27.09.2021 | 11:33

Евгений Григорьев Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын Күнүнэн эҕэрдэлиир

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күндү куорат олохтоохторо!
Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын Күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу бырааһынньык өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатыгар дьоһун түһүмэх саҕаламмытын кэрэһэлиир – судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтүү уонна национальнай биир сомоҕо буолууну хааччыйыы. XX үйэ 90-с сыллара, Арассыыйа судаарыстыбатын уларыта тутар устуоруйа ирдэбилэ уонна дьон уларыта тутууга дьулуура бииргэ сомоҕолоһон, өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатыгар төлкөбүтүн уларытар кэмнэр быһыытынан киирбиттэрэ. 
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтэ социальнай-экономическэй сайдыы тэтиминэн Уһук Илин регионнарын ортотугар инники кирбиигэ сылдьар. Саха сирин киин куората, кини олохтоохторо бэйэлэрин үлэлэринэн РФ бөдөҥ субъегын экэниэмикэтэ үрдээһинигэр, Ийэ дойдубут бөҕө туруктаах, модун күүстээх буоларыгар  сүдү кылааттарын киллэрэллэр. 
Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэбит, Саха АССР 1922 сыллаахха тэриллэн, 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Ылыныллыбыт былааннар уонна туруоруллубут сыаллар ситиһиллиэхтэрэ диэн эрэнэбин: Дьокуускай ити историческай суолталаах күнү-дьылы тупсан, саҥа суоллардаах уонна дьиэлэрдээх, оскуолалардаах уонна балыыһалардаах, тиэргэннэрдээх уонна сквердэрдээх көрсүөҕэ. Хас биирдиибит бэйэтин үлэтинэн, күүһэ кыайарынан, уопсай дьыалаҕа кылаатын киллэриэҕэ!
Ытыктабыллаах Сахабыт сирин олохтоохторо! Эһиэхэ ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Саамай үтүө баҕа санааларбын эһиги аймах-билэ уонна чугас дьоҥҥутугар тиэрдэбин. 

«Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук Баһылыга Евгений Григорьев

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...