Евгений Григорьев оттук сезонугар бэлэми бэрэбиэркэлээтэ
Баһылыгы кытта куорат хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччыта Егор Кардашевскай, салайар хампаанньалар салайааччылара уонна үлэһиттэрэ, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо сырыттылар.
Оробуочай бөлөх Лермонтов уул., 92/1, Новокарьернай уул., 22/9 хочуолунайдарыгар сырытта, олохтоохтору кытта көрүстэ, итиэннэ Сэргэлээхтиир шоссе 13 км 1 №-дээх дьиэтин туругун көрдө-иһиттэ.
2015 сыллаахха «Высота» ХЭТ туппут Новокарьернай уул., 22/9 дьиэтигэр көрсүһүүгэ олохтоохтор дьиэ хаачыстыбатыгар, территорияны сырдатыыга сыһыаннаах кыһалҕаларын эттилэр. Ону кытта пандустары оҥорору, тиэргэҥҥэ гараастары аҕыйатары, суолу өрөмүөннүүрү уонна дьиэттэн чугас оптуобус тохтобулун оҥорору көрдөстүлэр.
Бастакы этээскэ муосталара тымныы диэн үҥсүүгэ Евгений Григорьев олохтоохтор бэйэҕит дьиэҕитин туппут тэрилтэттэн суут нөҥүө ирдэһиэххитин сөп диэн хоруйдаата.
«Дьиэ таһынааҕы территория сырдатыыта суоҕа куорат үрдүнэн уопсай кыһалҕанан буолар. Билиҥҥи туругунан Дьокуускай 65 бырыһыан эрэ сырдатыллан турар. Онон ити хайысханан былааннаммыт үлэ салҕанар», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Эбийиэктэри кэрийии чэрчитинэн Евгений Григорьев уонна Егор Кардашевскай салайар хампаанньалар төһө таһаарыылаахтык үлэлииллэрин бэрэбиэркэлээтилэр.
ОДьКХ эбийиэктэригэр уонна оттукка бэлэмнэниигэ суһал штаб информациятынан, атырдьах ыйын 4 күнүнээҕи туругунан ититии систиэмэтин хапытаалынай өрөмүөнүн ыытарга куорат территориятыгар 41 элбэх кыбартыыралаах дьиэни кытта дуогабар түһэрсиллибит. Билиҥҥи туругунан олорор дьиэ пуондатын уопсай бэлэмэ 63%. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ ититии систиэмэтин сууйуу уонна өрөмүөннүүр-чөлүгэр түһэрэр үлэ салҕанар.