Евгений Григорьев уопсастыбаннай тырааныспар сайдыытын былаанын билиһиннэрдэ
Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускай былаастара куорат оптуобустарын маршруттарын баар схемаларын уларытарга киэҥ хабааннаах үлэни ыыталлар.
«2023 сыл балаҕан ыйыгар оптуобус маршруттарыгар билигин үлэлиир таһааччылары кытта дуогабар болдьоҕо бүтэр. Саҥа дуогабардары атыннык түһэрсиэхпит. Биһиги «брутто-контракты» диэҥҥэ көһөөрү гынабыт, оччоҕо куорат дьаһалтата тиэйии өҥөтүн сакаасчытынан буолар. Сүрүн сорук – пассажирдары чопчу графигынан таһыы буолар. Ити өҥө иһин предпринимателлэргэ куорат бүддьүөтүттэн төлүөхпүт», - диэн быһаарда Евгений Григорьев.
Куорат баһылыга https://yakutsk-transport.ru/ анал сайтка уопсастыбаннай тырааныспары олохтоохторго табыгастаах оҥорууга, билиҥҥи кэмҥэ төһө элбэх пассажир айанныырын учуоттаан туран туһуламмыт бырайыак бастакы түһүмэҕин түмүктэрин көрдөрдө.
Саҥа ситимҥэ сүрүн маршруттар 23:00 чааска диэри үлэлиэхтэрэ. Тохтобулларга балаһааккалары тупсаран оҥоруу былааннанар, саамай элбэх пассажирдаах пууннарга сылаас тохтобуллар туруохтара. Итини таһынан, анаммыт балаһалар көмөлөрүнэн, төһө да элбэх тырааныспар баарын иһин, оптуобус сырыыта чуолкай, эрэллээх буолуоҕа.
Маршрут ситимин бырайыага түөрт хайысхалаах: магистральнай, куораттааҕы, «подвозящай» уонна куорат кытыытынааҕы.
Магистральнай маршрутунан саамай элбэх пассажирдаахтар сылдьаллар, холобур, саҥа 100 №-дээх маршрут. Куораттааҕы маршрут уокуруктары сибээстиир, холобур, 59-с уонна 70-с маршруттар. «Подвозящай» маршрут куорат кытыы учаастактарыттан пассажирдары кииҥҥэ таһар.
Куорат кытыытынааҕы маршрутка «Медцентр», «Аэропорт» уонна «202-с микрорайон» диэн тырааныспар түмүктэрин оҥоруу былааннанар. Итинтэн куорат хайа баҕарар туочукаларыгар айанныахха сөп. Тырааныспар каартатынан чаас иһигэр атын оптуобуска көһөн олоруу босхо буолар.
Билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин табыгастаах оҥорор сыалтан олохтоохтор санааларын уонна этиилэрин хомуйуу салҕанар. Итиннэ кыттарга https://yakutsk-transport.ru/ сигэнэн киириллэр. Сайтка саҥа маршрут ситимин бырайыагын кытта билсиэххэ, этиилэри уонна баҕа санаалары хаалларыахха сөп.
Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин табыгастаах оҥорорго туһуламмыт олохтоохтортон 3 тыһыынчаттан тахса этии киирдэ. Нэһилиэнньэ интириэһин учуоттаан, Евгений Григорьев сайтка этиилэри уонна баҕа санаалары хомуйууну 7 күн уһатарга сорудахтаата. Саамай чопчу толкуйдаммыт, туһалаах этиилэри саҥа маршрут ситимин бырайыагын көннөрүүгэ туһаныахтара.