30.09.2021 | 11:30 | Просмотров: 741

Грипп утары быһыыны 59 тыһыынчаттан тахса киһи ылбыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр грипп утары быһыыны 59 тыһыынчаттан тахса киһи, ол иһигэр 29 тыһыынча оҕо ылбыт. Ол туһунан Роспотребнадзор регионнааҕы управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Иммунизацияны «Совигрипп» уонна «Ультрикс квадри» вакциналарынан оҥороллор. Саха сиригэр быһыынан барыта 60% нэһилиэнньэни – 217 тыһыынча оҕону уонна 363 тыһыынча улахан киһини хабар былааннаммыт.
Грипп утары вакцинацияны ордук сэрэхтээх бөлөххө сылдьар гражданнар ылаллар. Ити коронавируһунан ыалдьыбыттар, оҕолор (6 ыйыттан саҕалаан), устудьуоннар, 60 саастарыттан үөһээ дьон, оҕо күүтэр дьахталлар (2-3 триместр), призывниктар, хроническай ыарыылаах дьон уонна үлэлэрин хайысхаларынан көрөн. 
Быһыыны олорор эбэтэр үлэлиир сирдэринэн поликлиникаларга ылыахтарын сөп. Итини сэргэ үөрэх кыһаларынан уонна тэрилтэлэринэн быһыы туруорар биригээдэлэр сылдьаллар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.