Герой албан аатын үйэтитэр сквер тутуута түмүктэннэ
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Судаарыстыбаннас күнүгэр, Дьокуускай куоракка өссө биир бэлиэ түгэн үүнүөҕэ. Ол курдук, Сайсары уокуругар Сэбиэскэй Сойуус Геройа Владимир Лонгинов скверин үөрүүлээх аһыллыыта буолуоҕа. Бу туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
3-с Академическай уул. 20, Владимир Лонгинов боруонса бюһа уонна 9 миэтэрэ үрдүктээх стела туруоруллуоҕа. Эбийиэк тутуутугар 4, 5 мөлүйүөн солкуобай үп көрүллүбүт.
Былырыын балаҕан ыйын 2 күнүгэр, Герой төрөөбүтэ 100 сыла туолар күнүгэр, сквер тутуллуохтаах сиригэр улахан субуотунньук ыытыллыбыта. Онно куорат баһылыга Сардана Авксентьева кыттыыны ылбыта. Үгүс кэпсэтии, мунньах, сүбэлэһии түмүгэр бырайыак олоххо киирдэ.
Санатар буоллахха, үлэ ыам ыйыттан саҕаламмыта. Герой мөссүөнүн үйэтитэр үрдүк эппиэтинэс скульптор Виктор Федоровка сүктэриллибитэ.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Матвей Торговкин үлэ болдьоммут күнүгэр түмүктэниэхтээх диэбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, бэдэрээтчигинэн “Капитал” тутуу хампаанньата үлэлээтэ.
“Сквер тротуарын уонна бордюрун оҥорууга туруору былааннааһын үлэтэ түмүктэннэ. Скульптор 500 кг ыйааһыннаах боруонса бюһу кутар. Пилоннары кэлин туруоруохпут”, – диэбитэ технадзор сүрүн исписэлииһэ Лена Лазарева.
Сквер үөрүүлээх аһыллыытын кэннэ сырдатыы үлэтэ түмүктэниэҕэ.
Санатар буоллахха, Сэбиэскэй Сойуус Геройа Владимир Лонгинов аатынан сквер Сайсары уокуругун бэтэрээннэрин сэбиэтин көҕүлээһиннэринэн уонна Уус Алдан, Горнай улуустарын өйөбүлүнэн тутулунна. Герой албан аатын ааттатар аналлаах тутуу Кыайыы 75 сылын үтүө өйдөбүнньүгэ буолуоҕа.