23.05.2022 | 13:00

Евгений Григорьев: «Тупсаран оҥоһуллубут Сайсары кытыла уонна Ийэ скверэ куораппытын тупсарыахтара»

Евгений Григорьев: «Тупсаран оҥоһуллубут Сайсары кытыла уонна Ийэ скверэ куораппытын тупсарыахтара»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев 2023 сылга тупсарыллыахтаах уопсастыбаннай территориялары сүүмэрдээһин https://14.gorodsreda.ru/ федеральнай платформа рейтинговай куоластааһыныгар Сайсары кытылын уонна Ийэ скверин талла. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Сайсары ытык күөлүнэн ааҕыллар уонна сахаларга ураты суолталаах миэстэнэн буолар. Норуоппут үөскээн тахсыыта мантан саҕаламмыта. Ол иһин мин уонна чугас дьонум бэйэбит куоласпытын Сайсары кытылын уонна Ийэ скверин тупсаран оҥоруу иһин биэрдибит. Биһиги бу миэстэ куорат киинэ буолуон сөп, манна дьиэ кэргэнинэн мустан сынньанар буолуохпут дии саныыбыт. Өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэриллибит Ийэ сылыгар куорат олохтоохторун куоласкытын Ийэ скверин тупсаран оҥоруу иһин биэриҥ диэн ыҥырабын. Бэйэм холобурбунан этэбин, куоластааһын 2-3 эрэ мүнүүтэни ылар. Эһиги куоласкыт көмөтүнэн бу эбийиэги тупсаран оҥордохпутуна куораппыт тупсуоҕа», - диэн эттэ олохтоохторго туһаайан Евгений Григорьев. 
Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан 2023 сылга тупсарыллыахтаах уопсастыбаннай территориялары сүүмэрдээһиҥҥэ 12 тыһыынча кэриҥэ киһи куоластаабыт. Ким өссө кытта илик,  14-тэн аҕа саастаах гражданнар ыам ыйын 30 күнүгэр диэри https://14.gorodsreda.ru/ сайтка бэйэлэрин куоластарын биэриэхтэрин сөп. 
Сайсары кытылын уонна Ийэ скверин тупсаран оҥоруу бырайыага былырыыҥҥы куоластааһыҥҥа кыттыбыта, ол эрэн сөптөөх куолаһы ылбатаҕа. Бу сырыыга куорат олохтоохторугар кытылы уонна сквери тупсарыы иһин куоластарын биэрэргэ өссө биир түгэн тосхойдо.
Бырайыак быһыытынан эбийиэккэ күөл тула бэлисипиэттэх дьон сырыытын тэрийии,  Ийэ скверигэр сатыы дьон сылдьар суолун, Ойуунускай уулуссатыгар сатыы туоруур муостаны тутуу, итиэннэ  «Триумф» СК таһыгар спортивнай зонаны оҥоруу былааннанар. Сайсары күөл кытылын устун, «Триумф» СК таһыгар аһаҕас бассейннар уонна тыы станцията оҥоһуллуохтаах. Сүрүн зонаҕа воркаут-балаһааккалар, уулусса тренажердара, батуттар, баскетбол балаһаакката баар буолуохтара. Кытыл таһыгар, Спортивнай бэлэмнэнии киинин өттүттэн, спорт араас көрүҥнэригэр анаммыт 7 стендэлээх «Албан аат аллеята» оҥоһуллар. Аттыгар амфитеатр, оҕо балаһааккалара,  бэлисипиэттиир уонна сүүрэр суоллар баар буолуохтара. Территорияны тупсаран оҥоруу, суоллар уонна тротуардар хапытаалынай өрөмүөннэрэ, саҥа эбийиэктэр тутуулара, суол, сатыы сылдьар зона уонна спортивнай балаһааккалар сырдатыылара, Ийэ скверин хапытаалынай өрөмүөнэ былааннанар. Сквергэ сылаас павильон оҥоһуллуоҕа. 
Хайдах куоластыыбыт?
Куоластааһыҥҥа кыттарга «Судаарыстыбаннай өҥөлөр» порталга регистрация ирдэнэр.
Бастаан куоластааһын сайтыгар киириллэр, онтон «Судаарыстыбаннай өҥөлөр» портал нөҥүө авторизацияланар, онтон региону уонна куораты, салгыы сөбүлээбит эбийиэги талыллар.
Куоластааһыҥҥа кыттын. Хас биирдии куолас суолталаах! Дьокуускайбытын тупсарыаҕыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....