаммытын, балаһааккаҕа сылдьыы быраабылатын суруйан ыйыахха диэн этиилээхтэр.

Олохтоохтор Кузьмин уул., 29-гар сааскы ириэрии уутун, ону тэҥэ дьиэ анныгар мустар ууну хачайдааһын бытааннык барарын, салайар хампаанньаларын үлэтин кириитикэлээтилэр.

Кузьмин уул., 29/1 дьиэтин олохтоохторо 25 №-дээх «Северная сказка» уһуйаан олбуорун кыйа суолу тэҥнииргэ көрдөстүлэр. Баһылык “Главстрой” МХТ суолу өрөмүөннүүр былааныгар бу уһуйаан таһынааҕы кэрчиги хайаан да киллэрэргэ соруйда, тротуардары, сүрүн аартыкка тахсар суоллары барытын аспааллыырга дьаһайда.

Губин уокуруга

Бэс ыйын 17 күнүгэр Евгений Григорьев Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Губин уокуругун быстах байыаннай дьайыыга  барааччылары уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин кытта үлэлиир Бэпэчиитэллэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьеваны кытта Губин уул.,  25, 29/1 дьиэлэрин олохтоохторун кытта көрүстүлэр.

Көрсүһүүгэ уокурук салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Валентин Романов, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент, ОДьКХ уонна энергетика департаменын, Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Евгений Григорьев уонна Антонина Григорьева дьон олорор усулуобуйатын көрдүлэр-иһиттилэр. Губин уул., 25 дьиэтигэр бастакы этээскэ кэлээскэлээх инбэлиит олорор, кини сылдьарыгар табыгастаах гына пандус оҥоһуллубут. Губин уул., 29/1 дьиэтигэр байыаннай дьайыыга сылдьар киһи инбэлиит ийэтэ олорор. Кини уола 2022 сыл балаҕан ыйыгар мобилизацияламмыт.

Баһылык иһитиннэрбитинэн, бу территорияҕа “ЖСК” ХЭТ саҥа комплекс тутан таһаарыахтаах. Бу тэрилтэ Дьокуускай 48-с кыбаарталын олохтоохторун хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүгэ үчүгэй үлэтин көрдөрөн турар, аны Губин уонна Богатырев уулуссаларын хаарбах дьиэлэриттэн дьону көһөрүөхтээх. Баһылык СВО-ҕа сылдьар уол ийэтин бастакы уочарат саҥа дьиэнэн хааччыйыахтарын эрэннэрдэ.

Губин уул., 25 дьиэтин олохтоохторо салайар хампаанньаларын үлэтин астымматтарын биллэрдилэр, тымныы уубут суох диэтилэр. Онуоха салайар хампаанньаҕытыгар үҥсүүтэ түһэриҥ диэн сүбэлээтилэр, тоҕо диэтэххэ Дьаһалта официальнай докумуоҥҥа эрэ олоҕуран салайар хампаанньаларга миэрэ ылыан сөп. ОДьКХ уонна энергетика департамена тымныы уу тоҕо суоҕун быһаарыах буолла.

Строительнай уокурукка

Бэс ыйын 17 күнүгэр Строительнай уокурукка өссө биирдэ көһө сылдьар мунньах буолан ааста. Бу сырыыга Пионерскай уул., 36/1 дьиэтин олохтоохторун кыһалҕаларын тула кэпсэтии буолла.

Олохтоохтору кытта көрсүһүүгэ уокурук управата, “Юнион” ХЭТ салайар хампаанньа, олох-дьаһах хаһаайыстыбатын үлэтин хааччыйар тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Строительнай управатын бэрэстэбиитэлэ саас бу дьиэ таһыттан хаар кэмигэр тиэйиллэн, билигин тиэргэн туруга ама диэн бэлиэтээтэ. “Юнион” салайар хампаанньа дириэктэрэ Юрий Радюков сааскы ириэрии кэмигэр дьиэ ууга бара сылдьыбытын, 16 кыбартыыра баарыттан 4-дэ эрэ хомунаалынай төлөбүрү кэмигэр төлөөн иһэллэрин бэлиэтээтэ.

Баһылык олохтоохтор хомунаалынай өҥөлөрүн кэмигэр төлөөн истэхтэринэ эрэ салайар хампаанньалара үлэлиир кыахтааҕын этэн туран, маннык хаарбах мас дьиэлэртэн хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар төлөбүр ылыллыа суохтааҕын санатта.

Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент дириэктэрин солбуйааччы Вадим Семенов кэпсээбитинэн, Пионерскай уул., 36/1 дьиэтэ 2020 сыллаахха хаарбах дьиэлэр ахсааннарыгар киирбит. Билигин үлэлии турар хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматыгар хапсыбатах. Ол эрэн бу дьиэ территориялары сайыннарыы бырагырааматыгар киирбит, онон олохтоохтору «Республиканское ипотечное агентство» диэн тутааччы көһөрүөхтээх. Тутааччы бу дьиэ олохтоохторун “Звездный” микрооройуоҥҥа 2024-2025 сс. көһөрөр былааннаах.

Олохтоохтор хомунаалынай өҥөлөрүн төлөөбөт буоллахтарына, салайар хампаанньа суукка биэриэн сөп. Оччоҕо кыбартыыраларга арест ууруллар, Росреестрга регистрациялааһын бобуллан хаалар. Бу дьиэҕэ 16 кыбартыыра баарыттан иккитэ – муниципальнай, 14 – чааһынай бас билиигэ бааллар, олортон үксүлэрэ куортамҥа бэриллэллэр, 10 кыбартыыраны бас билээччи мантан атын өссө дьиэлээхтэрэ биллэр. Быһаччы эттэххэ, хаарбах дьиэҕэ олорооччулар хомунаалынай өҥөлөргө иэстээх буолаллара саҥа дьиэҕэ көһүүлэрин атахтыан сөп.

Баһылык бэлиэтээн эппитинэн, хаарбах дьиэттэн көһөрүллүү болдьоҕун кэтэһэр санаата суох бас билээччилэр Дьиэ-уот кодексатыгар олоҕуран, харчынан ылыахтарын сөп. Оттон муниципальнай кыбартыыралартан көһөрүүгэ хос ахсаана уонна дьиэ иэнэ учуоттанар. Приватизация кэннэ бу дьиэни атыылыахха сөп буолар.

Хатаска

Бэс ыйын 19 күнүгэр көһө сылдьар мунньах Хатас нэһилиэгэр буолан ааста.

Баһылык “Баҕарах” агрофирмаҕа ынахтар сайылыкка көспүт кэмнэригэр сүрүн хотоннорун сарайыгар өрөмүөн үлэтэ бара турарын билистэ. “Баҕарахтар” ыам былаанын бэркэ толорон иһэллэр, быйыл төрөөбүт торбостор этэҥҥэ улааталлар.

Хатаска саҥа спортивнай комплекс үлэҕэ киирээри турар. Сыл бүтэһигэр тутуу түмүктэниэхтээх. Оттон Хатас орто оскуолатын хапытаалынай өрөмүөнэ атырдьах ыйын 1 күнүгэр түмүктэниэхтээх, маны таһынан оскуолаҕа эбии дьиэ тутулла турар –  сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтээх. Билиҥҥитэ үлэ графиктан хаалбакка баран иһэр.

Мунньах кыттааччылара Ленин уулуссатыгар баар үс дьиэ тиэргэнигэр сырыттылар. Оҕолор балаһааккаларын сөбүлээбиттэр, олохтоохтор кэккэ итэҕэстэри бэлиэтээтилэр, олору бэдэрээтчит ый устата туоратыахтаах.

Хатас оскуолатын иһинэн үлэлиир научнай хайысхалаах лаборатория быһыытынан үлэлиир “Агрокуб” үлэтин билистилэр. “Агрокуб” 2019 сыллаахха тэриллибитэ, Уһук Илин үрдүнэн маннык хабааннаах үөрэхтээһин киинэ соҕотох. Сайыҥҥы сынньалаҥ устата “Дьулуур” лааҕырга уопсайа 80-ча оҕо сылдьыахтаах, оҕолор туһалаах сынньалаҥнарын кэмигэр хамнас аахсаллар. Кинилэр научнай үлэлэрин, соботтон бороһуок миини, араас биоуоҕурдууну оҥорон таһааралларын туһунан элбэхтик суруйан турабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...