09.05.2024 | 10:00

Эйэлээх олоҕу уһансыбыта

Эйэлээх олоҕу уһансыбыта
Ааптар: Сэрии бэтэрээнэ Н.П. Саввинов оҕолоро, сиэннэрэ
Бөлөххө киир

Бу 2024 сыл ыам ыйын 22 күнүгэр биhиги тапталлаах аҕабыт, эhэбит, хос эhэбит Саввинов Николай Петрович тыыннааҕа буоллар төрөөбүтэ 100-с сааhын бэлиэтиэ этэ.

1941-45 сс. Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгиттэн Аҕа дойду Улуу  сэриитигэр 228 киһи ыҥырыллан, уоттаах сэриигэ кыргыспыттара. Ол иһигэр 99 саллаат сэрии толоонугар сырдык тыынын толук  уурбута, сорохтор сураҕа суох сүппүттэрэ. Сэрии хонуутуттан аҥаардара эрэ, 145 саллаат, үксүлэрэ ыараханнык бааһыран, эмсэҕэлээн, төрөөбүт түөлбэлэригэр эргиллибиттэрэ.

Тыыннаах  ордон  кэлбиттэр, баастарын оһоруна түһээт, эйэлээх олоҕу уһансыбытынан барбыттара. Оччотооҕу элбэх сэрии бэтэрээннэрбититтэн  билигин биһиги нэһилиэккэ биир да тыыннаах киһи суох. Ол эрээри кэнэҕэски  ыччат, нэһилиэкпит олохтоохторо  маннык  үтүө  дьон, боростуой  тыа  ыалын  уолаттара, аҕалара, эһэлэрэ олорон ааспыттарын туһунан хаһан да умнуо суохтаахтар диэн санаанан салайтаран, кинилэр тустарынан кэпсиири ытык иэспитинэн ааҕабыт.

Биһиги  аҕабыт Саввинов Николай Петрович 1924 с. ыам ыйын 22 күнүгэр Ньурба улууһугар төрөөбүтэ. Түөрт саастааҕар аҕата өлөн, аҥаардас ийэҕэ соҕотох иитиллибитэ. Оччотооҕу ыарахан, эрэйдээх-буруйдаах олох бары кыһалҕатын кыра оҕо сааһыттан этинэн-хаанынан эрдэ билээхтээбитэ. Араҥастаах, Ньурба 1№-дээх  оскуолаларыгар үөрэммитэ. Тохсус  кылааһы бүтэрбит  сайыныгар, 1942 сыллаахха, атырдьах  ыйын 22 күнүгэр Ньурба-Дьаархан суолун тутуу үлэтигэр сырыттаҕына сэриигэ барар бэбиэскэни  туттарбыттара.

Ол туһунан аҕабыт бэйэтэ суруйан хаалларбыт ахтыытын биһиги кичэллээхтик харайан сылдьабыт: «Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 сыл атырдах ыйын 22 күнүгэр ыҥырыллан барбытым. Бастаан Мальта-Чита тимир суол станциятыгар тиийэн сулуусталаабытым. Онно сулууспалыы сырыттахпына Монголияны кытта быысаһар Соловьевск диэн станцияҕа ыыппыттара.

Манна станковай пулемёт ротатыгар сулууспалыы сырыттахпына, командирдары үөрэтэр байыаннай училищеҕа Сретенскэй куоракка ыыппыттара. Бу училищеҕа бастаан 2 тыһыынчаттан тахса киһи үөрэнэ киирэн баран, 1944 сыллаахха 900-тан эрэ тахса үөрэнэн бүтэрбиппит.

Сретенскэй училищетыгар миигин кытта бииргэ биһиги оройуонтан билигин Өҥөлдьө оскуолатын дириэктэрэ Павлов Дмитрий Иванович, Үөһээ Бүлүүттэн билигин Үөһээ Бүлүү физмат оскуолатыгар учууталлыыр Ксенофонтов Василий Саввич  уо.д.а. бааллара.

Училищены бүтэрбиттэри үс бөлөххө араарбыттара: бастакы бөлөх 1-кы Украинскай фроҥҥа; иккис бөлөх 1-кы Прибалтийскай фроҥҥа; үһүс бөлөх Ленинградскай фроҥҥа. Мин 1-кы Прибалтийскай фроҥҥа сулууспалыырга анаммытым. Ыйтан ордук айаннаан, муус устар ый бүтэригэр 43-с аармыйа офицерскай полкатын резервэтигэр тиийбитим.

Бу офицерскай полкаҕа биһигини билиҥҥи тактикаҕа бэлэмнээн бараннар, фронт инники кирбиитигэр атаарбыттара. Мин бэс ыйын 15 күнүгэр фронт инники линиятыгар тиийбитим. Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта 3 сылын туоларыгар анаан көҥү көтүүлээх кимэн киирии бэлэмэ бара турар этэ. Түүннэри-күнүстэри сэрии сэбин таһыы, сэриилэһэр чаастары чугаһатыы ньиргиэрдээх үлэтэ күөстүү оргуйа турара.

Уодаһыннаах кимэн киириигэ бэлэмнэнии киһи хараҕар көстө биллэрэ. Көҥү көтүү буолуон биир хонук иннинэ сэрии саҕаламмыта 3 сылын туолуутунан сибээстээн 1-кы Прибалтийскай фронт командующайа генерал Баграмян бирикээһэ ааҕыллыбыта. Онно "Өстөөх оккупациялаан олорор территориятыгар хас биирдии квадратнай метригэр биирдии снаряды дэлби тэптэрэргэ" диэн этиллэрэ.

Тыҥааһыннаах күүтүүлээх күммүт 1944 сыл бэс ыйын 22 күнэ үүммүтэ. Сарсыарда икки чаастан ордук бириэмэ устатыгар араас калибрдаах артиллерия өстөөх оборонатын үлтү урусхаллаата.

Үөһээ салгынтан өстөөх оккупациялаабыт территориятыгар аата-ахсаана биллибэт самолеттар буомбалаатылар. Үөйбэтэх-күүппэтэх сиртэн араас калибрдаах пушкалар эһиннилэр. Күн көстүбэт күдэригэ, сирбит-дойдубут океан уутунуу дьалкыйда, киһи сиргэ тулуйан сыппат уот байҕала үөскээтэ. Бу айылаах буола турдаҕына «Иннигит диэки атаакаҕа!» диэн бирикээс кэллэ. Саллааттар халҕаһалыы анньан, «Ийэ сирбит туһугар!», «Сталин туһугар!» диэн хаһыытыы-хаһыытыы, атаакаҕа турдулар. Дьэ, онно көрөн турардаахпын, биһиги албан ааттаах буойуннарбыт төрөөбүт Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр олохторун харыстаабакка геройдуу охсуһууларын.

Сэриигэ киирэрбэр миигин 156-с дивизия 530-с стрелковай полкатын бастакы батальонун бастакы ротатын иккис взводун командирынан анаабыттара. Биһиги взводпутугар 5-6 тиийэ араас омуктар сулууспалыыр этибит. Бары бүттүүн эйэ дэмнээхтик, бэйэ-бэйэбитин ытыктаһан, эрэнсэн сылдьан бойобуой бирикээһи толорорбут.

Стрелковай взводка эбии бэриллибит күүстүүн 40-ча киһиэхэ тиийэр этэ, бачча дьону аһын-таҥаһын, сэриитин сэбин хааччыйан бойобуой бирикээһи толорор күнүн-дьылын уонна бириэмэтин аахсыбакка киирии бириэмэтигэр сүрдээх ыарахан этэ.

Биир дэриэбинэни ылыыга бүтүн взводтан миигинниин төрдүөйэх буолан хаалбыппыт. Өстөөх элбэх тиэхиньикэтин уонна саллаатын урусхаллаабыппыт, биһигиттэн эмиэ аата-ахсаана биллибэт сүтүк баара…

Ол да буоллар саҥа күүс-көмө кэлиэр диэри тулуйбуппут. Бу кыргыһыыга мин автоматым затвора хамсаабат буолбут этэ. Итини таһынан солдатскай лаппаахым угун быһа (тосту) ытан кээспит этилэр. Ити түбэлтэттэн көстөрүн курдук, бу дьоллоох олохпут төһө сыранан уонна эдэр ыччат хаанынан толуктанан көмүскэммитэ буолуой?!

Сэрии хонуутуттан 1944 сыл от ыйын 10 күнүгэр хаҥас илиибин өстөөх снайпера тосту ытан туораабытым. Өр бириэмэ устатыгар байыаннай госпитальга эмтэнэн баран, 1945 сыллаахха хамсаабат илиилээх төрөөбүт сирбэр эргиллэн кэлбитим.

Аармыйаттан эргиллэн кэлэн баран өр бириэмэ устатыгар сэриигэ ылбыт бааспын эмтэппитим. Доруобуйам куһаҕан да буоллар, эдэр ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ кыанарбынан кыттан барбытым. Сэриигэ сылдьыбыт уонна сэрии кэнниттэн сыралаах үлэбин Советскай правительство үрдүктүк сыаналаан, маннык правительственнай награданан бэлиэтээбитэ; «Хорсунун иһин», «Германияны кыайыы иһин», Советскай сэбилэниилээх күүс үөскээбитэ 50 уонна 60 сыллаах, Кыайыы 20, 30 сыллаах үбүлүөйдээх мэтээллэринэн, «Үлэ бэтэрээнэ» анал бэлиэнэн.

Эйэлээх олох тутуутугар төһө кыаҕым баарынан кыттаммын, 1960 с. «Норуот үөрэҕириитин туйгуна» значогунан, 1970 с. «В.И. Ленин төрөөбүгэ 100 сыла»  үбүлүөйдээх мэтээлинэн наҕараадаламмытым, 1965 с. оройуон сэбиэтин ситэриилээх кэмитиэтин Бочуотун кинигэтигэр киирбитим. Ити сыл Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаламмытым. 1975 с. Саха АССР үтүөлээх учууталын аатын иҥэрбиттэрэ.

Билигин Антоновка орто оскуолатыгар 1951 сыллаах үөрэх дьылыттан быыстала суох эдэр ыччаты үөрэтэ-иитэ сылдьабын.

 

Тохсунньу ый 30 күнэ, 1984 сыл».

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....