03.12.2022 | 12:00

Федеральнай бырагыраамалар өйөбүллэринэн сайдабыт

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн ыытыллар “Хаарбах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү” бырагыраама Таатта улууһун киинигэр – Ытык Күөлгэ хайдах үлэлиирин туһунан “Таатта нэһилиэгэ” МТ баһылыгын солбуйааччы Константин Афанасьевич Мончуринныын кэпсэттибит.
Федеральнай бырагыраамалар өйөбүллэринэн сайдабыт
Ааптар: Вера Канаева, Таатта
Бөлөххө киир

– Константин Афанасьевич, үтүө күнүнэн!  Ытык Күөлгэ бу суолталаах уонна олус  туһалаах бырагыраама хайдах үлэлиирин туһунан сырдат эрэ.

– Бу бырагыраама 2019-2025 сыллары хабар. Эрдэтээҥҥи 2010 сылтан үлэлиир. Былырыын 34 кыбартыыралаах олорор дьиэ Ойуунускай уул., 22/1 киирбитэ. Ытык Күөлгэ бу бырагыраама үлэлиэҕиттэн 27 уонна 33 кыбартыыралаах, онтон 66 кыбартыыралаах уопсай дьиэлэр дьэндэйбиттэрэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ 5 дьиэ тутулла турар. 2023 сылга диэри тутуллан бүтүөхтээхтэр, ол курдук, Кулаковскай уул., 35 нүөмэригэр 66 кыбартыыралаах, ол кэннигэр Кулаковскай уул., 35/1 – биир дьиэ, Ойуунускай уул., 22/2 биир, Ойуунускай уул., 23 –96 кыбартыыралаах улахан дьиэ, ону таһынан биир 60-ча кыбартыыралаах дьиэ тутуллуохтаах. Үлэ бара турар, дьиэлэрбит көҥдөйдөрүн  таһаара сылдьаллар. Бэдэрээтчиттэрбитинэн ПК “Монтажник”, “Элитстройком” уонна СТК “Баланс” буолаллар.

– 2025 сылга  Таатта сиригэр “Манчаары оонньуулара” ыытыллыахтаах. Ону көрсө туох үлэ барарый?

Бөһүөлэги тупсарыы бары хайысханан бара турар. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама, Тырааныспар министиэристибэтин суолга-иискэ пуондатын, СӨ суолга-иискэ пуондатын көмөлөрүнэн быйыл 720 миэтэрэ усталаах суол аспаалланна. Былырыын 2021 сыллаахха 1 км 445 м суол аспаалламмыта. Быйыл Ойуунускай, Ленин, Кулаковскай уулуссалар бырайыактара оҥоһуллан бэлэмнэр, 2023 сылга куонкуруска сайаапкалаан олоробут. Нэһилиэкпит көстүүтүн  тупсарыыга үлэ эмиэ барар. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр  бырагырааманан  2018 сылтан үлэлиибит. 2018-2022 сс. сылын ахсын 3 бырайыагы көмүскээн олоххо киллэрэбит. Ол курдук, уулуссаны сырдатыыны, тротуардары оҥорууну, матырыйаалынан көмөнү – барытын тэҥинэн киллэрэбит. Быйыл “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” федеральнай бырагыраамаҕа кыттан, алтынньы ыйга Ф.М. Охлопков аатынан сынньалаҥ пааркатыгар “Мини-паарканы” киллэрдибит. Ону таһынан  “Паарканы тупсаран оҥоруу” диэн бырайыакпытынан “Куорат табыгастаах эйгэтин оҥоруу”  бырагыраамаҕа кыттан,  29 мөл. 266 тыһ. солк үп көрүлүннэ. Бырайыакпыт бэйэтэ  58 мөл. солк тахса суумалаах. Эһиил эбии  үп харчы көрдөнө сылдьабыт. Паарка бырайыагар холбуу биир улахан 89 мөл. солк суумалаах “Ытык Күөлгэ күөл кытылын тупсарыы” диэн  бырайыактаахпыт.  Бу пааркаттан тахсыы суолтан саҕалаан, күөлү кыйа Өксөкүлээх Өлөксөй скверигэр тиийэ уоттанан-күөстэнэн, сынньанар ыскамыайкалардаах буолуохтаах.

– Ититии ситимигэр туох үлэ барарый?

– Урут социальнай тэрилтэлэрдээх эрэ сиргэ хочуолунай тутуллара. Билигин сокуон олохтоохтору өйүүр. Онно олоҕуран, 2022-23 сс. ититии сезонугар икки кэтэх тэрилтэ хочуолунай киллэрэн эрэр,  биир “Даача” түөлбэ эҥээр уонна  сынньалаҥ паарка кэтэҕэр олорор ыалларга.

– Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама хайдах ыытылларый?

– Быйылгы үлэ туһунан эттэхпинэ, Афанасьев, Даачалар, Чашкин, А. Егоров уулуссалара, А. Егоров переулога, А.  Неустроев уулуссата  барыта светодиоднай уоттанна. Онно эбии аҕыйах уот эбиллэн биэрдэ. Ону таһынан быйыл олохтоохтор “Мазур муостата” диэн ааттыыр улахан сырыылаах муостабыт өрөмүөннэннэ. 2007 сыллаахтан өрөмүөннэммэккэ турбута, маһа барыта эмэҕирэн бүппүт этэ. Кулаковскай уонна Ленин уулуссалар быһа охсуһууларыгар  “Тааттадальнобой”  түмсүү (сал. Н.Л. Кутугутов) көҕүлээһининэн “водопад” оҥоро сылдьаллар. Ытык Күөлбүтүгэр уонча  сквердээхпит. “Манчаары оонньууларын” иннинэ  саҥардан, кыра-кыралаан өрөмүөн үлэлэрин ыытыахпыт.

– Тутуу сайдыыны түстүүр. Кэлэр сылларга туох былааннааххытый?

– Үөһэ эппитим курдук, биһиги улууспутугар 2025 сыллаахха “Манчаары оонньуулара” ыытыллыахтаах. Элбэх өрүттээх комплекс, саҥа ипподром тутуута, Ф.М. Охлопков аатынан пааркабыт ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһуллуохтаах. Дьокуускайга закупка киинигэр сметата оҥоһулла, ааҕылла сылдьар. Үбэ биллибэт. Маны таһынан 450 оҕо үөрэнэр миэстэлээх, 1000 оҕо олорор интэринээттээх оскуола тутуллуохтаах.  Быйыл Кыайыы болуоссатыгар улуус дьаһалтата  үп көрөн сэрии толоонугар сураҕа суох сүппүт буойуннарга анаан уоттаан-күөстээн пааматынньык оҥорторбута. Тутуу ыытыллан, сыллата нэһилиэкпит тупсар, кэҥиир. Барыта 54 уопсай дьиэ көтүрүллүөхтээх, билиҥҥи туругунан 14 дьиэ тутуллан турар. Быйыл дьиэҕэ киирии суох, эһиил киириэхтэрэ. 2021-22-23 сылларга диэн араараллар.  2023 сылга диэри уопсайа 269 кыбартыыра көһөрүллүөхтээх.

Бырагыраамаҕа киирии элбэх үлэттэн тахсар. Докумуоннарын көмүскээһин, иэннэринэн, биирдии кыбартыыранан аахсыы. Бу дьиэ иэнэ хаһын, хас хостооҕун, хас киһи олорорун  барытын  анал сайтка  угабыт, ол онно барыта көстө турар. Онно көтүрүллүбүт дьиэлэр, көтүрүллүөхтээх, хаарбах туруктаах дьиэлэр бары киирэллэр. Маннык федеральнай бырагырааманан  элбэх улуус үлэлии олорор, уопсайынан, Уһук Илин үчүгэйдик үлэлиир. Бырагыраамаҕа киирии үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр, ол эрээри билиҥҥи туругунан барытын көмүскээн, этэҥҥэ иһэбит. Инбэлииттэргэ 2004-2005 сс. уочаракка турбуттарга харчынан компенсация биэрэллэр, онон бэйэлэрэ дьиэ атыылаһаллар. Ол харчы улуус дьаһалтатынан ааһар. Бу бырагыраамалар баар буоланнар, төрөөбүт дойдубут, тапталлаах Тааттабыт  сайдар. Оттон Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама баар буолан, тупсарыыга үлэ тиһигин быспакка ыытыллар. Кэнники сылларга олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн тротуардары оҥоруу барар. Ол курдук, 2019, 2020-21 сылларга субуруччу үп ылбыппыт. Бастаан Ойуунускай уулуссата тротуардаммыта, онтон нэһилиэк дьаһалтатыттан балыыһаҕа диэри, салгыы дьаһалта инниттэн саҕалаан Ленин, Кулаковскай уулуссаларыгар оҥоһуллубута. Барыта  700 тахсалыы миэтэрэ уһуннаахтар. Былырыын 2021 сыллаахха Мординов уулуссата  уонна 2019 сыллаахха оҥоһуллубут Ойуунускай уулуссатын салгыы оҥорбуппут. Быйыл Бырааттыы Алексеевтар уулуссалара 600 миэтэрэ кэриҥэ тротуарданна.

Туох баар үлэлии турар бырагыраамалар “софинансирование” быһыытынан бараллар. Нэһилиэк үбэ барытын кыайан уйуммат. Дьаһалта бэйэтэ төһөнөн утары харчы уурар да, ол онон көрөн кинилэр утары уураллар. Холобура, 54 мөл. солк кыайдахпытына, 11 мөл. солк бэйэбит угабыт, онтон хаалбытын өрөспүүбүлүкэ биэрэр. Олоххо киллэрии чааһа 44 Федеральнай сокуонунан тендер нөҥүө ыытыллар. 2020 сылтан дьонтон харчы хомуйар бырагыраама тохтообута, ол гынан баран “критерии оценки” диэн баар буолбута.  Туох эрэ дьаһаллаах буоллаххына, 35 баал, үбүлээһин таһымын бааллара барыта сурулла сылдьар. Онон Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа көрдөбүллэргэ баалларынан угаҕын, нэһилиэнньэ 3% угар буоллаҕына 40-50 тыһ. буолар. Ол аата,  олохтоохтор 3% угар буоллахтарына, биһиги баалбыт эбиллэн тахсар. Онтон биһиги укпаппыт диэтэхтэринэ, баалбыт түһэн хаалар. Нэһилиэнньэ харчы угарыттан улахан тутулуктаах.

 – Ырааһырдыы, көҕөрдүү үлэтин туһунан кэпсэтиэх.

– Сайынын сквердэргэ сибэкки үүннэриитигэр хамнастаах үлэһити тутабыт. Уонча сквер сибэккилэрин үүннэриигэ сыһыарыылаах тэрилтэлэрдээхпит. Холобура, 2 оскуола, лицей уо.д.а. Юннаттар станциялара баар буолан, сибэккилэрбитин онтон атыылаһабыт. Бачча сибэкки ылабыт диэн эрдэ үлэһэбит. 2019 с. кытаанах бөх туһунан сокуон киирбитэ, онон быйыл сабыс-саҥа бөҕү тиэйэр массыына кэлэн үлэлии сылдьар. Төлөбүр өттүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэҕэ турабыт. Нормативпытын улаатыннарар буоллахпытына,  төлөбүр эмиэ үрдүүр, билигин биир киһиттэн 128 солкуобай. Кэтэх уонна уопсай дьиэттэн сууматын көрөллөр.

Көҕөрдүүгэ анаан палисадниктарбытын өрөмүөннүү сылдьабыт.   2 нүөмэрдээх оскуола дьаһалтабыт аттынааҕы палисаднигы сметанан оҥорбута.

– Сыл түмүктэнэрэ чугаһаата. Саҥа сылы көрсө туох былааннар баалларый?

– Билигин 2023 сыллаах куонкурустарбыт саҕаланнылар. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамабыт бүппүтэ, икки суолбутун сайаапкалаан олоробут –  Ойуунускай уул. 54 мөл.солк. уонна Ленин уул. 30 мөл.солк. суумалаахтар. Түмүк  ахсынньы бүтүүтэ биллиэхтээх.

– Олохтоох тэрилтэлэр ыытыллар бырагыраамаларга кытталлар, күүс-көмө буолаллар дуо?

– Улууска  уруккуттан ПК “Монтажник” (ген.дир. А.М. Ханин) дьиэлэрбитин тутар. Александр Михайлович улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барытыгар тутуу ыытар. Тааттаны ылар буоллахха, Ытык Күөлгэ быһа холоон 6-7 тыһ. кв.м  тутуу тутта. Оттон суол оҥоруутугар Иван Иванович Бочонин салайааччылаах “Тааттаавтодор” тэрилтэ абырыыр. Онон олохтоох тэрилтэлэрдээхпит  сайдыыбытын мэктиэлиир.

Билигин үгүс үлэ сүнньүнэн 22 төгүлүн ыытыллыахтаах “Манчаары оонньууларыгар” туһаайыллыахтара.

– Константин Афанасьевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Төрөөбүт дойдуҥ сайдарын туһугар үлэлээ-хамсаа, өрүү үлэ үөһүгэр сырыт диэн баҕа санаа бастыҥын аныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...