25.10.2022 | 18:00 | Просмотров: 676

Госавтоинспекция оҕо кириэһилэтин бэрэбиэркэлиир

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куоракка ГИБДД судаарыстыбыннай иниспиэктэрдэрэ оҕо кириэһилэтин бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэри ыыталлар диэн Арассыыйа ИДьМ ГИБДД «Якутское» салаата иһитиннэрдэ.

Эриэйдэлэри сарсыарда өттүгэр оҕо уһуйааннарын таһыгар ыыталлар.  Ол курдук, кылгас кэм иһигэр иниспиэктэрдэр оҕолорун кириэһилэтэ суох тиэйэ сылдьар 30-ча төрөппүтү тохтоттулар. Биир төрөппүт отой да массыынаны ыытар бырааба суоҕа билиннэ. Быраабы кэһээччилэргэ административнай боротокуол оҥоһулунна.

Манна даҕатан эттэххэ, сыл саҕаланыаҕыттан киин куоракка оҕо кыттыгастаах 47 суол быһылаана регистрацияланна. Оҕоҕут олоҕун уонна доруобуйатын харыстааҥ – оҕо кириэһилэтин уонна куттал суох буолуутун хааччыйар эримиэни туһаныҥ!

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.