Гиирэ спордугар оҕолор күрэхтэстилэр
Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолор гиирэ спордугар ким ордук бэлэмнээҕин, күүстээҕин быһаарыстылар.
– 2007-2009 сс.т. кыргыттарга 14 кг ыйааһыннаах гиирэҕэ 48 кг Рубина Андросова (Үөһээ Бүлүү), 53 кг Василина Матвеева (Таатта), 58 кг Валерия Слепцова (Уус Алдан); 16 кг гиирэҕэ уолаттарга саамай кыра ыйааһыннаахтарга 53 кг Артем Борисов (Бүлүү), 58 кг Радик Кривошапкин (Чурапчы), 63 кг Александр Данилов (Үөһээ Бүлүү);
2005-2007 сс.т. кыргыттарга 16 кг гиирэҕэ 63 кг ыйааһыннаахтарга Анастасия Степанова (Нерюнгри), 63 кг үөһэ Дарья Черникова (Нерюнгри); уолаттарга 24 кг гиирэҕэ 68 кг Виталий Николаев (Үөһээ Бүлүү), 73 кг Максим Арсентьев (Дьокуускай), 73 кг үөһээ ыйааһыннаахтарга Илья Соболев (Нерюнгри) оҕолорго өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ буоллулар.
Хамаанданан түмүккэ Үөһээ Бүлүү бастаата, Таатта – иккис, Нам үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. Дьокуускай – төрдүс, Чурапчы – бэһис, Нерюнгри – алтыс, Хаҥалас – сэттис, Бүлүү – ахсыс, Уус Алдан – тохсус, Сунтаар онус буолуталаатылар.
Бу туһунан элбэх спорт маастарын бэлэмнээбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ Василий Николаевич Дьячковскай иһитиннэрдэ.