25.12.2022 | 17:00

Эйиэхэ эппэтэх эбиппин...

Эйиэхэ эппэтэх эбиппин...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ахсынньы 31 күнэ. Алевтина Егоровна бүгүн хаһааҥҥытааҕар да сүргэтэ көтөҕүллэн уһугунна. Утуйуо дуо, түүнү быһа уруккуну-хойуккуну санаан, оронугар биир кэм эргичиҥнии сытта. Кини сыл аайы бу күн биир үтүө үгэстээх: эбиэт иннинэ хайаан да быыс булан, биир корзина мандарин атыылаһар. 50 кыраадыс тымныы буоллун, баҕар, солото суох сырыттын эбэтэр ыалдьан да хааллын. Мандаринын син биир ылар. Ол бэйэтэ туспа кэпсээн...

Бэҕэһээ аҕай Москваҕа олорор бииргэ төрөөбүт балта Нина төлөпүөннүү сылдьыбыта: “Эмиэ отчуокка көмүллэн баран, биир дьааһык мандариҥҥын сии-сии соҕотоҕун Саҥа дьыллаары олороҕун дуу? Саатар дьүөгэлэргин кытта тыйаатырга, рестораҥҥа барыаххыный”, – диэн мөҕөн-этэн барбыта. Онуоха Тина: “Эс, наһаа да дьааһык буолбатар... Сарсын атыылаһабын ээ”,  – диэн эрдэҕинэ: “Саатар биһиэхэ кэл, Кыһыл болуоссакка дьаарбайыахпыт диэн ыҥырбытым ыраатта дии. Үлэҕэр хатырык мэтээл биэриэхтэрэ суоҕа! Аҕыйах хонукка эйигинэ суох олоруохтара”. Онтон, арааһа, Нина кырачаана уһуктубута быһыылаах, ытаан бэбээрбитэ. Кэпсэтии онон бүппүтэ.

Һы-һы, Тина нэдиэлэ анараа өттүгэр, кырдьык, бырааһынньыгы эмиэ соҕотоҕун көрсөбүн диэн кэри-куру сылдьыбыта ээ. Олох диэн дьикти даҕаны! Аҕыйах хонук иһигэр уларыйа-тэлэрийэ оҕустаҕа түргэнин! Кини быйыл Саҥа дьыл үүнэр алыптаах түүнүн соҕотоҕун көрсүбэт, мантан киэһэ ыалдьыт кэлиэхтээх. Ону балта сэрэйиэ баара дуо? Чэ, билбэтин даҕаны!

Чаһыны көрбүтэ, сарсыарда сэттэни ааспыт. Тина оронуттан ойон турда, сып-сап таҥынна. Куукуна диэки хааман эрдэҕинэ, Жозефината, “миигин аһат” диэбиттии, ньааҕыныы көрүстэ. “Хайа, утуйбатыҥ дуу? Тоҕо бачча эрдэ турдуҥ?» – диэн куоскатын ылан имэрийбэхтээтэ. Ол аайы анараата атаахтаан, биир кэм курдьугунаа да курдьугунаа буолла. Холодильниктан ылан үүт кутта. Таарыйа балконуттан балыгын, кууруссатын ириэрэ киллэрэн кэбистэ. Араадьыйатын холбоон, ырыа истэ-истэ, наҕылыччы кофетын истэ. Онтон бэрэски тиэстэтин охсон сылаас сиргэ уурда, быыһыгар фаршын астаата, салаакка диэн хортуоппуйун, сымыытын буһарда. Ити курдук куукуна иһигэр түбүгүрэ сылдьан уон ааспытын билбэккэ да хаалла. Тыый, фрукта маҕаһыыныгар уочарат буола илигинэ тахса охсуохха. Кэбис, үчүгэй мандариҥҥа тиксиэ суоҕа. Былырыын мэлийэ сыспыта ээ. Ыксалынан дьиэтин аттынааҕы маҕаһыыҥҥа ойдо. Ону баара хам хатааһыннаах турар. Иккис лааппыга сөбүлүүр суорда суох буолан биэрдэ, үһүскэ тиийбитэ, хайыы үйэ халыҥ уочарат. Ол турдаҕына дьүөгэтэ Зина эрийэ сырытта: “Мандариҥҥын умнубаккын дуу?” – диэн ыйытта. “Биһиэхэ кэлбэккин дуо?” – диэн ыҥырда. Тина саҥа ыал буолбут дьоҥҥо кыбыллыам дуо диэн күлбүтэ буолла. Ыалдьыт күүтэрин ким да билбэт ээ. Ол туран саамай үчүгэй мандариннары талла. Санаата ситэн, үөрэн-көтөн төттөрү дьиэлээтэ.

Лифт иһигэр турдаҕына, аны хотуна Иванна Ивановна эрийэн эҕэрдэлээтэ, Ороһооспоҕо кэлэктиибинэн барар сирдэрин быһаарыстылар. Кыбартыыратыгар киирэн, илиитин суунан, атыыласпыт бородууктатын суумкатыттан хостоото. Мандариннарын остуолга уурда, онтон биири илиитигэр ылан, эргим-ургум көрдө уонна төкүнүтэн оонньоото. Ол олорон ахтылҕаҥҥа куустарда.

Тиналаах үһүс кууруска үөрэнэр сылларыгар хосторугар Кристина диэн икки сыл балыс дьукаахтаммыттара. Дьиҥэр, Тина, Таня уонна Тома төрдүс киһинэн бииргэ үөрэнэр Тасяларын киллэрэ сатаабыттара. Оччоҕуна “Т-4” диэн хамаандалара өссө бөҕөргүөхтээҕэ. Ону баара дьүөгэлэрэ ыспыраапкатын хойутаппыт этэ. Онон хосторугар “первачтаммыттара”. Кристина инженернэй, оттон кыргыттар экономическай факультекка үөрэнэллэрэ. Сыыйа-баайа ыаллаһан, кыра кыыстарын атаахтатар, маанылыыр буолбуттара.

Кристина сытыы-хотуу, элэккэй майгылаах, ол эрээри үөрэҕэр орто соҕус этэ. Үксэ уолаттары кытта үөрэнэр буолан, хосторугар табаарыстара элбэхтик киирэллэрэ-тахсаллара. Үөрэҕин ыарырҕатан, уолаттарга көмөлөһүннэрэрэ. Вася диэн “ботаник” (Кристина бэйэтэ инньэ диэн ааттыыра) доҕоро күн аайы кэриэтэ сылдьара. Кыргыттар Кристинаны хаадьылыыллара, “күтүөппүт кэллэ” диэн күлүү-элэк оҥостоллоро. Вася саҥата-иҥэтэ суох, эбиитин кэлэҕэй буолан, сирэйэ чоххо баттаммыттыы кытарара. Ол аайы кыргыттар, ким эрэ кычыгылаппытын дуу, тикпитин дуу курдук, тохтоло суох саһыгыраһаллара. Вася хоту улуустан сылдьара, ол иһин эт, балык кэһиилэнэн киирэрэ. Саҥата суох ким ааны аспыкка туттаран кэбиһэрэ. Илин эҥээр кыргыттара дьуухала диэни онно бастакытын амсайбыттара. “Кристинабыт Васяҕа таҕыстаҕына, хараҕа көстүбэт буола уойууһу”,  – диэн кыргыттар күлэн саһыгыраһаллара. Саамай оттомноохторо Тина: “Уолу дьээбэлээн бүтүҥ эрэ. Эһиэхэ туох куһаҕаны оҥордо?” – диэн тохтоторо.

Тина уопсай олоҕор өрүү көхтөөҕө, кинитэ суох биир да тэрээһин ыытыллыбата. Ыллыыра, үҥкүүлүүрэ, сценарийы толкуйдаан суруйуу, сыанаҕа туруоруу кини үрдүнэн буолара. Этээс ыстаарыһата, устудьуоннар, уопсай сэбиэтин чилиэнэ этэ. Вася тардыалатан саҥарар бэйэтэ ыллаатаҕына онто биллибэтэ, эбиитин гитараҕа олус үчүгэйдик оонньуура. Бастакы куурустар сүрэхтэнэр күннэригэр талааннаах уолу таба көрөн, уопсай сэбиэтигэр киллэрбиттэрэ, диджей оҥорбуттара.

Уопсай олохтоохторо Саҥа дьылга хаһааҥҥытааҕар да эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ. Этээстэринэн, хосторунан араас куонкурустар ыытыллыбыттара. Тиналаах киэргэтиигэ бастаабыттара. Васялаах музыкальнай туруоруулара кыайбыта. Кэрэ куоластаах үҥкүүһүт фея оруолун толорбут Тинаны киэһэ бытаан үҥкүүгэ хас да уол ыҥырбыта...

Саҥа дьыл буолара аҕыйах хонук хаалбытын кэннэ уопсай биир кэм чуумпура, чуҥкуйа түспүтэ. Чугас эҥээрдэр дьиэлээбиттэрэ, сөмөлүөккэ билиэттээхтэр дойдуларыгар көтөр күннэрин ааҕа сылдьаллара. Ыраах улуустар, кыайан барбат буолбут оҕолор ымсыыра, сайыһа хаалбыттара.  Этээс үрдүнэн уонча оҕо хаалбыт быһыылааҕа. Тина тапталлаах эһэтэ эпэрээссийэлэнэн сытара, онон кинини арыаллаан барыахтааҕа, балыыһаттан хаһан тахсарын күүтэрэ. Кыргыттара хайыы үйэ тарҕаспыттара. Ийэтэ таксиларын ахсынньы 31 күнүгэр сакаастаабыт этэ. Онон, этэргэ дылы, хараабылтан баалга тиийиэхтээҕэ. Хоһугар соҕотох хаалан тэһийбэтэҕэ. Барыан иннинээҕи күн кэһиилэрин, бэлэхтэрин, ийэтэ үлэспитин ылан, хас да суумка тутуурдаах үөрэн-көтөн уопсай диэки айаннаан испитэ. Оптуобуска Васяны көрсүбүтэ, хата, уол көрдөһүүтэ суох көмөлөһүөх, хоһугар диэри атаарыах буолбута. Тина: “Эн бара илик эбиккин дуу? Хаһан дьиэлиигин?” – диэн ыйыппыта. Онуоха уол дойдутугар улахан буурҕа түспүтүн, дьоно билиэккин төннөр, убайыҥ аахха бырааһынньыктыы хаал, ол оннугар сессияҕын сабан баран каникулгар кэлээр диэбиттэрин кэпсээбитэ. Убайым аах кыра оҕолоохтор, ол иһин сарсын бараары сылдьабын диэн күлбүтэ.

Ол киэһэ Тина баттаҕын суунан баран таҥаһын хомуна сырыттаҕына, ааннарын ким эрэ тоҥсуйбута. “Киириҥ-киириҥ”,  – диэбитэ да, ким да саҥарбатаҕа. Тиийэн көрбүтэ, корзинаҕа тобус-толору мандарин кэһиилээх Вася мичээрдии турара. “Мэ, эйиэхэ Саҥа дьылынан!” – диэт, кыыска туттаран кэбиспитэ. Тина махтанан, уолу кууһан ылбытын билбэккэ да хаалбыта. Онтон бэйэтинээҕэр Вася ордук кыбыстыбытын көрөн, хаһан да бачча элбэх мандарины атыыласпатаҕым ээ диэбитэ. Уолга тугу да утары уунара суоҕуттан мух-мах буолбута. Онтон өй ылан, сотору кэлэн аһаар, алаадьы астаары сылдьабын диэбитэ. Ити киэһэ уопсай куукуната минньигэс сытынан туолбута. Утары көрсөн олорон ирэ-хоро кэпсэппиттэрэ, ону-маны санаан көрө-көрө күлсүбүттэрэ. Тина  Вася сүрдээх элбэх кэпсээннээҕин, дьээбэлээҕин бэлиэтии көрбүтэ. Сарсыныгар кыыс эһэтин балыыһаҕа көрсөн, таксига олорсон дойдулаабыта.

Саҥа дьыл кэннэ кыргыттар бэйэ-бэйэлэрин ахтыһан көрсүбүттэрэ. Таня биир куул соболоох, Кристиналаах Тома эт, тоҥ бэрэски, барыанньа кэһиилээх кэлбиттэрэ. Тина ийэтэ кыыһыгар тоҥ үүт, арыы, отон, эт, оҕуруот аһыттан кыһыҥҥы хаһаас уган ыыппыта. Ол курдук үөрэххэ оройдорунан умса түспүттэрэ, сессияларын түмүктээбиттэрин билбэккэ да хаалбыттара. Вася уруккутун курдук Кристинаҕа көмөлөһө киирэрэ, эксээмэннэригэр бэлэмнэнэн, библиотекаҕа бараллара, этээстэри кэрийэ сылдьан билиэт суруналлара. Хата, ол сылдьан сороҕор кыргыттарга ону-маны өрөмүөннээн абырыыра.

Тапталлаахтар күннэригэр уопсай иһэ оргуйа түспүтэ. Томаҕа ГРФ уола сарсыардаттан кып-кыһыл роза дьөрбөтүн аҕалан туттарбыта, Таня оруобуна Мишатын кытта арахсыбыт кэмэ этэ, онон настарыанньата суоҕа. Тина эмиэ солото суох буолан, улаханнык наадыйбакка сылдьыбыта. Кристина киэһэни быһа оҥостубута, киэргэммитэ. Үҥкүүгэ тахсаары айманан ньамалаһа олордохторуна Вася киирэн кэлбитэ. Төрдүөннэригэр биирдии розаны туттаран кэбиспитэ. “Тоҕо барыбытыгар биэрдиҥ? Киһи биир тапталлаах буолуохтаах ээ”, – дии-дии, Тома Кристина диэки имнэммитэ. Ол курдук дискотекаҕа тарҕаспыттара. Вася диджей миэстэтиттэн турбатаҕа. Тинаҕа үрдүкү куурус уола элиэтээбитэ, аттыттан арахпатаҕа.

Киэһэ биир дьикти түгэн буолбута. Бу иннинэ үөрэ-көтө сылдьыбыт Кристиналара, ууну омурдубуттуу, тугу да саҥарбакка, кими да кытта кэпсэппэккэ, истиэнэ диэки хайыһан сыппыта. Тина түүн үөһэ ким эрэ ытыырыттан уһуктубута. Иһиллээн көрбүтэ, мааны кыыстара, аччыгыйдара Кристина хараҕын уутунан сууна сытара. Тина туран уоскута, туох буолбутун ыйыта сатаабыта. Анараата ытыырын тохтоппотоҕо, өссө иэрийэ-иэрийэ барбыта. Хос кыргыттара бары турбуттара. “Ити баар, Васята тапталга билиммэтэх!” – диэн Тома мээнэ тыллаһан эрдэҕинэ, Тина кынчарыйан тохтоппута. Таня уу кутан биэрэ сатаабыта, Кристина ыстакааны киэр анньыбыта. Ол курдук тугу да саҥарбатаҕа.

Аҕыйах хонугунан Кристина коменданы кытта кэпсэтэн, бииргэ үөрэнэр кыргыттарын хоһугар көһөр буолбутун истибиттэрэ. “Кырабытын туох эрэ диэн хомоппуппут. Толкуйдуу-толкуйдуу саҥарыахха баара”,  – диэбитэ Тина кыргыттарыгар. Сотору соҕус Тасялара кинилэргэ көспүтэ. Кристина туохтан хомойбутун, кимиэхэ кыыһырбытын өйдөөбөтөхтөрө, кэлин умнан да барбыттара. Устудьуон көрдөөх олоҕо салҕаммыта...

Оо-дьэ, бэрэскитэ олох да умнуллубут! Алевтина Егоровна тиэстэтэ турар сирин диэки тиэтэйэ хаамта. Тыый, таһынан барбыт! Бу буолуор диэри олордоҕун! Киһи санаата диэн дьикти даҕаны, көтөр ааллааҕар түргэн, устата-туората биллибэт куйаардааҕар киэҥ! Ити икки ардыгар 17 сыл анараа өттүгэр тиийэ сырыттаҕын, көр! “Оннук!” диэбиттии, Жозефината сүүрэн кэлэн атаҕар эриллэ түстэ. “Чэ, саатар эн ыксатыма. Бэрэскибитин астыахха, киэһэ күүтүүлээх ыалдьыт кэлэр”, – диэн куоскатын кытта кэпсэттэ. Анарааҥҥыта аттыттан арахпата. Тэлэбиисэрин холбоото, “Ирония судьбы, или С легким паром!” киинэ көстө турар. Онтон санаа ситимнэрэ тиһиллэллэрин курдук, бииртэн биир бэрэски бөкүнүктэрэ остуолга кэчигирэстилэр...

... Күһүн Тина куорат төрөөбүт күнүгэр кыргыттарын кытта салюкка бараары оптуобус тохтобулугар туран, аармыйаттан кэлбит биир дойдулааҕа Славаны көрсө түспүтэ. “Улаатан, тупсан хаалбыккын нэһиилэ биллим дии, кыра, хачаайы кыыс ханна да суох буолбут!” – диэн кыыһы дьээбэлээбитэ, тула көппүтэ. Онуоха Тина дьүөгэлэрэ күлсэ-күлсэ оптуобуска атын сиргэ олорбуттара. Сытыы-хотуу, өрүү кэрэ аҥаардар болҕомтолорун тардар уол кыыс аттыгар лах гына олорбута уонна саҥаран-иҥэрэн, кэпсээн-ипсээн барбыта. Ол киэһэ дьүөгэлэрэ, киксибит курдук, тэйиччи сылдьыбыттара. Оттон уопсайдарыгар төннөллөрүгэр олох даҕаны сүтэрсэн кэбиспиттэрэ. Слава кыыһы атааран иһэн тугу эрэ тохтоло суох кэпсиирэ. Сэргэлээххэ чугаһаабыттарыгар, уол кыыс илиитин ылан сиэппитэ. Онуоха Тина долгуйан, сүрэҕэ мөҕүл гыммыта. Ол киэһэттэн ыла Слава уопсайга, кыыс үөрэнэр куорпуһугар күн аайы сыбыытыыр буолбута. Сибэкки дьөрбөтө, кэмпиэт, сакалаат тутуурдаах кэлэрэ, ол аайы Тина дьүөгэлэрэ: “Принц кэллэ, принцесса, таҕыс”, – дииллэрэ.

Биирдэ, уопсай ааныгар сиэттиһэн турдахтарына, Вася кэлбитэ. Тина пирибиэттэспитигэр уол хардарбатаҕа, умса көрбүтэ уонна ааһа турбута. Кулгааҕар наушниктаах сылдьара, ол иһин кыыс истибэтэ быһыылаах дии санаабыта. Кыһын Вася сүтэн хаалбыта, көстүбэт буолбута.

Бэһис кууруска Тина уопсайтан көспүтэ. Слава үлэ булан, бииргэ олоруохха диэн хос куортамнаабыттара. Дьоно икки өттүттэн сүбэлэһэн, аны сайын сыбаайбалыахпыт диэбиттэрэ. Кыыс дипломнай үлэтин суруйар түбүккэ түспүтэ. Библиотекаҕа хоммот эрэ этэ. Биир киэһэ оптуобус күүтэн турдаҕына, Вася тиийэн кэлбитэ. Иккиэн да соһуччу көрсүһүүттэн үөрбүттэрэ. Уол курсовойбун суруйа сылдьабын диэбитэ. Тина: “Былырыын ханна баран хаалбыккыный, кыһын, саас көстүбэт этиҥ дии”, – диэн ыйыппыта. Онуоха Вася ийэтэ улаханнык ыарытыйарын, биир сыл академическай уоппуска ыларга күһэллибитин кэпсээбитэ. Хата, куоракка көһөн кэлбиппит, ийэбит ама буолла диэбитэ. Оптуобустара ол курдук кэлбэтэҕэ. Дьон күүтэ сатаан баран ким такси тутан, чугастар сатыы барбыттара. Оччолорго билиҥҥи курдук сылаас тохтобуллар суохтара. “Биһиги даҕаны барыахха. Такси сакаастыыбыт, аргыстаһабыт дуо?” – диэбитэ уол эр санаатын киллэрэн. Тина үөрэ түспүтэ. Ол курдук массыына бастаан Васяны түһэрбитэ. Тахсан иһэн уол сайыспыттыы көрбүтэ уонна: “Чэ, хаһан эрэ көрсөр инибит”, – диэн күлбүтэ буолбута. “Биир куоракка олорон, ама, хайаан. Сыбаайбабар кэлээр”, – диэбитэ Тина. Вася массыына ыраатыар диэри батыһа көрөн турбута. Ити кинилэр бүтэһик көрсүһүүлэрэ этэ.

Тиналаах Слава өр олорботохторо. Эр киһи иһэн кэллэҕинэ: “Саатар сатаан оҕоломмоккун!” – диэн сирэй-харах анньар, айдаарар буолбута. Күн-түүн кыра аайыттан кыыһырсаллара элбээбитэ. Тина, тулуйа сатаан баран: “Кэбис, эрэй эрдэтинэ эйэ дэмнээхтик арахсыахха”, – диэн тыл көтөхпүтэ. Оҕото-уруута, улахан баайа-дуола суох дьону суут да түргэнник араартаабыта. Онтон ыла Алевтина Егоровна үлэтинэн эрэ олорор. Бу иннинэ Наполеон диэн куоскалааҕа, доҕор-атас буолан абыраабыта. Онтуката кырдьан өлөөхтөөбүтэ. Аны куоска иитэ ылбаппын дии сырыттаҕына, икки сыллааҕыта балта Нина төрөөбүт күнүгэр мап-маҥан куоска оҕотун бэлэхтээбитэ. Наполеоҥҥа ханыылаан, Жозефина диэн ааттаабыта.

Уонча сыллааҕыта социальнай ситим күүскэ киирбитигэр, Тина үгүс устудьуон доҕотторун булбута, олор истэригэр Вася эмиэ баара. Тугу да суруйбата, ол эрээри кыыс хаартыска таһаардаҕына, тугу эрэ суруйдаҕына, тута сэҥээрбитин биллэрэн, биир бастакынан лайктыыра.

Биэс-алта сыллааҕыта быһыылааҕа, Алевтина Егоровна, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ уочараттаан олорон, Кристинаны көрсүбүтэ. Хата, олус үчүгэйдик кэпсэппиттэрэ. Сунтаарга үлэлии тиийэн баран олохтоох уолга эргэ тахсыбыт, үс уолламмыттар. Куоракка көһөн кэлбиттэр, кыбартыыра атыыласпыттар, докумуон сырсыытыгар сылдьар эбит. Онтон Тина санаата буолбатаҕа, кыыс туохтан хомойон атын хоско көспүтүн, кэпсэппэт буолбутун ыйыталаспыта. “Һэ-һэ, оччолорго акаарычаан санаабар, Васяҕа күнүүлээн...” – диэн күлбүтэ. “Кимиэхэ?” – диэн Тина соһуйбута. “Эйиэхэ... Өйдүүгүн, били, уопсайга Тапталлаахтар күннэрэ буолбута дии? Ол күн Васяҕа таптыыбын диэн суруктаах аккырыыкка бэлэхтээбиппэр: “Бырастыы гын, мин атын кыыһы сөбүлүүбүн”, – диэн хомоппута. “Ол кими?” – диэн ытаан туран ыйыппытым. Онно Вася эйигин сөбүлүүрүн билиммитэ, кимиэхэ да кэпсээмэ диэн көрдөспүтэ. Мин хас да түүн ытаабытым, оҕотук санаабар, кини миигин эрэ сөбүлүөхтээҕин курдуга. Дьиҥэр, сүрэх бэйэтэ талар буоллаҕа... Аҕыйах сыллааҕыта Васяны көрсүбүтүм. Эйигин ыйыталаспыта, билиҥҥэ диэри умна илик диэн көрбүтүм”, – диэбитин Тина олус долгуйа истибитэ. Онтон ыла социальнай ситими кэтиир-маныыр буолбута. Хомойуох иһин, Вася тугу да улаханнык таһаарбата. Ол оннугар Тина стористарыгар хайаан даҕаны тойон эрбэҕин чочоҥнотон, сөбүлээбитин биллэрэрэ. Дьиктитэ баар, бу сыллар тухары төһө да биир куоракка олордоллор, хаһан да ханна да көрсүбэтэхтэрэ.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Алевтина Егоровна биир киэһэ үлэлээн бүтэн, офиһыттан тахсыбыта, парковкаҕа турбут массыыната алдьанан көрсүбүтэ. Дьиҥэр, “Наташалаах” ээ, онон бүрүйэн турбута. Тоҥон хаалбыт буоллаҕа дии санаабыта. Бу тухары маннык буолбатаҕа.  Ахсынньы аам-даам тымныытын, бэл, тимир көлө тулуйбат эбит! Араастаан собуоттаан көрбүтэ, ньим курдуга. Ыксаан, билэр-билбэт дьонугар эрийбитэ. Саатар үлэтигэр кини эрэ хаалбыт, бары дьиэлэригэр номнуо тарҕаспыттар этэ. Чугастааҕы сервистэргэ эрийэн көрбүтэ, бэйэҥ состорон аҕалаҕын диэбиттэрэ. Хайыай, офиһыгар төттөрү киирэн, социальнай ситимҥэ ким көмөлөһүөн сөбүй диэн суруйбута. Бастакынан кини, эдэр сааһын доҕоро Вася хардарбыта. Ханна баарын, төлөпүөнүн ыйыппыта. Онтон эрийэн, сотору кэлиэм диэбитэ. Тина үөрбүтүөн!

Вася массыыната көрүөх бэтэрээ өттүгэр офис иннигэр хорус гына түспүтэ. Бу сыллар тухары сүтэрэ сылдьыбыт доҕорун көрөн, Тина үөрүүтүттэн уйадыйан ылбыта. Вася урут хатыҥыр бэйэтэ киппэ көрүҥнэммит, куолаһа кытта уларыйбыт. Массыынаны сервискэ состорон илдьибиттэрин, үлэһиттэр: “Хойутаатыгыт, сарсын көрүөхпүт. Төлөпүөҥҥүтүн хаалларыҥ”, – диэбиттэрэ. Вася Тинаны дьиэтигэр массыынанан аҕалбыта. “Ханна да ыксаабат буоллаххына, киирэн чэйдээ, саатар оннук махтаныам”, – диэн Алевтина Егоровна ыалдьыттата ыҥырбыта.

Дьиэлээх хаһаайка остуол тардан түбүгүрбүтэ. Миин сылытан тэриэлкэлэргэ куппута, бэйэтэ астаабыт барыанньалаах бөрүөгүн уурбута. Чэй иһэ олорон Вася эмискэ: “Тина, өйдүүгүн, алаадьы астаан күндүлээбиккин? Бу курдук минньигэс этэ”, – диэбитэ. Тина: “Өйдүүбүн. Бэҕэһээ эрэ курдук этэ... Оттон эн биир корзина мандарин аҕалан соһуттуҥ, үөртүҥ да этэ! Дойдубар кэһии гынан тиийбитим. Сыттарын, амтаннарын билиҥҥэ диэри умнубаппын. Онтон ыла Саҥа дьыл аайы биир корзина мандарин атыылаһабын да, оннук минньигэскэ түбэһэ иликпин...” – диэбитэ Алевтина Егоровна, эдэр кыыстыы килбиктик. Түүн оройо буолуор диэри айахтара хам буолбатаҕа, уопсай олоҕун, доҕотторун санаабыттара.

Бу күннэргэ Алевтина Егоровна, отчуокка көмүллэн, этэргэ дылы, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө үлэлээбитэ. Бэҕэһээ эрэ быыс булан харыйатын туруоран симээбитэ.

Ааспыкка көрсүөхтэриттэн Васялыын күн аайы кэпсэтэллэр, суруйсаллар. Иллэрээ күн Саҥа дьылы бииргэ көрсүөх буолан сүбэлэспиттэрэ. Бэҕэһээ киэһэ доҕоро суруйбут этэ: “Эйиэхэ эппэтэх эбиппин... Бастакы көрүүттэн таптаабыппын... Мандариммыт бу сыллар тухары ситтэҕэ, амтана минньийдэҕэ... Сарсыҥҥы күнү долгуйа күүтэбин...”

Ити тыллартан Алевтина Егоровна өссө долгуйбута. Кэтэстэххэ, бириэмэ тохтообукка дылы! Санаатыгар, бүгүҥҥү саҥа дьыл иннинээҕи күн 17 сыл анараа өттүнээҕэр ордук бытааннык уһунна эбээт!

***

Дьиэ иһэ минньигэс ас сытынан дыргыйар. Саҥа дьыллааҕы мааны сандалы тардыллан бэлэм. Харыйа уота араас уотунан дьиримнии оонньуур. Араадьыйаттан бырааһынньыктааҕы ырыа кутуллар:

Саҥа дьыл, саҥа дьыл киэһэтэ

Биһиэхэ эргиллэн кэллэҕэ,

Саҥа дьыл киэһэтин көрсүөҕүҥ,

Үҥкүүлээн, эргийэн биэриэҕиҥ.

Эмискэ ааны тоҥсуйдулар. Тина сүрэҕэ битигирии түстэ. Сүүрэн тиийэн аспыта: “Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан!” – диэбитинэн күүтүүлээх күндү ыалдьыта субу киирэн кэллэ уонна тобус-толору мандариннаах корзинаны туттаран кэбистэ...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....