Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.
Манна үлэбит-хамнаспыт саҕаламмыта, ийэ-аҕа буолбуппут
– Герман Егорович, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.
– Мин 1962 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Ийэлээх аҕам 67 сыл бииргэ олорбуттара. Билигин ийэм 94 саастаах. Бииргэ төрөөбүттэр аҕыспыт.
Оскуоланы 1979 сыллаахха бүтэрбитим. Оччотооҕу оҕо суолунан барбытым: оскуола кэнниттэн сопхуоска үлэ, аармыйаҕа икки сыл сулууспа. Ол кэнниттэн Биробиджаннааҕы медицинскэй училищены бүтэрэммин, 1987 сыллаахха Дьокуускай куоракка Пригороднай сэлиэнньэтигэр Биэлсэр-акушер пуунун (ФАП) сэбиэдиссэйинэн анаммытым. Онон үлэһит буолбут сирим – Пригороднай. Биэс сыл медпууҥҥа биэлсэрдээбитим. Онтон сэбиэскэй былаас эстэн, оччотооҕу кэм ирдэбилинэн ырыынак, урбаан эйгэтигэр барбытым. Кэлин Уһук Илиннээҕи Судаарыстыбаннай сулууспа академиятыгар менеджер, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар экономист, юрист үөрэхтэрин бүтэрбитим.
Билии уонна идэлээх буолуу олох хаамыытын биир ирдэбилэ этэ. Киһи билиитэ хаһан да хаалбат, үлэбэр туһалаах буолуохтара диэн санааттан үөрэххэ тардыһыым күүстээҕэ.
1987 сыллаахха кэргэмминиин холбоһуохпутуттан Пригороднайга олохсуйбуппут, онон үлэбит-хамнаспыт саҕаламмыт, ийэ-аҕа буолбут нэһилиэкпит күн бүгүҥҥэ диэри хайдах сайдан кэлбитин көрбүт олохтоох ыал буолабыт. Икки оҕолоохпут, сиэннэрдээхпит.
Сайыннары-кыһыннары үлэ күөстүү оргуйара
– Историяны сэгэтэн көрөр буоллахха, үлэҕин саҕалаабыт сириҥ хайдах, туох дьарыктаах нэһилиэк этэй?
– Аан бастаан Пригороднайга кэлэрбитигэр нэһилиэнньэтэ кыра этэ. Түөрт эрэ саха ыала баар этибит. Историяны сэгэтэр буоллахпытына, 1962 сыллаахха тэриллибит «Хатас» сопхуос салаата. Дьаһалтабыт Хатаска баара. Балыыһабыт – Хатаска. Биһиэхэ медпуун эрэ. Оччолорго аҕыс кылаастаах оскуола, дьыссаат, кулууп, библиотека. 1992 сыллаахха диэри Пригороднайбытыгар улахан тэпилииссэ хаһаайыстыбата баара. Тыһыынча гектар сиргэ помидор, оҕурсу үүннэрэр этилэр. Олохтоохтор үгүстэрэ бу хаһаайыстыбаҕа үлэлииллэрэ. Пригороднай куорат лааппыларын, эрэстэрээннэрин оҕуруот аһынан хааччыйара. Ол курдук, сылын аайы 2000-тан тахса туонна оҕуруот аһын үүннэрэллэрэ. «Хатас» сопхуоска Пригороднай салаатын тутан олорбут элбэх механизатор баара. Арыыларга күргүөмнээх от үлэтэ буолара. Билиҥҥи «Пригороднай» диэн оптуобус тохтобулун аннынан 100 төбөҕө аналлаах хотонноох этибит. Онон «Хатас» сопхуоска оҕуруот аһын үүннэрэр тэпилииссэлэригэр, хортуоппуй, хаппыыста бааһыналарыгар, сибиинньэ, сүөһү хотонноругар, сири оҥорууга, окко сайыннары-кыһыннары үлэ күөстүү оргуйара. Биир даҕаны үлэтэ суох көннөрү хаамар киһи суох буолара.
Онтон 1992 сыллаахха былаас уларыйыытыгар, сопхуос эстибитин кэнниттэн биирдэ «чуумпу» олох буола түспүтэ. Бу тигинэччи үлэлии олорбут дьоҥҥо төһөлөөх ыарахан буолуой?! Күн солото суох ас-үөл ортотугар сылдьыбыт үлэһит дьон туругар, ыал олоҕор улахан охсуу бөҕө буоллаҕа.
Мин биэс сыл медпууҥҥа үлэлиирбэр оскуола, уһуйаан оҕолорун доруобуйаларын көрүү, быһыыны туруоруу соҕотох биэлсэр эбээһинэһигэр киирэрэ. Оччотооҕуга гаас суох. Медпуун түөрт кыбартыыралаах дьиэҕэ турбута. Санитаркабыныын үлэһиттэр иккиэйэхпит. Сарсыарда тыбыс-тымныы кыһыҥҥы күннэргэ биһиги медпууммут оһоҕо оттуллан, сып-сылааһынан ил гынара, тиэргэн хаара күрдьүллүбүт буолара, испириистэрим оргуйа тураллара, ып-ыраас маҥан халааппын кэтэрим – билигин даҕаны санаатахпына, дууһам сүрдээх үчүгэй сүүрээнинэн туолар. Оччолорго медпууммутугар үлэлиир-үлэлээбэт төлөпүөннээх этибит. Үлэлээбэт буоллаҕына, билиҥҥи Чернышевскай уулуссатыгар «Саханефтегаз» заправкатын утары 4 ГОМ-ҥа, түүн-күнүс сүүрүүнэн кэлэммин, куораттан суһал көмөнү ыҥырар буоларым. Оскуолаҕа уонна медпууҥҥа баар төлөпүөннэрбит оннук үлэлииллэрэ.
Бастакы хамсааһыннар, политикаҕа маҥнайгы хардыы
– Дьокуускайга бастакы Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын (ТОС – территориальные органы самоуправления) тэрийиигэ Пригороднай балаһыанньата хайдах этэй?
– Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр биһиги нэһилиэкпит умнууга барбыта. Тэпилииссэ хаһаайыстыбата сабыллыбыта. Хотон кураанахтаммыта. Дьон бөҕө ыал ыалынан үлэтэ суох хаалара үксээбитэ. Прописка боппуруоһунан Хатаска бардахтарына, куоракка ыыталлара. Куоракка тиийдэхтэринэ, Хатаска ыыталлара. Оскуола, спорт саалата, медпуун, дьыссаат, кулууп үлэлиирэ. 1997 сыллаахха дьыссааппыт сабыллан, дьиэтин чааһынай бас билиигэ биэрэллэр. Онтон библиотекабыт сабыллар. «Хайдах буолабыт?» диэн нэһилиэнньэ иннигэр улахан боппуруос турбута. «Төттөрү тугу эрэ сөргүтүүһүбүт» диэн сүбэлэһии буолбута.
2000 сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олохтоох бэйэни салайыныыга бастакы хамсааһыннар саҕаламмыттара. Ити кэмҥэ Дьокуускай куорат мээрэ Илья Филиппович Михальчук 18 ТОС тэрийбитэ, онно Пригороднай эмиэ киирбитэ. Мээрийэ миигин Пригороднай баһылыгынан аныыр. Үлэм бөһүөлэк иһигэр култуурунай-маассабай үлэни сүрүннээһин курдуга, нэһилиэк сайдыытыгар тутах баҕайы этэ. Ол иһин олохтоох бэйэни салайыныы нэһилиэк иһигэр буолуохтаах диэммит былааннаспыппыт. Оччотооҕуга Ил Түмэн дьокутаата Владимир Поскачин уонна Александр Подголов сүбэ-ама буолбуттара. Референдум оҥорон, олохтоох бэйэни салайыныы мунньаҕын тэрийэммит, бэйэбит территориябытын, бэйэни салайыныы устаабын бастаан ылыммыппыт. Куоластааһыҥҥа 500 быыбардааччы баарыттан 360 киһи кэлэн көхтөөхтүк кыттыыта – бу дьон-сэргэ нэһилиэк инникитигэр ыалдьарын чаҕылхай туоһута этэ. Мин онно олохтоохтор өрө туруммуттарыттан олус сөхпүтүм. Уопсай дьыала туһугар ыалдьалларыттан.
Пригороднайга оччолорго биир даҕаны ыалга төлөпүөн суох. Эгэ, гаас кэлиэ дуо?! Дьиэлэрбит аннынан гаас Хатаска ааспыта отут сыл буолбут кэмэ этэ. Олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн нэһилиэнньэни гаастааһыҥҥа улахан хамсааһыны аан бастаан саҕалаабыппыт. Ол бастакы референдумҥа баһылык норуоттан бастакы туруута. Хандьыдааттар төрдүө этибит. Ити мустубут 360 киһи илиилэрин уунан, мин туспар куоластаабыта, баһылыгынан талбыта долгутуулаах уонна улахан эппиэтинэс даҕаны этэ. Былыргы холкуостаахтар илиилэрин уунан уос номоҕо буолар быыбардарын курдугу 2000 сыллар кирбиилэригэр Пригороднайга оннук сөҕө уонна долгуйа көрбүттээҕим. Бу түгэн политикаҕа маҥнайгы хардыым буолбута. Ол эбэтэр олохтоохтор референдумунан талбыт быыбардара. Ол курдук дьон былаас уларыйыытын, үлэтэ суох хаалыыны эмиэ да дьиксинэ, долгуйа көрсүбүттэрэ, уйаларыгар уу киирэн маннык туруммуттара. Бу санаатахха, бэйэбит эрэ хамсаныы оҥордохпутуна олорор нэһилиэкпит дьылҕата быһаарыллар эбит диэн өй-санаа чиҥник иҥмит эбит. Пригороднай сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох бэйэни салайыныы нэһилиэгинэн барыыга бастакы хамсааһыннары итинник саҕалаабыппыт.
2001 сыллаахха кулун тутарга СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев Пригороднайга кэлэ сылдьыбыта. Онно ыалларга даҕаны төлөпүөн киирэ илигэр суотабай сибээс кэлиэҕин кэпсээбитин олохтоохтор олох остуоруйа курдук истибит харахтара субу баарга дылы. Куораттан бу чуп-чугас олорор нэһилиэк дьонун өйө-санаата итинник кэмэ этэ.
Дьон-сэргэ сэргэхсийбитэ, инникигэ эрэл үөскээбитэ
– Пригороднай аннынан Хатаска гаас ааспыта ырааппыт кэмигэр нэһилиэккэ гаастааһын үлэтэ хайдах барбытай?
– Дьокуускай куорат – улахан судаарыстыбаннай уорган. Биһиги курдук нэһилиэктэргэ бэйэни салайыынан хамсааһыннар саҕаламмыттара кинилэргэ хас да бүк үлэ эбит этэ. Территория тыырсааһына, сыл ортото бүддьүөт алдьаныыта. Ол барыта бөрүкүтэ суох өттүнэн биһиги курдук саҥа хамсааһын оҥорооччуларга охсуулаах буолан тахсыбыта. Хомойуох иһин, биһигини өйөөччү буолбакка, утары үлэ элбэҕэ. Быыбары сыыһа ыыттылар диэнтэн саҕалаан территорияны тыырыыга тиийэ үҥсэн суукка дьыала оҥорбуттара. Үс суукка биэрбиттэрин түмүгэр мин, быыбардаммыт баһылык, икки аҥаар сылы быһа муниципальнай тэриллии баһылыгынан биир-биэс хамнаһа суох үлэлээбит кэмнээҕим. Билигин ону санаатахпына, киһи даҕаны сонньуйар дьыалата. Онно бастакы саҕалааһыннар буоллахтара эрэ диир кыахтаахпын.
Ол суукка үҥсүү түмүгэр үс сууту икки аҥаар сыл буолан баран Хабаровскайга үһүөннэрин кыайбыппыт. Уонна дьиҥнээхтик «Пригороднай нэһилиэгэ-муниципиальнай тэриллии» диэн ааппытын (статуһу) бигэргэппиппит. Ити сылларга төһө даҕаны статуспут быһаарылла илигин иһин, нэһилиэнньэбит олоҕо тупсарыгар үлэбитин ыыта олорбуппут. Ол курдук аан бастаан гаастааһыҥҥа сүрүн болҕомтобутун уурбуппут. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кырдьаҕастарга дьиэлэринэн гаас киллэриитигэр анал бырагыраама баарыгар киирсибиппит. Онно өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 65 ыалга гаас киирбититтэн 25-һэ Пригороднай олохтоохторугар буолбута. Бу биһиги бэйэбит хамсаныыбыт улахан кыайыыта этэ. 2003- 2004 сылларга сэлиэнньэ ыала 100 % гаастаммыта.
Оттон 2002 - 2003 сылларга 100% телефоннаммыта. Нэһилиэк дьонун-сэргэтин ортотугар сэргэхсийии буолбута, инникигэ эрэл үөскээбитэ, аныгы кэм сайдыытын сайа охсуута маннык саҕаламмыта.
Тыа сирин статуһун хааллартарбыппыт
– Сайдыы түргэнник барбыта. Кулууппутун улаханнык туруорсуу түмүгүнэн нэһилиэкпитигэр ылбыппыт уонна бэйэбит күүспүтүнэн өрөмүөн оҥорбуппут. Чахчы, дьон-сэргэ тоҕуоруһар киинигэр кубулуйбута.
2003 сыллаахха оскуолабыт, спорт саалабыт, кулууппут умайан хаалбыта. Оскуолабытын дьыссаат дьиэтигэр оҥорон, оттон уһуйааммытын олохтоох дьаһалта дьиэтигэр олохтообуппут, уустук балаһыанньаттан оннук тахсыбыппыт. Онно медпууну эмиэ көһөрбүппүт. Бу үс эбийиэк өрөмүөнэ үтүө дьыала чэрчитинэн буолбута. Харчыта кыайан көмүскэммэккэ, үлэлээбит бэдэрээтчиттэргэ бэйэм кэтэх микрооптуобуспунан төлөспүтүм. Оччолорго оннук үлэлээн-хамсаан олорбуппут.
Уопсай дьыала туһугар диэн санаанан салайтарарбыт элбэх буолара. Саҥа оскуола агрооскуола буоларыгар үлэни ыыппыппыт. Оскуола кэлэктиибэ уонна Пригороднай дьаһалтата буолан Төлөйгө тиийэн, агрооскуола статуһун көмүскээбиппит. Өрүс уҥуоргу агрооскуолалар саҥа үлэлээн кэмнэрэ этэ. Оччолорго СӨ Бэрэсидьиэнэ В.А. Штыров тыа сирин оскуолаларын бу хайысхаҕа өйүүр уурааҕа тахсыбыта. Онон дьэ оскуола сайдыытыгар саҥа хайысха киирэр саамай үгэннээбит кэмэ этэ. Үөрэх министиэристибэтин өттүттэн харчы биэрии, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өттүттэн тиэхиньикэнэн хааччыйыы курдук улахан өйөбүл баара. Оннук үлэ күүскэ барбыта. Ол кэмҥэ Төлөй 120 миэстэлээх оскуолатын көрөн сөбүлээбиппит. Томпоҕо Теплай Ключка тиийэммит оскуола бырайыагын көрөн, бу билиҥҥи оскуола тутуутун саҕалаабыппыт. Оччолорго биһиэхэ 60 эрэ үөрэнээччилээх этибит. Саҥа оскуоланы “Агрошкола с детским садом” диэн 25 миэстэлээх дьыссаат, голландскай технологиялаах сылы эргиччи үлэлиир тэпилииссэлээх былааннаабыппыт – бу тыа сирин статуһун тутан хаалар үлэни ыыппыппыт.
– Тыа сирин сэлиэнньэтэ статус олохтоохторго туох көмөлөөх этэй?
– Нэһилиэкпитигэр 5 дьокутааттаах этибит. Кинилэрдиин ыкса биир сыалы тутуһан бииргэ үлэлээбиппит. Тыа сиригэр олорор нэһилиэкпит диэн статуспутун күүскэ көмүскээбиппит. Дьокутааттарбыныын олохтоох нэһилиэнньэ элбэх сыллар тухары сири кытта үлэлээн-хамсаан кэлбит дьарыктарын хааллараары, кэнэҕэски ыччаппытын иитэр сыаллаах, сири-уоту оҕолор үлэлииллэригэр анаан үлэни ыыппыппыт. Ол манна эбэлэрэ, эһэлэрэ үлэлээбит сирдэригэр, бааһыналарыгар тэпилииссэ хаһаайыстыбатын сөргүтэргэ диэн соруктаах этэ. Онно агрооскуола сүрүн суолталаах буолуохтааҕа. 2003 сылтан олохтоох бэйэни салайыныы улууһунан барааһын буолбута. Онон биһиги нэһилиэк Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатыгар киирбиппит. “Куорат иһинээҕи муниципальнай тэриллии” диэн буолбуппут. Куорат иһигэр киирдэрбит даҕаны, тыа сирин статуһун хааллартарбыппыт. Онон дьоммут хамнастарын «сельскэйинэн» ылаллар, нолуокпутун, гааспытын, уоппутун эмиэ ити статуспутунан төлүү олоробут. Ол барыта икки өттүттэн сөбүлэҥҥэ олоҕурара. Ол кэмҥэ куорат иһинээҕи тыа сирин статустаах нэһилиэк буоларбыт туһата олохтоох нэһилиэнньэҕэ итинник анал чэпчэтиилэр көрүллэллэрэ. Дьэ ити барыта оччотооҕу кэм ыйыытыгар сөп түбэһэн, бириэмэтигэр сөптөөх хамсаныылары оҥороммут, дьокутааттарбытыныын, уопсастыбаннаһы кытта бииргэ сүбэлэһэн үлэбит түмүгэ этэ.
Ол ситиһиибит олус уһаабатаҕа. Саҥа сокуон тахсыбыта – куорат иһинээҕи муниципальнай тэриллии суох буолуохтаах диэн буолбута. 2005 сыллаахха мин болдьоҕум туолан, үлэлээн бүппүтүм. Ити сокуон кэнниттэн күн бүгүҥҥэ диэри баһылык диэн буолбакка, салайааччы диэн дуоһунас баар. Ол кэмтэн сэлиэнньэ салайааччыларынан ананан, үлэлээн кэллилэр: Жмакин В.С., Ильдекин П.И., Кармадонова С.А., Негнюров И.Ю., Пинигин В.Е.
2005 сыллаахха агрооскуолабыт сыбаайата түспүтэ. Ити саҕана салалта уларыйан, хомойуох иһин, көмүскээбит бырайыакпыт – агрооскуола статуһа олоххо киирбэтэҕэ. Саҥа оскуола аныгылыы хайысханан үлэлиир.
Нэһилиэкпит сайдыытыгар баҕа санаа
– Төһө да 21 сыл аастар, оччотооҕу үлэбитин олус үчүгэйдик саныыбын. Нэһилиэкпит сайдыытыгар бэйэм кылаатым баарыттан үөрэбин. Ол сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта үтүө дьыаланан өрөмүөннэммит дьиэбитигэр күн бүгүҥҥэ диэри медпуун, почта, кулууп уонна дьаһалта үлэлии турар. Билигин Пригороднай сэлиэнньэтигэр 7000 киһи олорор. Биһиги 120 миэстэлээх оскуолабытыгар 470 миэстэлээх салҕааһын судаарыстыбаннай уонна чааһынай партнерство бырагырааматынан тутуллубута. 270 миэстэлээх уһуйааннаахпыт. Быйыл сайын Роспотребнадзор ирдэбилигэр эппиэттэспэт буолан, медпуун үлэтэ тохтоон турар. Саҥа поликлиника суһаллык тутулларын 7000 киһилээх нэһилиэнньэ кэтэһэр.
Сэлиэнньэбитигэр поликлиника уонна МФЦ дьиэтэ тутулуннаҕына, урукку дьиҥнээх бөһүөлэк Набережнайтан саҕалаан уулуссатыгар сырдатыы үлэтэ ыытылыннар, Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх. МФЦ дьиэтигэр спорт саала, кулууп, дьаһалта, библиотека, музей бырайыага оҥоһуллан тутуллара буоллар. Онон Дьокуускай куораттан чуп-чугас сытар Пригороднай нэһилиэк бүгүҥҥү сайдыытыгар тохтоон аастахпына, итинник.
Дьоҕус түөлбэ баар буоларыгар үлэлэһэбит
– Уопсастыбаннай үлэҕэр тохтоотоххо, олохтоохтор көрдөһүүлэринэн кинилэр биир бүччүм былааннарыгар ылсыспытыҥ бу хайҕаллаах уонна кэскиллээх дьыала эбит. Бу туһунан кэпсии түс эрэ.
– 2006 сылтан күн бүгүҥҥэ диэри тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр уопсастыбаннай үлэ быһыытынан Пригороднай сэлиэнньэ маастар-былааҥҥа сири-уоту кэлим сайыннарыыга (КРТ) киирэригэр үлэлэһэбин. 2004-2005 сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар уһуннук үлэлээбит дьоммутугар 3 гаа анабыл сир биэрбиттэрэ. Биэнсийэлээх, саастаах дьон бу сирдэрин ИЖС көһөрөргө өр сылларга бэйэлэрин күүстэринэн биирдиилээн туруорсуулара түмүгэ суох буолбутугар, көрдөспүттэригэр бу боппуруоска ылсыбытым. Куорат ортотугар баар сир «сельхозугодие» диэн статуһа син биир хаһан эмэ ИЖС буолуохтааҕын билэбит. Бу боппуруоһу кыайан быһаартарбатах дьон мустан, икки сыллааҕыта үстүү гаалаах уон биир киһини мунньан, «Трудовик» диэн СНТ (садовое некоммерческое товарищество) регистрацияланан, даача учаастага тэриммиппит. Миигин манна Бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Дьэ уонна бу сирдэргэ туох инники үлэ барыахтааҕын торумнаатыбыт.
Сибиинньэ комплекса сабыллара өйдөнөр боппуруос этэ. ИЖС оскуолалаах, уһуйааннаах, поликлиникалаах, баһаарынай чаастаах, билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир суоллаах-иистээх, гаас, уулусса уота хайдах ханан ааһыахтааҕа, аспаал, тротуар, ону таһынан бөх тоҕор дьааһыктар ханан туруохтаахтарын барытын былааннаан, дьон олороругар сөптөөх усулуобуйалаах дэриэбинэ буолуохтаах. Сир боппуруоһа сүрдээх улаханнык сыаналанна.
Бу кэнники сылларга биһиги Пригороднайбыт күн-түүн улаатан иһэр. Онон Хатас диэкинэн тыа хаһаайыстыбатын сириттэн ИЖС көһөрөннөр, КРТ киирэн, туһунан оскуолалаах, уһуйааннаах үстүү гаалаах сирдэргэ аныгылыы тииптээх барыта биир оҥоһуулаах дьиэлэрдээх дьоҕус түөлбэ баар буоларыгар күн бүгүн үлэлэһэбит.
Өксөкүлээх сэргэлэрэ, өбүгэ ситимэ, төрүт дьарык
– Уопсастыбаннай үлэбэр эбэн эттэххэ, төрөөбүт улууспар 2012-2017 сылларга Оҥхой нэһилиэгэр быыбарданан, биэс сыл баһылыктаабытым. Өксөкүлээх Өлөксөй Сахабыт сиригэр үс сиргэ сэргэ туруорбутуттан биирэ Оҥхойго баарын туһунан кини сиэнэ Людмила Реасовна Кулаковская үөрэппитигэр олоҕуран, биһиги ыкса сибээс тутаммыт, бу тула үлэни ыытан саҕалаабыппыт. 1904 сыллаахха Чурапчы Арыылааҕар ыһыах ыспыт. 1905 сыллаахха Марха улууһун Аһыкай нэһилиэгэр (билигин ол сир Үөһээ Бүлүү Оҥхой нэһилиэгэ) кэлэн, ыһыах ыһан, үс сэргэни туруоран, ону буор кут диэн ааттыыр. 1924 сыллаахха Өймөкөөн улууһугар Томторго үс сэргэни туруоран, салгын кут диэн ааттыыр.
Төрөөбүт улууспар баар “Аһыкай ытык сиригэр Өксөкүлээх алгыстаах сэргэлэрэ” диэн бырайыакка өрөспүүбүлүкэ “Үс кут-үс сэргэ” диэн хамсааһыныгар бэйэм баҕабынан үлэлэһэ сылдьабын. 2021 сыллаахха дойдубар тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин тэрийбитим. Бииргэ төрөөбүттэр ахсыа буолан, төрөөбүт дойдубутуттан төһө да ыраах сиргэ олордорбут, бары кыттыһан бу кэпэрэтииппитигэр сылгыны иитэбит. Күрүө-хаһаа, дьиэ-уот туттан, үс сылгы үөрдээхпит. Сааскы, күһүҥҥү булка сылдьабыт, ким бириэмэлээҕинэн баран, хаһаайыстыбабытыгар үлэлиибит. Сайынын аймах дьон мустан оттуубут.
Эн ийэҥ, аҕаҥ дойдулара тыаҕа, оттон бэйэҥ куоракка төрөөбүт буоллаххына, өбүгэлэргин кытта дьиҥнээх ситими, күүһү төрөппүттэриҥ дойдуларыгар сырыттаххына биирдэ тутаҕын. Онон аймаҕынан маннык тэриниибит дириҥ киэҥ ис хоһоонноох.
Киин куораппыт Кангалаас тумуһуттан Табаҕа тумуһугар диэри сайыннын!
– Дьокуускай куорат төрүттэммит үөрүүлээх күнүгэр туох баҕа санааҕын тириэрдиэҥ этэй?
– Баҕа санаам диэн Пригороднай уонна Дьокуускай куорат олохтоох нэһилиэнньэни кытта сөптөөх үлэни ыытан, киин куораппыт Кангалаас тумуһуттан Табаҕа тумуһугар диэри сайдан, аан дойдуга биир биллэр куорат буолуон баҕарабын. Сахабыт сирин баайа олохтоох нэһилиэнньэҕэ көрүллэн, бүддьүөт күүскэ эбиллэн, сайдыы өссө күүскэ бардын. Ирбэт тоҥҥо сөптөөхтүк дьаһанан сайдыахпыт диэн эрэнэбин.
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан