Евгений Григорьев суоллар уонна тиэргэннэр өрөмүөннэрин бэрэбиэркэлээтэ
«Главстрой» МХТ информациятынан, бүгүҥҥү күҥҥэ Жорницкай уул, 7/10 чугаһыыр суоллары уонна парковкалары аспааллыыллар, тротуардары оҥороллор. Аччыгый архитектурнай пуормалары (тренажердары, хачыаллары, ыскамыайкалары), оҕо балаһааккаларын хааччахтааһынын туруоруу алтынньы бүтэһигэр түмүктэниэхтээх.
Куорат баһылыга итини сэргэ Рыдзинскай уул., 18/3 уонна 18/4 дьиэлэрин саҥардыллыбыт тиэргэннэрин көрдө. Бу эбийиэккэ чугаһыыр суоллары уонна парковкалары аспааллаабыттар, тротуардары, газоннаах уонна эрэһиинэ көбүөрдээх оҕо балаһааккатын оҥорбуттар, аччыгый архитектурнай пуормалары уонна бөҕү арааран мунньар пууну туруорбуттар.
Икки эбийиэккэ үлэни бэдэрээтчит «Сахакапитал» ХЭТ толорбут.
Строительнай уокурук Управатын салайааччыта Василий Рязанскай бэлиэтээбитинэн, уокурук олохтоохторо ыытыллар үлэҕэ көхтөөхтүк кытталлар уонна тиэргэн саҥардылларын үчүгэйинэн сыаналыыллар. Быйыл бу уокурук территориятыгар 22 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэргэнэ тупсаран оҥоһулунна.
Салгыы Евгений Григорьев Маяковскай уул. Каландаришвили уул. Широких-Полянскайга диэри учаастагын бэрэбиэркэлээтэ. Эбийиэккэ инженернэй ситимнэри таһаарбыттар, компенсаторы уларыппыттар, аспаал бастакы дьапталҕатын уурбуттар, бордюру уонна сырдатыы тирээбиллэрин туруорбуттар. Бүгүҥҥү күҥҥэ ууну ыытар лотуоктары оҥороллор, тротуардары аспааллыырга бэлэмнэнэллэр. Эбийиэк бэлэмэ – 85%.
Яков Потапов уул. Кеша Алексеев уул. «Гимеин» кольцевой суолга диэри учаастакка бүттүүнүгэр буорун уларыппыттар, инженернэй ситимнэри таһаарбыттар, аспаал бастакы дьапталҕатын уурбуттар. Билигин суолтан түһэр сири аспааллыыллар, оптуобус «хармааннарын», бордюрдары, парковка павильоннарын, ууну ыытар лотуоктары уонна турбалары оҥороллор, сырдатыы тирээбиллэрин туруораллар. Эбийиэк бэлэмэ – 60%.
Икки эбийиэккэ үлэни бэдэрээтчит «РИК Автодор» АУо ыытар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев суолу оҥорооччуларга аспаал үөһээҥи дьапталҕатын ууруутун тэтимирдэн, өрөмүөнү болдьоҕор түмүктүүллэригэр сорудахтаата.