Госдуума оскуолаҕа смартфону туттары бопто
Ааспыт сыл ахсынньы 19 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 618-ФЗ №-дээх «Арассыыйа Федерациятын үөрэҕириитин туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа илии баттаата. Сокуоҥҥа оскуолаҕа үөрэнээччилэр смартфону тутталларын бобор туһунан пуун баар.
Сокуон 2023 сыл ахсынньы 19 күнүгэр быраап информациятын порталыгар таҕыста уонна ити күнтэн ыла күүһүгэр киирбитинэн ааҕыллар. Бу иннинэ Судаарыстыбаннай Дуума үөрэҕирии туһунан федеральнай сокуоҥҥа үс ааҕыынан уларытыылары киллэрбитэ. Онно эмиэ уруок кэмигэр, олоххо эбэтэр доруобуйаҕа суоһуур кутталлаах, суһал түбэлтэлэртэн ураты, гаджеттары туттуу бобуллубута.
Чопчу туох бобулларый?
Федеральнай сокуоҥҥа: «Сүрүн орто үөрэх бырагыраамаларынан туһуламмыт үөрэх дьарыктарын кэмигэр сибээс сириэстибэлэринэн туһаныллыбат. Үөрэх бырагырааматыгар көрүллүбүт буоллаҕына, эбэтэр үөрэнээччилэр, тэрилтэ үлэһиттэрин олохторугар уонна доруобуйаларыгар суоһуур кутталлаах, экстреннай түбэлтэлэргэ эрэ туттар көҥүллэнэр», — диэн этиллэр.
Төлөпүөнү туттар тоҕо көҥүллэммэтий?
Бу миэрэ уруокка дьиссипилиинэни үрдэтэргэ ананар, Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин быһаарбытынан, төрөппүттэр уонна учууталлар оҕолор уруокка төлөпүөнү тутталларын бобор туһунан уруккуттан туруорсаллар.
«Сокуону ылыныы учуутал аптарытыатын үрдэтиэҕэ, кылааска киһилии, «тыыннаах» кэпсэтии барыаҕа. Ити наһаа дьоһун суолталаах, сорох оҕолор мобильнай төлөпүөнтэн наһаа тутулуктаахтар уонна социальнай коммуникация өттүгэр уустуктары көрсөллөр», — диэн бэлиэтиир Володин.
Сокуоҥҥа киирбит уларытыы хайдах үлэлиэҕэй?
Сокуоҥҥа киирбит уларытыы хайдах үлэлиирэ билиҥҥитэ чуолкай биллибэт. «Новости» РИА иһитиннэрбитинэн, Дуума үөрэҕириигэ кэмитиэтин баһылыга Ольга Казакова үөрэнээччилэр фитнес-браслеттарынан туттуохтарын сөп диир.
Үөрэҕирии кэмитиэтин баһылыга этэринэн, смартфоннары бобууну оскуолалар бэйэлэрэ быһаарыахтаахтар. Итини таһынан, оҕолор тус төлөпүөннэрэ уонна планшеттара үөрэҕирии бырагыраамаларыгар туттуллуо суохтаах.
Арассыыйа Федерациятын үөрэҕириитин миниистирэ Сергей Кравцов иһитиннэрбитинэн, «быйылгы үөрэх дьылыттан уруок кэмигэр суотабай төлөпүөнү туттуу көҥүллэммэт. Маннык дьаһаныы үөрэнээччи үөрэҕиттэн аралдьыйбатын туһугар олоххо киирдэ». Ол эрээри учуутал көҥүллээтэҕинэ төлөпүөнүн туттар кыахтаах. Ол туһунан министиэристибэ официальнай телеграм-ханаалыгар этилиннэ.
РФ Култуураҕа миниистирэ, бэрэсидьиэн Владимир Путин сүбэһитэ Владимир Мединскэй Москубатааҕы учууталлар сүбэ мунньахтарыгар эппитинэн, оскуолаларга уруок ыытыллар кэмигэр үөрэнээччилэр илдьэ кэлбит төлөпүөннэрин анал ыскаапка угуох тустаахтар. Аан бастаан миниистир маннык эксперимени ханнык эмэ региоҥҥа, холобур, Москваҕа ыытыахха сөп диэн эппитэ. Онто Арассыыйа бүттүүнүн үрдүнэн киирдэ.
Дуума вице-спикерэ Петр Толстой эппитинэн, оҕолорго мобильниктары уруок кэмигэр бобору эбэтэр биэрэри оскуола дьаһалтата төрөппүттэри кытта быһаарыахтаах. Бу туһунан «Новости» РИА иһитиннэрдэ.
Орехово-Зуево куорат оскуолатын историяҕа учуутала, «Арассыыйа учуутала — 2022» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус кыайыылааҕа Дмитрий Лутовинов бэлиэтээбитинэн, бу идиэйэ олоххо киириитэ күүркэтиитэ суох барыахтаах. Уруок ханнык эмэ түһүмэҕэр оҕолор QR-коду туттар түбэлтэлэрэ ирдэнэр диир педагог. Ол эрээри бу санаа «оҕолор тус төлөпүөннэрэ уонна планшеттара үөрэҕирии бырагыраамаларыгар туттуллуо суохтаах» диэни кытта сөп түбэспэт.
Арассыыйа оскуолаларыгар 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн уруокка мобильнай төлөпүөннэри туттууну уопсай хааччахтааһын киирбитэ. Ол курдук, Арассыыйа Федерациятын Үөрэҕириитин министиэристибэтэ 2022 сыл атырдьах ыйын 31 күнүгэр уруок кэмигэр төлөпүөнү туттары бобор туһунан дьаһалы таһаарбыта. Манна ыксаллаах балаһыанньаҕа үөрэнээччи учууталтан көҥүллэтэн төрөппүттэригэр эрийэр диэн быһаарыылаах. Оттон уруок кэнниттэн, сынньалаҥ кэмигэр төлөпүөнү туттуохха сөп.
Төрөппүттэр сүрүннээн сөбүлэһэллэр
Оскуолаҕа уруок кэмигэр оҕолорго төлөпүөнү туттар көҥүллэммэтин туох дии саныылларын куорат олохтоохторуттан ыйыталастыбыт.
Наталья Аркадьевна, оскуола саастаах икки оҕо ийэтэ:
— Суотабайдары уруокка туттары боппуттарын сэргиибин уонна өйүүбүн. Бэйэм оҕолорум орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ. Дьиэлэригэр да тутталлара, наар төлөпүөнү хаһаллара сөп. Хонтуруоллуу сатыыбыт да, үлэлиэххэ эмиэ наада. Дьиэҕэ баар кэммитигэр эрэсиимниибит, уруок үөрэтэр кэмнэригэр төлөпүөнү туттумаҥ диибит. Ол эрэн син биир күнү быһа манаан турар кыах суох, дьиэ үлэтэ, ас астааһына. Аны оскуолаҕа баралларыгар күн аайы уруокка төлөпүөнү туттумаҥ диэн мэлииппэ курдук этэбин (күлэр). Онон учууталлар уруокка хонтуруоллууллара саамай сөп дии саныыбын. Бэйэм итини уруккуттан туруорсабын, ол саҕана сокуон суох буолан, бобор бырааптара суох этэ. Онто да суох билиҥҥи кэмҥэ, БКЭ киириэҕиттэн, оҕо билиитэ намтаата дииллэрэ оруннаах дии саныыбын. Онон төлөпүөнэ суох үөрэнниннэр, баҕар, өйдөрө «хойдуоҕа».
Николай, алын кылааска үөрэнэр уол аҕата:
— Биһиги Сашабыт төлөпүөнү отой кыра эрдэҕиттэн туппута. Сыыһа гыммыппытын билигин кэлэн өйдөөн эрэбит. Ыал аайы оннук хартыына баара буолуо дии саныыбын. Мин наар үлэбэр сылдьабын, дьиэбиттэн сарсыарда тахсан баран хонукпар биирдэ кэлэбин диэххэ сөп. Кэргэним дьиэ түбүгүттэн ордубат, оҕо утуйа сыттаҕына ыксалынан маҕаһыыҥҥа, аптекаҕа тахсан киирээри, аһын астыырыгар, дьиэтин хомуйарыгар уолугар төлөпүөн туттарара ханна барыай. Онтубут билигин номнуо оскуола киһитэ, уруогун ааҕа олорон да төлөпүөнүн хаһа сатаан ийэтиттэн мөҕүллэр. Биһиги көрбөппүтүгэр, оскуолаҕа төһөтө оннук гынара биллибэт. Учуутала эдэр буолан, өйдүүр быһыылаах, хаһан эрэ этэн турардаах, дьиэтигэр наһаа төлөпүөнү хастарымаҥ, ол оннугар саатар кыралаан ааҕа сатаатын, кылааска ааҕара бытаан диэн. Онон мин ити сокуону толору өйүүбүн. Биһиги урут төлөпүөнэ, интэриниэтэ суох үөрэнэн кэлбиппит, биллэн турар, тугу эмэ бэйэбит кыайан толорбот буоллахпытына, үчүгэй үөрэхтээх оҕоттон «устар» этибит. Билиҥҥи оҕолор интэриниэккэ киирэн барытын булаллар. Онон «шпора» оҥостор да наадата суох буолан турар.
Эрхаан, 2-с куурус устудьуона:
— Итинник сокуон тахсыбытын көрбүтүм. Мин санаабар, урут даҕаны оннук этэ, уруокка төлөпүөнү аһаҕастык туттубат буоларбыт. Туох эрэ наадалааҕы көрөөрү гыннахпытына, уоран туттааччыбыт, интэриниэккэ киирээччибит. Оонньуу-көрүлүү киирэрбитин өйдөөбөппүн, биир эмэ оннук оҕо баара буолуо. Учууталлар суотабайдаах олорор оҕону көрдөхтөрүнэ, биллэн турар, кыыһырааччылар, мөҕөөччүлэр, истибэт оҕолортон былдьыыр да түбэлтэлэрэ баар буолааччы. Онон ити сонун буолбатах дии саныыбын.
Аны үөрэнээччилэр санааларын истиэҕиҥ. Үгүс оҕо уруокка төлөпүөнү бобууну көҥүллэрин күөмчүлээһин курдук ылынар эбит. Итинтэн киһи соһуйбат, кинилэр саастарыгар ханнык баҕарар оҕоҕо «максимализм» диэн өйдөбүл баар. Онон, этэргэ дылы, өйдүөх уонна бырастыы гыныах тустаахпыт. Ким оҕо сылдьыбатаҕа баарай?
Иннокентий Васильев, 9-с кылаас үөрэнээччитэ:
— Ити сокуонтан кыыһырабын уонна хомойобун. Быйыл саатар эксээмэннээх сылбыт. Биһиги иннибитигэр үөрэммит оҕолор, бэйэлэрэ кэпсииллэринэн, быыс-хайаҕас булан, төлөпүөннэрин туһанан эксээмэннэри туттарбыттара. Соруйан гыммыт курдук, биһиэхэ тиийэн кэлэн бобон кээстилэр. Итинник санаалаах мин эрэ буолбатахпын, паникалыыр оҕо элбэх.
Катя Николаева, 10-с кылаас үөрэнээччитэ:
— Хайдах гыныахпытый, сокуон ылыллыбыт. Тугу эмэ уларытар сатаммата буолуо. Онон биһиги санаабыт улахан оруолу оонньообот. Тус бэйэм санаабын этэр буоллахха, ити сокуону өйөөбөппүн. Дьиҥэр, урут даҕаны уруокка аһаҕастык төлөпүөнү туттарбыт көҥүллэммэт этэ. Ыксаатахпытына кистээн туттарга күһэллэрбит. Кэлэр сылга БКЭ-лээхпит. Табылыннаҕына, репетиторга сылдьан үчүгэйдик бэлэмнэниэххэ наада дии саныыбын. Билиҥҥитэ идэбин тала иликпин.
Ити курдук, сокуоҥҥа киирбит уларытыы туһунан санаа араас. Биллэн турар, суотабайы уруокка туттуу мэһэйдэри үөскэтэрэ, оҕолору аралдьытара саарбаҕа суох. Итини сэргэ, учууталлары кыыһырдан, бэйэлэриттэн таһааран баран төлөпүөҥҥэ устан, видеолары интэриниэт ситимигэр тарҕаталлара баар суол. Итинник түбэлтэлэр тахсыбаттарын курдук, учуутал аптарыатын сокуонунан араҥаччылыыр кэм уолдьастаҕа буолуо.