12.09.2023 | 15:30

Евгений Григорьев ВЭФ балаһааккатыгар куорат маастар-былаанын билиһиннэрдэ

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Владивостокка ыытыллар Илиҥҥи экономическэй форум үлэтигэр кыттар диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Баһылык форумҥа Дьокуускай куорат маастар-былаанын билиһиннэрдэ.
Евгений Григорьев ВЭФ балаһааккатыгар куорат маастар-былаанын билиһиннэрдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, чугаһынааҕы сылларга маастар-былааны олоххо киллэрии нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыаҕа уонна куорат социальнай-экономическэй сайдыыта бигэ туруктаах буоларын хааччыйыаҕа.

«Маастар-былаан олоххо киириитэ куорат нэһилиэнньэтигэр, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар уонна дойдубут хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр барытыгар үтүө дьайыылаах буолуоҕа. Сүрүн сорукпут – нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтии, креативнай экономиканы сайыннарыы. Итиэннэ Дьокуускайы Уһук Илин  креативнай киининэн уонна ирбэт тоҥ үрдүгэр бастыҥ куоратынан оҥорор сыаллаахпыт», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.

Куорат баһылыга презентацияҕа маастар-былаан сүрүн хайысхаларын бэлиэтээтэ, итиннэ Саха сиригэр туризм сайдыыта, «Якутия» ТОР, хаарбах дьиэ пуондатыттан гражданнары көһөрүү, территориялар биир кэлим сайдыылара уонна куорат нэһилиэнньэтэ бары өттүнэн табыгастаахтык олорорун туһугар тупсаран оҥоруу бырайыактара киирэллэр. Дьокуускай социальнай-экономическэй сайдыытыгар Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута төһүү күүһүнэн буолуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...