18.01.2023 | 09:00

Греко-римскэй тустуу хардыылара

Греко-римскэй тустуу хардыылара
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Классическай тустууга сахалартан бастакы ССРС чөмпүйүөнэ Д.Г. Максимов кэриэһигэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ турнирыгар Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Тааттаттан, Намтан, Хаҥаластан, Горнайтан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Анаабыртан, Эдьигээнтэн, Дьааҥыттан, Нерюнгриттэн, Дьокуускайтан 16 уонна 17 саастаах 176 уол күөн көрүстэ.

Турнир СӨ үөрэнээччилэрин Спартакиадатын бырагырааматыгар киллэриллибит буолан, суолтата улахан. Турнир үөрүүлээхтик аһыллыытыгар СӨ спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, Олимпийскай эрэл училищетын дириэктэрэ Семен Чердонов эҕэрдэлээтилэр, ситиһиилэри баҕардылар.

Сахабыт сиригэр греко-римскэй тустуу аҕыйах сыллааҕыта тэриллэн, саҥа сүһүөҕэр туран эрэр. Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетыгар базаланар. Икки-үс сыллааҕыта арыллыбыт спортивнай саалаҕа тэлгэммит икки көбүөрүнэн хапсыһыылар буоллулар. Спорт министиэристибэтинэн, училище салалтатынан болҕомто ууруллар буолан, көрдөрүүлэр кэлэн эрэллэр. Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга олимпийскай эрэл училищетын иитиллээччилэрэ Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыттан Сергей Павлов 67 кг, Булуҥтан Иван Шамаев 60 кг, Амматтан Артур Константинов бастааннар, Арассыыйа маастара буолары ситиспиттэрэ. Ыччаттар Арассыыйа көбүөрүгэр мэтээллэри ылаттыыллар. Амма Болугурун ыччата Александр Андреев Арассыыйа үөрэнээччилэрин Спартакиадатыгар боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Бу ааспыт өрөбүлгэ Белоруссия греко-римскэй тустууга чемпионатыгар Амма ыччата Александр Гурьев 55 кг бастаата уонна маастар нуорматын толордо. Маастары толоруу, Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдарга уонна дойду күрэхтэһиитигэр мэтээли ылыы сыралаах үлэнэн, күүстээх дьарыгынан кэлэр. Маныаха сүрүн тренер Матвей Матвеев, тренердэр Кирилл Павлов, аан дойду чөмпүйүөнэ Рустам Аджи көдьүүстээхтик үлэлииллэрэ көстөр. “Триумфка” 30-ча оҕону Христофор Потапов дьарыктыыр.

Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ Александр Карелин, Роман Власов суолта биэрэн, кэлэн сүбэлээн-амалаан, ыкса сибээһи олохтообуттара дьоһун өйөбүл. Классическай тустуу уйатынан биллэр Новосибирскайга олорор-үлэлиир тренер, СӨ греко-римскэй тустууга федерациятын вице-президенэ Дмитрий Румович Ушницкай ахсаабат кыһамньытын уурар, хамсатыылаах дьаһаллары оҥортуур.

Сүрүн тренер Матвей Матвеев тустуохтарын сөптөөх оҕолору була-тала, Өрөспүүбүлүкэ үөрэхтээһин экспедициятын кытта кэлэр-барар. Сүүмэрдэммит оҕолор Олимпийскай эрэл училищетыгар ылыллан, бэлэм усулуобуйаҕа үрдүттэн олорон дьарыктаналлар.

Бэйэтин кэмигэр греко-римскэй тустууга аан дойду чөмпүйүөнэ, призера, Европа призера, Олимпийскай оонньуулар икки төгүллээх кыттыылааҕа, спорт үтүөлээх маастара Рустам Аджи этэринэн, көрдөрүүлэр кэлэллэрин туһугар үлэ тэтимнээхтик барар. Оҕолор Уһук Илин күрэхтэһиилэригэр кыайыы туһугар хоодуоттук туттан, эрэллээхтик киирсэр  буолбуттар. Сүрүн сыал-сорук – Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирии. Билигин – Уһук Илин чемпионата, салгыы Арассыыйа көбүөрэ күүтэр. Ситиһии кэлэрэ утумнаах дьарыктан, дьиссипилиинэни, бэрээдэги, эрэсиими кытаанахтык тутуһууттан кэлэр. Биир албаһы Александр Карелин, Роман Власов курдук үрдүк маастарыстыбалаахтык, “до автоматизма” оҥорон, утарсааччыны 4-5 баалга быраҕар туһугар ити албаһы олус элбэхтик хатылыахха наада. Уонна үчүгэй тустуук буолуон баҕалаах оҕолор холобур оҥостор кумирдаах буолуохтаахтар диир. “Греко-римскэй тустуунан оҕолору босхо дьарыктыыбыт, ханнык да ыарахаттартан чаҕыйбакка сайдыы туһугар иннибит диэки баран иһэбит”,- диэн сэһэргиир аатырбыт классик-бөҕөс, тренер Рустам Иванович Аджи.

Син спорт ханнык баҕарар көрүҥэр курдук, турнир дьоҕурдаах оҕолор баалларын көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин спартакиадатын суотугар киллэриллибит буолан, көҥүл тустуунан дьарыктанар оҕолор турнирга хото кэлэн кытыннылар. Греко-римскэй тустууга үөһэнэн тусталлар, атахха киирбэттэр, атахтаабаттар. Алҕаска атахтааһын албаһын оҥороору сэрэтии ылаллар. Иккитэ сэрэтии ыллахтарына, икки баалы сүүйтэрэллэр. Үөһэттэн тутуһан, бэрт кыраһыабай бырахсыылар буолуталаатылар. Илии, сис үлэтэ элбэх. Ол да иһин бу классическай тустууга илии күүһэ сайдар. Өттүктээһин албаһын элбэхтик тутталлар. Уонна партер балаһыанньатыттан быраҕыылары илии уонна сис күүһэ быһаараллар. Баҕар ол иһин буолуо, классиктар быһыыларынан-таһааларынан, былчыҥнара хойуутунан, хайдах эрэ, биллэллэр.

Хапсыһыылар түмүктэринэн 13-15 саастаах уолаттарга 32 кг Егоров Мичил (Амма), итинтэн үөһэ ыйааһыннарга Давид Попов (Амма), Игорь Атоллоров (Үөһээ Бүлүү), Ильдар Птицын (Мэҥэ Хаҥалас), Максим Андросов (Анаабыр), Айсен Потапов (Нам), Айаал Данилов (Анаабыр), Артем Винокуров (Амма), Мирко Брощев (Үөһээ Бүлүү), Иван Скрипченко (Нерюнгри), Арсен Сидоров (Горнай), Артем Захаров (Амма), Ашот Григорян (Дьокуускай), Эрчимэн Соловьев (Мэҥэ Хаҥалас), 110 кг Александр Крюков (Амма) бастаатылар.

Улахан 16-17 саастаахтарга 42 кг Тимур Иванов (Нам), итинтэн үөһэ ыйааһыннарга Антон Постников (Таатта), Михаил Прокопьев (Хаҥалас), Вова Литвинов (Үөһээ Бүлүү), Юрий Винокуров (Дьокуускай), Дмитрий Винокуров (Уус Алдан), Данил Арьянов (Мэҥэ Хаҥалас), Сергей Лигер (Нерюнгри), Евгений Матвеев (Дьокуускай), Гарик Кондаков (Уус Алдан), Марат Темербаев (Дьокуускай), 120 кг Альберт Парфенов (Горнай) кыайыылары ситистилэр. 

Хамаанданан түмүккэ Амма бастаата, Мэҥэ Хаҥалас – иккис, Дьокуускай үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

Бастыҥнар анал бириистэр хаһаайыттара буоллулар.

Греко-римскэй тустуунан Дьокуускайга эрэ анаан-минээн дьарыктаналлар, улуустар улаханнык ылса иликтэр. Ханнык баҕарар спорт көрүҥэ сайдыыны ылыыта биирдиилээн көҕүлүүр дьонтон улахан тутулуктаах. Дмитрий Румович Ушницкай, Матвей Матвеев, Рустам Аджи, Кирилл Павлов, Христофор Потапов тыһыынчанан сылларга тэнийэн-сайдан кэлбит, бастакы Олимпийскай оонньууларга киллэриллэн киэҥ биһирэбилинэн туһанар греко-римскэй тустууну сайыннараллара махталлаах.

Сахаттан бастакы ССРС спордун маастара Дмитрий Максимов туйаҕын хатарааччы элбээтин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...