ГИБДД ыҥырыахтааххыт
«Массыынаҕыт айаннаан иһэн суол куһаҕаныттан алдьаммыт-кээһэммит, буорту буолбут буоллаҕына – ол аата эһиги суол саахалыгар (ДТП) түбэспиккит. Салҕыы айаннаабаккыт, саахал тахсыбыт балаһыанньатын барытын төһө кыалларынан бэлиэтиэхтээххит. Инникитин саахалга буруйдаах дьонтон компенсация ирдэһиэххитин сөп, – диир автоюрист М.В. Колодезникова. - Биһиги дьоммут, үгэс курдук, массыыналарын суол дьааматыгар күүскэ саайан, хастырытан, онтуларын-мантыларын эмтэритэн да баран, салҕыы айанныы тураллар. Дьиҥэр, маннык түгэҥҥэ хоромньуну куорат салалтатыттан, суолу оҥорооччулартан төлөтүөххэ сөп».
Суол быраабылата тугу ирдиирин барытын оҥорорго кыһаллыахтааххыт. Саахал буолан тохтообуккут туһунан бэлиэни суолга таһааран ууруохтааххыт, аварийнай сигналларгытын холбуохтааххыт уонна хайаан да ГИБДД ыҥырыахтааххыт.
ГИБДД кэлэрин булгуччу кэтэһэҕит. Кэтэһэр кэмҥитигэр суол алдьаммыт учаастагын, массыынаҕыт хайдах быһыылаахтык турарын уонна кээһэниитин барытын хаартыскаҕа түһэрэҕит.
ГИБДД үлэһиттэригэр барытын сиһилии быһааран биэриҥ. Быһаараргытыгар хайаан да суол алдьаммыт учаастагын ыйыахтааххыт, ону сурукка киллэртэриэхтээххит уонна “Неровная дорога” диэн суол бэлиэтэ суоҕун көрдөрүөхтээххит. Массыынаҕыт алдьаныытын инспектор уопсай тылынан суол саахалын туһунан докумуонугар сурунан ылар: тугу да көтүппэтин курдук хонтуруоллааҥ. Хайаан да тас өттүгэр баар харахха быраҕыллар алдьаныы таһынан, массыына иһинээҕитигэр эмиэ кээһэнии баар буолуон сөбүн бэлиэтэтиҥ. Суол саахалын схематын толороллоругар суол алдьаммыт учаастага булгуччу киирэрин ирдээҥ. Инспектор суол алдьаныытын, хайдах быһыылаах дьаама сытарын эҥин барытын суруйуохтаах.
Суох саахалын схемата (Схема ДТП) – саамай сүрүн докумуон. Инспектор суол алдьаныытын бэлиэтээбэтэҕинэ – сөбүлэһимэҥ, кэлин сууттаһан хоромньугутун толуйтараргытыгар саамай наадалаах туоһу докумуон бу буолар. Суол саахалын схематын кытта сөпсөспөт буоллаххытына, суругунан ону бэлиэтээҥ. Докумуоннарга эһиги суол быраабылатын кэспэтэххитин хайаан да ыйыахтаахтар.
Салҕыы массыынаҕыт өрөмүөнүн сыанатын суоттуугут. Онуоха тутулуга суох сыаналааччы (независимый оценщик) өҥөтө наада буолар. Хоромньу сыаналааһына дьиҥнээҕинэн барарын курдук, саахал кэннэ массыынаҕытын сүүрдүбэтэххит ордук.
Онтон суукка иск суруйан киллэрэҕит, тоҕо диэтэххэ, “Об автомобильных дорогах и дорожной деятельности в РФ” Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, суолунан туһанааччылар, ол аата суоппардар, көлөлөрүгэр оҥоһуллубут буортуну, доруобуйаларыгар, бас билиилэригэр тахсыбыт хоромньуну суолу үлэлэтээччилэртэн, өрөмүөннээччилэртэн, хааччыйааччылартан толуйтарар бырааптаахтар.