18.02.2024 | 15:00

Евгений Григорьев: «Нэһилиэнньэ улаатар – ол аата биһиги куораппыт инникилээх»

Евгений Григорьев: «Нэһилиэнньэ улаатар – ол аата биһиги куораппыт инникилээх»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 15 күнүгэр куорат баһылыга Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин үлэһиттэрин иннигэр отчуотугар Дьокуускай куорат дойду баһылыга Владимир Путин биһирэбилин ылбыт маастар-былаанынан сайдарын, Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллар «Демография», «Үөрэхтээһин», «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар», «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ», «Култуура» курдук биэс бөдөҥ национальнай бырайыак үлэлирин кэпсээтэ.
Баһылык урбаан тэрилтэтин үлэһиттэригэр куорат бүддьүөтэ 2023 сылга 30 млрд солк. тиийбитин, дохуоттаах чааһа 31 млрд солк. көрдөрбүтүн, ороскуот кээмэйэ 32 млрд солк. тэҥнэспитин, ол иһигэр куорат нолуоктан киирэр тус дохуота 11 млрд солк. буолбутун иһитиннэрдэ. 
«Куорат нэһилиэнньэтэ улаатар буоллаҕына, ол аата биһиги куораппыт кэскиллээх. Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтэ аҥаардас кэлиҥҥи 5 сылга 47 тыһыынча киһинэн эбилиннэ. Оттон нэһилиэнньэ элбиирэ аһылык промышленнаһын кэҥэтэргэ, сайыннарарга көҕүлүүр, ол иһигэр килиэп бородууксуйатыгар наадыйыы үрдүүр», – диэтэ Евгений Григорьев.
Килиэп кэмбиннээтин үлэһиттэриттэн киирбит ыйытыылар кэмбинээт «Алгыс» НТО, Дзержинскэй уулуссатыгар киирэр суол наадатын, Бестужев-Марлинскай, 9/3 хаарбах дьиэ олохтоохторун көһөрүү, бөҕү тиэйии тарыыбын, сир учаастактарын тыырыы, «Тускул» түөлбэҕэ гааһы киллэрии, Өлүөнэ муостатын, оптуобус  тохтобулларын таблолара үлэлээбэттэрин тула буолла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...