ГТО бэстибээлэ көхтөөхтүк ыытылынна
Бастыҥнарга — наҕараадалар
Үлэ сылыгар уонна Физкултуурунай хамсааһын 100 сылыгар анаммыт ГТО бэстибээлин үөрүүлээх аһыллыытыгар кыттааччылары СӨ спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, СӨ идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ проректора Михаил Федоров, сүрүн судьуйа Альберт Васильев эҕэрдэлээтилэр.
Физкултуура уонна спорт активистарын, кыһын устата ГТО кэрдиистэрин кыһыл көмүс бэлиэлэргэ туттарбыттары наҕараадалаатылар. “СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна” бэлиэнэн Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын отделын начаалынньыга Алексей Аржаков, 4 №-дээх Оҕо спорт оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Павел Глухарев, Футбол оскуолатын отделын начаалынньыга Изумира Николаева наҕараадаланнылар; ГТО Бүтүн Арассыыйатааҕы комплексын кыһыл көмүс бэлиэтин ХИФУ устудьуоннара Арчылан Семенов, Игорь Алексеев, бэтэрээннэргэ Европа, Аан дойдутааҕы оонньуулар кыайыылааҕа Варвара Макарова, Музыка үрдүкү оскуолатын иитээччитэ Екатерина Кладкина, Саха гимназиятын физкултуураҕа учуутала Алексей Алексеев, орто оскуола үөрэнээччилэриттэн Людмила Колосова, Айастан Андросов, Данил Шумилов, Анастасия Жиркова, Карина Зайцева, Евгения Шипошина, Георгий Кобяков, Одун Максимов, Тимур Семенов, Мария Васильева, Самаана Васильева, Нарыйа Яковлева туттулар.
Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениета бэйэтин телеграмм-ханаалыгар IRON фирма спортивнай көстүүмнэрин уонна спорт министиэристибэтин тэрилтэлэригэр сылдьар абонеменнары оонньотон туттардылар.
ГТО маассабайдык туттарыыта 2013 сылтан саҕаламмыта
2013 сыллаахха Физическэй култуураҕа уонна маассабай спорка управление начаалынньыгынан үлэлии олорон ГТОну аан бастаан көҕүлээбит, билигин Футбол оскуолатыгар дириэктэрдиир Николай Гаврильевич Цыпандин:
— Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи кэлбит. Хас биирдии упражнениеҕа уһун уочарат буолла. Ити аата нэһилиэнньэ эт-хаан өттүнэн дьарыктаныыга болҕомтото күүһүрбүт. Бу күннэргэ биир да күн тохтоло суох араас тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр, спартакиадалар буола туралларыттан киһи санаата көтөҕүллэр. Үлэ кэлэктииптэриттэн, идэлээх сойуустартан сайаапкалар киириилэрэ уҕараабат. Биһиги футбол оскуолабыт Нерюнгрины кытта бииргэ үлэлэһэбит, күрэхтэһиилэри ыытабыт. Кыайыылаахтары өрөспүүбүлүкэ таһыгар күрэхтэһэ баралларыгар наҕараадалыыбыт. Биир үлэһиппит Виталий Онуфриев Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллибитэ, ГТО Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлигэр өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүү барарга бэлэмнэнэр. Биһиги, спорт салайааччылара, нэһилиэнньэ физкултууранан уонна спордунан утумнаахтык дьарыктанарыгар табыгастаах усулуобуйа оҥоруохтаахпыт.
ГТО – чэгиэн, чиргэл турук көстүүтэ
Көрүҥнэр аайы туттарааччылар санааларын ууран туран кытыннылар. Эдьигээн улууһун баһылыга Василий Сорокин кэлэн көрө, уопут ыла сылдьар. “Мэҥэ Хаҥалас” диэн суруктаах формалаахтар көстөллөр. Сыал-сорук араас. Үгүстэр, ордук эдэр өртүлэрэ, ыарырҕаталлар. Турниктарга, снарядтарга аан бастаан холоноллоро биллэр. Оттон саастаах өттүлэрэ кыһыл көмүс бэлиэҕэ туттара сатыыллар. Быйыл атах оонньуутугар “Сахаада-спорт” маастара буолары ситиспит Афанасий Дорофеев, спорт комментатора Александр Ушницкай күүс көрүҥнэригэр “туйгуннук” туттартаатылар. 1 км сүүрүүнү ыарырҕатарбыт буолуо диэн бараннар, эмиэ кыһыл көмүс бириэмэнэн түмүктээтилэр.
Сүүрүү бөлөҕүн баһылаан-көһүлээн, олус чэпчэкитик дэгэйэн бастакынан кэлбит Дьокуускайдааҕы Автодорожнай техникум үлэһитэ Николай Иванович Никаноров:
— Бэҕэһээ тардыныыга, гиирэҕэ, миэстэттэн ойууга, анньыныыга наһаа аһары барбакка кыһыл көмүскэ туттартаабытым. Бүгүн сүүрүүгэ тыаллаах, тымныы соҕус. Кыһыл көмүскэ туттардым ини диэн эрэллээхпин, судьуйаларга тиийэ иликпин. Өрдөөҥүтэ манна педфагы бүтэрбитим, физкултуура учуутала идэлээхпин, исписээлинэһим сүүрүү. Бастакы эргиирбэр, утарсааччыларбын үөрэтэн, орто тэтиминэн барбытым. Онтон биир эргиир хаалбытын кэннэ сэниэбин, ис турукпун көрөммүн, эбэн биэрдим. 150 м хаалбытын кэннэ финишнэй спруттаатым, рывоктаатым. Дьарыгым диэн кыһыны быһа волейбол оонньообутум. Дьоҥҥо или-эйэни, дьолу баҕарабын!
Үһүс күн, өрөбүлгэ, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар мэһэйдээх сиргэ 3 км уонна 5 км сиргэ сүүрүү итиэннэ скандинавскай хаамыы буоллулар. Паарка түгэҕин диэки баар ырааһыйаҕа граната, мээчик быраҕыыта ыытылынна. Кэбээйи Куокуйуттан эдэр-эмэн саастарыгар боксаҕа уонна волейболга бастакы разрядтаах спортсмен, билигин 77 саастаах Егор Еремеевич Соловьев 3 км сири скандинавскайдаан тулуппата, 33 мүнүүтэнэн кэлиэхтээх нуорматын букатын “эрдэ” кэлэн, билигин да туйгун туругар сылдьарын көрдөрдө!
Кыһыл көмүс бэлиэлээхтэргэ көҕүлээһиннэр бааллар
Бэстибээл түмүгүн сүрүн судьуйа Альберт Григорьевич Васильев иһитиннэрдэ:
— Икки күн түмүгүнэн 3187 киһи кытынна. Быйылгы нормативтар уларыйбыттар. Былырыыҥҥа диэри 11 кэрдиис эбит буоллаҕына, билигин 18 кэрдиискэ диэри олохтоммут. Ол курдук, I-кы кэрдиис 6 саастаах оҕолор буоллахтарына, бүтэһик XVIII кэрдиис — 70-н үөһэ саастаахтар. Аҕыйах хонугунан оҕолорго туспа бэстибээл ыытыахпыт. Наҕараадалааһын кыбаарталга биирдэ буолар. Кыһыл көмүс бэлиэлэр дастабырыанньаларыгар Арассыыйа спорка миниистирэ Олег Матыцин, оттон үрүҥ көмүс уонна боруонса бэлиэлэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Леонид Спиридонов илии баттыыллар. ГТО-ну туттарбыт устудьуоннарга уонна үлэһиттэргэ истипиэндьийэ, бириэмийэ курдук араас көҕүлээһиннэр көрүллэллэр. Онон материальнай интэриэс эмиэ баар. Былырыыҥҥы бэстибээлгэ улуустары, оройуоннары кытта холбоон 5000 кэриҥэ киһи кыттыбыта, быйыл өссө элбиирэ буолуо диэн санаалаахпыт. Саҕалааһын, көрдөрүү үчүгэй.
Дьэ, ити курдук быйылгы ГТО бэстибээлэ улахан дьоҥҥо түмүктэннэ. Докумуоннар толорууга, ырытыыга сылдьаллар. Сотору — оҕолор күрэхтэрэ. ГТО нуормаларын туттарыы сыл устата тестирование кииннэригэр күн аайы ыытыллар.
Эрчиллиҥ, чэгиэн-чэбдик буоларга дьулуһуҥ!
Ситиһии тосхойдун!