ГТО физкультурнай-спортивнай комплекс күүскэ тэнийэр
Нэһилиэнньэни, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ дойду үрдүнэн үгүс үлэ ыытыллар. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2014 с. кулун тутар 24 күнүнээҕи 172 № ГТО физкультурнай-спортивнай комплексын олоххо киллэрии дьаһала, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыга Айсен Николаев 2020 с. тохсунньу 16 күнүнээҕи ГТО-ҕа туһуламмыт Ыйааҕа болҕомто киинигэр тураллар.
Ити икки сүрүн докумуон сүнньүлэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун, итиэннэ Арассыыйа үөрэҕин академиятын көҕүлээһиннэринэн хас биирдиибит чэгиэн-чэбдик сылдьарбытыгар туһуламмыт дьаһаллар хото ыытыллаллар.
Сэтинньи 25 күнүгэр Бырабыыталыстыба 2 №-дээх дьиэтигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы ГТО физкультурнай-спортивнай нормативтар бастыҥ уопуттарын тарҕатар сыаллаах-соруктаах киэҥ ыҥырыылаах научнай-практическай конференция буолан ааста. Москва, Санкт-Петербург, Бурятия, Хабаровскай, Амур, Смоленскай, Монголия уонна Сахабыт сирин физическэй култуураҕа уонна спорка салайааччылара, учуонайдара, испэсэлиистэрэ, аспираннар, преподавателлэр, тренердэр, физкультура учууталлара, спортсменнар, устудьуоннар – барыта 180 киһи кытынна. Конференция алта сүрүн хайысханан үлэлээтэ. Дакылааттар, тыл этиилэр оҥоһулуннулар. Резолюция ылылынна.
Сэтинньи 26 күнүгэр “Кыайыы 50 сыла” спорт Дыбарыаһыгар ГТО физкультурнай-спортивнай комплекс нормативтарыгар “ГТО оонньуулара” бэстибээл ыытылынна. 17 улуустан, 5 спорт кулуубуттан алталыы кыттааччылаах 22 хамаанда алта түһүмэхтээх эстафетаҕа күрэхтэстэ.
Саҥа музыкальнай форматынан бэрт көхтөөхтүк уонна сэргэхтик ааспыт бэстибээлгэ “Тимир” кроссфит, Бүлүү улууһун уонна Дьокуускайтан “Форсаж” спорт кулууп хамаандалара инники күөҥҥэ тахсаннар, өйдөбүнньүк мэтээллэринэн, дипломнарынан, туһааннааҕынан 100-75-50 тыһ. солк. сертификаттарынан наҕараадаланнылар.
Икки бастакы хамаанда ахсынньы ыйга Саратовка буолар Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ кыттыахтара, Саха сирин спортивнай чиэһин көмүскүөхтэрэ.