25.04.2023 | 14:08

Евгений Григорьев: «Ыалларгыт тиэргэннэрин хаарын суолга таһалларын бопсуҥ!»

Муус устар 24 күнүгэр “Россия 24” телевидение ханаалын “Вести Саха” биэриитин быһа эпииригэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Дьокуускай сытыы кыһалҕаларын тула ыйытыыларга хоруйдаата.
Евгений Григорьев:  «Ыалларгыт тиэргэннэрин хаарын суолга таһалларын бопсуҥ!»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Эбии тиэхиньикэ наада

Чалбах уутун оборторууга хомунаалынай сулууспалар үлэлэрин туһунан:

– Муус устар 5 күнүттэн киин куораппытыгар ураты үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэһиимэ биллэриллибитэ. Быйыл күнү-дьылы кэтээн көрүү историятыгар урут бэлиэтэммэтэх элбэх хаар түстэ, онуоха эбии кулун тутар бүтэһик күннэригэр сөҥүү түөрт ыйдааҕы нуормата түспүтэ кэккэ ыарахаттары үөскэттэ.

Муус устар 23 күнүттэн сааскы ириэрии уутун оборторуу саҕаланна. Халлаан сылаас буолан, түспүт хаар тутатына ууллан иһэр, ол иһин үлэни күүһүртүбүт.

Чалбах уутун оборторууну сэргэ хаары тиэйии үлэтэ тохтуу илик. Быйыл хаары үс полигоҥҥа тиэйдибит, урут хаһан да маннык балаһыанньа үөскүү илигэ; Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар полигон аһара туолан сабыллыбыт сыла инники өттүгэр суоҕа. Оттон быйыл сабарга күһэллибиппит – дьапталҕаламмыт хаар халыҥа 7 этээстээх дьиэ үрдүгэр тэҥнэһэн, дьон үлэлиирэ кутталлаах буолла. Бүлүү переулогар тэриллибит полигоҥҥа билигин 150 тыһ. куб. м тахса хаар тиэлиннэ. Хатыҥ Үрэх шоссетыгар баар полигоҥҥа эмиэ хаар элбэх. Бу нэдиэлэ бүтэһигэр тиэллибит хаар иэнэ 850 тыһ. куб. м. куоһарыа диэн суоттуубут, бу көрдөрүү былырыын баччаларга 300 тыһ. куб. м. тиийбэтэҕэ.

Билигин 57 ассенизаторскай массыына суоллартан, тиэргэннэртэн ууну хачайдыыр. 200-тэн тахса пуомпа уонна носуос быыстала суох үлэлиир. Салайар хампаанньалар бары туруннулар, 200-тэн тахса үлэһит күннэтэ тахсар.

Статистика көрдөрөрүнэн, биһиэхэ күҥҥэ муҥутаабыта 80-90 ассенизаторскай массыына тахсан үлэлиэн сөп, онтон элбэх массыынабыт суох. Билигин 57 массыына чалбах уутугар сылдьар, атыттар чааһынай сектордарга, тэрилтэлэртэн септиктары оборторууга сүүрэллэр. Мантан көстөрүнэн, хомунаалынай тиэхиньикэбит тиийбэт. Икки кэлиҥҥи сыл устата 100-чэкэ хомунаалынай тиэхиньикэ атыылаһыллыбыта, быйыл, ыарахан балаһыанньанан, 10-ча итинник анал тиэхиньикэни атыылаһар былааннаахпыт.

Биһиги суоттаан көрүүбүтүнэн, Дьокуускайга өссө 50 ассенизаторскай массыына эбии ылыллыан наада. Баары баарынан эттэххэ, ууну аһардар систиэмэ киин куораппытыгар суоҕун кэриэтэ – суол 10 бырыһыана эрэ ууну аһардар лотуоктаах. Ол иһин сыллата чалбаҕы хачайдааһынынан дьарыктаныахпыт.

Түөрт ыйдааҕы сөҥүү нуормата биирдэ кэлэн түстэҕинэ ханнык баҕарар куорат ууга барыан сөп. Биһиги ол содулун хайдах түргэнник дьаһанарбытын тобулан иһиэхтээхпит.

Кулун тутарга буолан ааспыт “ВЭБ РФ” балаһааккатыгар кэпсээбит ардах уутун аһардыы бырайыагын туһунан:

– Дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан Арассыыйа куораттарыгар ардах уутун аһардар канализацияны толкуйдааһын саҕаламмыта. Бу үгүс куораттарга сытыытык турар кыһалҕа, хас да миллиарды эрэйэр үлэ. Биһиэхэ аҥаардас бырайыакка 180 мөл. солк. наада, бырабыыталыстыбаны кытта үлэлэһэбит. Онтон федеральнай граннарга кыттар кыахтаныахпыт этэ. Куораппыт суолларын 90 бырыһыана уонна тиэргэннэр бары айылҕа уутун аһардар кыахтара суох.

 

Суол өрөмүөнэ салҕаныаҕа

Суол дьаамаларын өрөмүөнүн туһунан:

– Ириэрии саҕаланан, аспаал алдьанан эрэр. Кэнники 4 сыл устата суол тутуутугар үлэлээбит бэдэрээтчиттэр гарантиянан итэҕэстэри туоратан иһэллэрин ирдиибит.

Мэктиэтэ суох эргэ суоллары өрөмүөннээһиҥҥэ куорат бүддьүөтүттэн быйыл 25 мөл. солк. көрүлүннэ. Халлаан сылыйда даҕаны өрөмүөн саҕаланыаҕа.

 

“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” бырайыак:

– Быйыл 22, 600 км усталаах суол оҥоһуллар. 17 эбийиэккэ үлэ барар, ол иһигэр 10 саҥа суол, 7 былырыын саҕаламмыт суоллар. Үлэ сылы эргиччи барда. Бу национальнай бырайыак 4 сылын устата 134 км суол, 116 эбийиэк өрөмүөннэннэ. Быйыл 2 млрд 300 мөл. солк. көрүлүннэ.

Ленин проспега быйыл оҥоһуллан бүтүөҕэ. Ону кытта Можайскай, Винокуров, Бабушкин о.д.а. уулуссалар оҥоһуллуохтара.

Тутуу демографияны эккирэтэр

Оскуолалары тутуу туһунан:

– Быйыл Дьокуускайга алта оскуола тэҥинэн тутулла турар – маннык тэтимнээх уонна иэннээх тутуу урукку сылларга ыытылла илигэ. Ол курдук, сыл түмүктэниэр диэри 26-с нүөмэрдээх оскуола, Хатас орто оскуолатын, 4-с нүөмэрдээх коррекционнай оскуола, 29-с нүөмэрдээх оскуола эбии тутуулара үлэҕэ киириэхтэрэ. Маны таһынан Мархаҕа Кадеттар оскуолаларын саҥа дьиэтэ, 153-с кыбаарталга 990 миэстэлээх өрөспүүбүлүкэҕэ иккис бөдөҥ оскуола, Сэргэлээх шоссетыгар 34-с нүөмэрдээх оскуола оннугар адаптивнай кластер тутулла тураллар.

Дьокуускай түргэнник үүнэр куорат, нэһилиэнньэтин орто сааһа эдэр, онон оҕо ахсаана элбэх, ол иһин оскуола уонна уһуйаан тутуута туохтааҕар да наадалаах.

Модернизация бырагырааматынан быйыл 13 оскуола, 14 эбийиэк хабылынна. Холобур, 38-с оскуола икки дьиэлээх, олорго иккиэннэригэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа.

Кулун тутар 3 күнүттэн үлэлэр саҕаланнылар, оҕолор үгүстэрэ дьиэттэн олорон үөрэнэр ньымаҕа көстүлэр, 9-с уонна 11-с кылаастары чугастааҕы оскуолаларга үөрэтии тэрилиннэ. Оттон 5-с нүөмэрдээх оскуола өрөмүөҥҥэ барбытын үрдүнэн, эбии тутуулара үлэлиир буолан, үөрэхтэрин онлайн оҥорбокко, икки симиэнэнэн тэриннилэр.

Улахан оскуолалар өрөмүөннэригэр 120 мөлүйүөн солк. тиийэ үп көрүлүннэ. Ол иһин үлэ номнуо саҕаланна. Былаан быһыытынан атырдьах ыйын 10 күнүгэр үлэлэр түмүктэниэхтээхтэр. Дьаһалта атырдьах ыйын 1-кы күнүгэр тутуу үлэтин барытын түмүктээн, сууйууну-сотууну эрэ хаалларарга сорук туруорар. Былырыын 11 эбийиэккэ үлэ оннук түмүктэммитэ, быйыл ол хатыланыахтаах.

 

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү былаана туолан иһэр

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү туһунан:

– 2023 сылга хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын барытын толоруохтаахпыт. Ол аата 2012 – 2017 сс. киирбит дьиэлэр хабыллаллар. Бырагырааманы быйыл болдьоҕун иннинэ бүтэрэбит. Эбии үбүлээһин ылан, 2017 сыл кэннэ хаарбаҕынан билиниллибит дьиэлэри көһөрүөхпүт. Дьокуускайга мас дьиэ 90 бырыһыана хаарбах туруктааҕынан билиниллэн турар, онон улахан соруктар тураллар.

 

Сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии туһунан:

– Гидротехническэй тутуулары, шлюзтары, горканал ууну аһардар суолун бэрэбиэркэлээтибит. 10-15 хонугунан барыта ууллуоҕа, онуоха гидротехническэй тутууларбыт алдьаммакка-кээһэммэккэ үлэлиэхтэрин наада. Шестаковка, Мархинка ууну этэҥҥэ аһарыахтаахтар.

 Кулачиков-Эллэй уулуссатын, 13/1 дьиэтиттэн эрийдилэр:

 Биһиги тиэргэммитигэр “Якутдорстрой” сыллата носуос туруорар этэ. Быйыл умнууга хааллыбыт. Биир нэдиэлэ тулуйа түһүҥ дииллэр, ууга баран эрэбит...

– Билигин куоракка 40 носуос үлэлиир. Бүгүн эбии 20-ни үлэлэттибит. Манна чааһынай сектор уратытын этэр тоҕоостоох – биһиги куораппытыгар кэтэх ыаллар хаардарын олбуор таһыгар таһаллар, онтулара суолу ууга ыытар. Чааһынай сектортан хаары полигоҥҥа босхо тутабыт эрээри, нэһилиэнньэ тиэйиэн баҕарбат. Холобур, Сайсары уокуругар Билибин уулуссатыгар биир сиртэн хаары үстэ төхтөрүйэн тиэйдибит – чааһынай дьиэлэртэн таһаарбыт хаардарын. Хомолтолооҕо диэн, чааһынай дьиэлэр хаарбах туруктаах мас дьиэ таһыгар хаардарын мунньан, дьиэни ууга ыыталлара эмиэ баар.

Чааһынай сектор олохтоохторугар этэбин, суолларгыт ууга барбаттарын туһугар ыалларгыт тиэргэннэрин хаарын уулуссаҕа таһалларын бопсуҥ.

 

 – СОТ олохтооҕобун, биһиги хаарбытын тиэнэрбитигэр дьаһалта өттүттэн туох көмө оҥоһуллуон сөбүй?

– Сокуоҥҥа олоҕуран, СОТ, СНТ олохтоохторо кыһалҕаларын бэйэлэрэ быһаарыналлар. Куорат бүддьүөтүттэн кинилэри өйүүргэ сыллата 2-3 мөл. солк. көрүллэр.

 

 – 1-кы нүөмэрдээх оскуола төрүппүттэрэ эрийэбит, биһиги оҕолорбут билигин да «салгыҥҥа ыйана сылдьар” курдуктар. Кооперативнай техникум дьиэтин биэрдилэр дии санаабыппыт, ол дьиэ Педколледж бас билиитигэр турар эбит. Оччоҕо оҕолорбут ханна үөрэниэхтэрэй?

– Манна санаарҕыыр наадата суох, Ленин проспегар баар уруккута Кооперативнай техникум дьиэтэ 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа анаммыта. Оскуола урукку дьиэтин оннугар саҥа оскуола тутуллуоҕа.

 

 – Мархинская уулуссаны хаһан сырдатыахтарай? Бөх мунньар сирдэр хаһан баар буолуохтарай?

– Сырдатыы сотору холбонуоҕа. Тирээбиллэри туруоруу, уот ситимигэр холбооһун ыытылынна, холбоноро эрэ хаалла.

Бөх мунньар сири тэрийэргэ миэстэ суоҕа кыһалҕаны үөскэттэ. Марха управата манан дьарыктанар. “Якутскэкосети” тэрилтэни кытта үлэлэһэн, бөҕү мөһөөччүктэринэн хомуйар ньыманы хаалларыан сөп.

 

 – Оҕо лааҕырдарын өрөмүөнүн туһунан тугу этиэххин сөбүй?

– Оҕо лааҕырдарыгар өрөмүөн үлэтэ ыытылларынааҕар, барытын көтүрэн баран саҥаны тутар тоҕоостоох буолуоҕун өйдүүбүт. Ол иһин араас барыйааннары көрөбүт. Чааһынайдары кытта үлэлиир ордук буолсу диэн санааҕа кэлэн эрэбит, сайын оҕо лааҕырын быһыытынан үлэлиирин, кыһын сынньалаҥ тэриллэр сирэ буоларын курдук.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...