13.11.2023 | 15:00

Евгений Григорьев «Юнармия дьиэтэ» кэлэктиибин кытта көрүстэ

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурукка баар «Юнармия дьиэтигэр» сырытта диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Евгений Григорьев «Юнармия дьиэтэ» кэлэктиибин кытта көрүстэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Баһылык саҥардыллыбыт дьиэни уонна территорияны көрдө-иһиттэ, юнармеецтары уонна педагогтары кытта көрүстэ, инники былааннарынан интириэһиргээтэ.

Соторутааҕыта «Юнармия дьиэтигэр» өрөспүүбүлүкэтээҕи Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама көмөтүнэн медиакиин аһыллыбыта. Онно оҕолор суруналыыс маастарыстыбатыгар үөрэнэллэр, итиэннэ робототиэхиньикэ уонна көмпүүтэр кылаастара үлэлииллэр. «Оҕо (эрдэҕэс оҕо) киинэ» муниципальнай үөрэҕирии тэрилтэтин дириэктэрэ Наталья Петрова иһитиннэрбитинэн, робототиэхиньикэ уонна көмпүүтэр кылаастарын баазатыгар «Кибер Якутск» интеллектуальнай-спортивнай лига тэрилиннэ.

Бу күһүн «Оҕо (эрдэҕэс оҕо) киинэ» Строительнай уокурук инфраструктуратын сайыннарар сыаллаах «Я – Патриот» территория бырайыагын олоххо киллэрдэ. Бырайыакка Киин уонна «Ураһа» креативнай туона территорияларын тупсаран оҥоруута көрүлүннэ.

Евгений Григорьев ыытыллыбыт үлэни үрдүктүк сыаналаата.

«Биһиги оҕолор эбии үөрэхтээһиннэрин дьиэтин өрөмүөнүн бырагырааматын үс сыл анараа өттүгэр саҕалаабыппыт, билигин бу сөҕүмэр түмүктэри көрөбүт. Салалта, бүтүн кэлэктиип энергиятин, түмсүүлээҕин уонна ыытыллыбыт үлэ таһымын көрөн сөхтүм», – диэтэ Евгений Григорьев.

«Юнармия дьиэтэ» Уһук Федеральнай уокурукка бэһис уонна Саха сиригэр бастакы тэрилтэнэн буолар.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...