06.09.2021 | 11:00

Гипертония сэрэппэккэ «сиэн» сөп

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Урут аҕам саастаах дьон эрэ дабылыанньалара тахсарын курдук саныырбыт. Хомойуох иһин, билигин күөгэйэр күннэригэр сылдьар ыччат бу ыарыыга ылларара үгүс. Сорохтор улахаҥҥа уурбакка, кэмигэр көрдөрүммэккэ баалатан кэбиһэллэр. Аны туран, гипертония сэрэппэккэ “сиир” кутталлаах. Ол эбэтэр киһи ыалдьыбыт сибикитэ суох сылдьан эмискэ охтон түһүөн, суорума суолланыан сөп.  

Яковлева Екатерина Анатольевна – терапевт быраас, инстаграм ситимигэр @dr.kyn_888 диэн сахалыы блогтаах.  Кини гипертония туһунан судургу тылынан кэпсиирин, сүбэлиирин сэргээн ааҕыҥ. 

 

Искэн ыарыыга тэҥнээх

Гипертония – хаан баттааһынын ыарыыта, хаан сүүрэр тымырдарын үрдээһинэ буолар. Билбэт киһиэхэ маннык быһаарыам.  Хаан сүүрэр тымырыгар сүһүрүү барар, ону, холобур,  күөмэй ыарыытыгар,  ангинаҕа холуохха сөп, тымыр иһэ кытарар, оннук  кытардаҕына, бааһырдаҕына атеросклероз, холестерин “бляшкалара” үөскүүр уонна тымыры бүөлүүр, кыаратар, хаан баттааһына үрдээһинигэр тиэрдэр.

Гипертония икки көрүҥҥэ арахсар: бастакыта – ыарыы сибикитэ биллибэт, хаан баттааһына уора-көстө үрдүүр. Иккиһэ –  ис уорганыҥ мөлтөөтөҕүнэ, бэргээтэҕинэ хаан баттааһына үрдүүр. Онно эбии адаптацияны ааспат түгэн, куһаҕан дьаллык, стресс, сыыһа аһааһын, утумнааһынынан бэриллэр ыарыы киирэр.

Гипертония онкология араак ыарыытыгар тэҥнэһэр күүстээх.  Искэн туһунан истибит киһи барыта этэ тардар, куттанар. Хаан баттааһына үрдүүрүгэр ким даҕаны кыһаллыбат, баар да баар, бары ыалдьыахтаахпыт курдук саныыбыт.

Хаан баттааһына тоҕо үрдүүрүй?

1. Үгүс дьоҥҥо ыарыы сибикитэ суох буолар. Киһи дабылыанньата биллэрбэккэ күүскэ өрө тахсыан сөп, хас эрэ сыл устата үрдүк турукка сылдьан баран эмискэ инфаркт, инсульт буолан тутатына ыалдьан, эмискэ суорума суолланыан сөп.

 

2. Ыарыһах хаһан даҕаны бырааска көрдөрүммэт буоллаҕына... Хаан үрдээһинэ эмискэ инфаркт, инсульт ыарыыга тиэрдиэн сөп. Бу киһи хаан үрдээһинэ ыарыылааҕын өр кэмҥэ билбэккэ сылдьыан, олус баалатыан сөп. Оннук элбэх киһи эмискэ өлөр.

 

3. Киһи күн аайы дабылыанньа түһэрэр эми иһэр, ол үрдүнэн хаана үрдүүр буоллаҕына... Хайаан даҕаны быраас эмин дозатын көннөрөн биэриэхтээх эбэтэр эмин уларытыахтаах. Сороҕор ис, оһоҕос киртийбит, киһи хойуута мэлдьи хаайтарар, мээнэ аһыыр буоллаҕына эмиэ дабылыанньата тахсар, оччотугар ыраастаныан наада.

4. Туустаах ас эмиэ хаан баттааһынын үрдэтиэн сөп. Билиҥҥи кэлии  ас элбэх туустаах. Гипертоник сууккаҕа 3 грамм тууһу сиэхтээх.

5. Ыарыһах эмин кэмигэр испэт, көтүтэр, умнар. Эбэтэр дабылыанньата тахсыбыт эрэ кэмигэр иһэр буоллаҕына, эмэ туһалаабат буолуон сөп. Дабылыанньа эмэ эмтээбэт диэн өйдөөҥ, кини эһигини харыстыахтаах эрэ. Биир дабылыанньа эмэ сүрэххин, хараххын, бүөргүн харыстыыр.

 

6. Гипертония эмин хаһан даҕаны сарсыарда иһимэ, киэһэ утуйуоҥ иннинэ ис, үчүгэйдик утуйуоҥ. Дабылыанньа түүн утуйа сытар кэмҥэр уоран тахсар. Ол иһин инфаркт, инсульт ыарыыттан дьон үксэ түүн үөһэ тыыннара быстар. Суһал көмө, быраас кэлэригэр тиийбэккэ хаалыахтарын сөп.

 

7. Дабылыанньа эмин көтүтэр, сынньатар табыллыбат. Эбэтэр сорох дьон өр кэмҥэ иһэн баран, хаан баттааһына биир кэм буоллаҕына, үчүгэй буоллубут, үтүөрдүбүт диэн эмтэрин испэттэр. Оччоҕо ыарыылара хос көбөр, бумеранг курдук төттөрү кэлэ турар.

 

8. Гипертония психосоматикаттан быһаччы тутулуктаах. Ол аата киһи санаатыттан, майгытыттан бу ыарыы көбүөн сөп. Холобур, сорох ийэлэр, эбэлэр бэйэлэрин умнан туран, чугас дьоннорун олохторугар бааһаллар, орооһоллор, хонтуруоллууллар. Кинилэр бу ыарыынан ордук ыалдьыахтарын сөп.

9. Киһи бэйэтин көрүммэт, санааҕа ылларан элбэхтик аһыыр, ол түмүгэр уойар.  Кэнники кэмҥэ төрөөбүт аспытын таҥнаран, тас дойду  аһылыгын амсайарбыт үксээтэ, сорохтор көстүлэр да диэххэ сөп. Сонун дойду аһа уратыта диэн амтаннаах, туустаах, аһыы, сытыы сыттаах, минньитэр абылаҥнаах, киһини тардар күүстээх. Тас дойду аһа мөкүтэ элбэх, рафинированнай технологиялаах оҥоһуллар (ол аата бородууксуйа өр буорту буолбатын диэн араас технологияны туһаналлар. Харчы хамсыырын, бизнес сайдарын туһугар ону-маны тобулаллар). Бары буортулаах ас буоларын бэркэ билэбит, ол эрээри син биир сиибит. Эбиитин үлэ кэннэ аччык сылдьан мээнэ аһы атыылаһабыт, аччык мэйии глюкоза көрдүүр, түргэнник тотор аска наадыйар. Ол иһин бэйэҕит да билбэккитинэн оннук аһы ылбыт буолаҕыт.  Улааппыт, сиппит-хоппут киһи элбэхтик аһыыра көҥүллэммэт, уҥуоҕа улааппат, ол оннугар мээнэ аһаабыта сыаҕа кубулуйуон сөп. Уойбут, улахан истээх киһи ыарахан куулу сүгэргэ тэҥнэһэр. Ыйааһыныҥ эбилиннэҕинэ, аҕылыыгын, уҥуохтарыҥ уйбат буолаллар.

Хайдах харыстанабыт?

✅Дабылыанньаҥ эмин куруутун көтүппэккэ ис.

✅Сылга биирдэ-иккитэ бырааска көрдөр, сүбэлэт. Ыалдьыбыт эрэ кэмҥэр буолбакка, чэгиэн сылдьар кэмҥэр эмиэ көрдөрүн, эрдэттэн харыстан.

✅Хаан сүүрэр тымырдара бааһырбытын ОМЕГА 3 (рыбий жир) эрэ харыстыыр, сүһүрүүнү бохсор, олус күүстээх көмөлөһөр дьайыылаах.

✅Сүрэх кальцийа, магнийа тиийбэт буоллаҕына баарын биллэрэр. Ол иннинэ кальций, магний састааптаах минералла ис.

✅Сүрэх КОЭНЗИМ Q10 диэн бэйэтэ ферменнээх. Коэнзима бүттэҕинэ эмиэ ыалдьар, ытыыр, сүрэх үлэтэ кэһиллэр. Онон Коэнзимы хайаан даҕаны эрдэттэн ис.

✅ Дьахтар биилэ ортотунан 85 см, эр киһи биилэ 95 см буолар.

✅Сөпкө аһыыр киһи бэйэтин таптыыр уонна убаастыыр буолар. Хас күн аайы 30 мүнүүтэ сатыы хаамыҥ, сэрээккэлээҥ, үҥкүүлээҥ, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...