Евгений Григорьев «Якутия в деталях» быһа биэриигэ кыттыыны ылла
Куорат баһылыга дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүн ылбыт маастар-былаанынан 2030 сылга диэри Дьокуускайга 12 оскуола, 18 оҕо саада, 10 доруобуйа харыстабылын, 7 спорт эбийиэгэ, 2 култуура уонна 4 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин дьиэлэрэ, онтон да үгүс социальнай, инженернэй тутуу ыытыллаары турарын кэпсээтэ. Бу маастар-былаан билигин номнуо кумааҕыттан «тахсан», олоххо киирэн эрэрин тоһоҕолоото. Ол курдук, Ленин проспегын, Роман Дмитриев аатынан уонна Сайсары кытылларын тупсарыы номнуо саҕаламмытын санатта. Маастар-былаан аҥаардас уопсастыбаннай туоналары эрэ тупсарыы буолбатаҕын, хаарбах дьиэлэртэн босхолонуу, уу, гаас ситимнэрин тардыы курдук куорат атын сытыы кыһалҕаларын эмиэ быһаарарын санатта.
Ону сэргэ 2023 сылга Арассыыйаҕа буолан ааспыт Учуутал уонна уһуйааччы сыла Дьокуускай куорат историятыгар «Үөрэхтээһин» нацбырайыагынан алта оскуола тэҥинэн тутуллубутунан киириэҕэ диэн бэлиэтээтэ. Маны сэргэ чугастааҕы 2024 сылга былааннаммыт үлэлэр тула ааспыт нэдиэлэҕэ РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин уокуругар боломуочуйалаах бэрэстэбиилэ Юрий Трутнев Дьокуускайга оробуочай сырыытынан кэлэ сырыттаҕына киэҥ кэпсэтии буолбутун иһитиннэрдэ.
Быһа эпиир нациолнальнай бырайыактары эмиэ тумнубата. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2019 сылтан - 12, Дьокуускай куоракка 5 нацбырайыак үлэлээн, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, суол, тыа хаһаайыстыбаларын о.д.а. эйгэлэр элбэх тыын кыһалҕаларын быһааралларын бэлиэтээтэ. Аҥаардас «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» бырайыагынан Дьокуускай куоракка, холобура, Птицефабрика, ДСК курдук уруккута кытыы оройуоннарынан ааҕыллар түөлбэлэр суоллара тупсан, билигин киин уулуссалартан итэҕэһэ суох туруктаммыттарын, бэл, тротуар баар буолбутун, Иван Кульбертинов уулуссата киһи сөҕөр курдук уларыйбытын, Ленин проспегар, Окружной шоссе тротуарынан сатыы дьон элбээбитин бэлиэтээтэ.
Эпиир кэмигэр киирбит ыйытыыга сыһыаннаан маастар-былаанынан куоракка 5 км 700 м усталаах, ол иһигэр Табаҕаҕа биэрэги бөҕөргөтөр үлэ ыытыллыахтааҕын кэпсээтэ.
Биэриини ыытааччы сааскы санитарнай ыраастаныы хаамыытыгар сыһыаннаах ыйытыылары эмиэ биэрдэ. Евгений Григорьев быйыл хаар аҕыйах буолан, ыраастааһын, тиэйии үлэтэ график быһыытынан баран иһэрин, олунньу 27 күнүнээҕи туругунан куорат полигонугар 340 тыһ. куб. м тиэйиллибит иһитиннэрдэ. Баһылык маны сэргэ быйылгыттан тротуар хаарын ыраастааһын үбүлээһинэ аҕыска тиийэр төгүл үрдээбитин, ол куоракка саҥа тутуллубут суолларынан тротуар элбээбитин кытта ситимнээҕин, онон управалар быйылгыттан бэйэлэрэ бэдэрээтчит наймылаһан ыраастыылларын, «Якутдорстрой» АУо уулуссалары эрэ ыраастыырын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Халтарааны утары үлэҕэ эмиэ уларыйыы киирбит. Ол курдук, былырыын щебенка кутуутун киллэрэн, суол саахала аҕыйаабытын, ол эрээри нэһилиэнньэ сөбүлээбэккэ тохтотуллубутун, кэнэҕэһин кыра быылы таһаарар бытархай граниты боруобалыыр былаан баарын үллэһиннэ. Евгений Григорьев сылаас тохтобуллар тоҕо уулусса икки өттүгэр турар кыахтара суоҕун туһунан ыйытыыга уот, гаас, уу ситимнэрэ ааһар сирдэригэр быстах даҕаны кэмнээх эбийиэги туруорар көҥүллэммэтин быһаарда. Итини сэргэ кэлиҥҥи үс сылга куоракка 46 сылаас тохтобул тутуллубутун, 2026 сылга диэри ити ахсааны 100 тиэрдэр былаан баарын, Саха сирэ курдук тыйыс айылҕалаах дойдуга оптуобус тохтобула барыта даҕаны сылаас буолуохтааҕын туһунан тус санаатын үллэһиннэ. Оптуобус тиэмэтигэр куорат уопсастыбаннай саҥа маршруттарын сүрүн сыалынан түргэнник уонна чаастатык сүүрүүнү ситиһии буоларын, ол саҥа тиэхиньикэни атыылаһыыны уонна саҥа схеманы олоххо киллэриини кытта ситимнээҕэ этилиннэ.
Биир көрөөччү Птицефабрика оройуонугар аныгылыы дьиэлэри тутар былаан баарын-суоҕун интэриэһиргээтэ. Баһылык бу ыйытыыны саҥа, улахан кыамталаах хочуолунайы тутуу уонна эргэ мас дьиэлэрин көтүрүү быһаарарын эттэ. Манна даҕатан эттэххэ, 2030 сылга диэри Дьокуускай куоракка биир даҕаны саахалланар туруктаах эргэ мас дьиэ суох буолара күүтүллэр.
Сааскы сүрүн кыһалҕа көҕөрдүү үлэтэ буоларынан, кэпсэтии бу тиэмэни эмиэ таарыйда. Ол курдук Евгений Григорьев сэбиэскэй кэмҥэ үлэлээбит «Зеленстрой» диэн тэрилтэ суох буолуоҕуттан көҕөрдүү үлэтэ атахтаммытынан, сыл аайы уончалыы тыһыынча маһы олордон баран аҕыйаҕы тутан хаалар кыһалҕа үөскээбитинэн Олохтоох дьаһалта быйылгыттан анал үөрэхтээх садовнигы наймылаһар буолбутун санатта. Маны сэргэ куораты көҕөрдүүгэ анал питомниктары тэрийэр наадатын, кэнэҕэһин биирдиилээн уулуссалары көҕөрдүүгэ хантараактары да түһэрсэр былаан баарын үллэһиннэ.
Ити курдук, куорат элбэх тыын кыһалҕатын тула тиһиктээх кэпсэтии таҕыста.