29.02.2024 | 16:30

Евгений Григорьев: «Маастар-былаан урбаанньыттарга саҥа саҕахтары арыйар»

Олунньу 27 күнүгэр Евгений Григорьев урбаанньыттар иннилэригэр отчуоттаата.
Евгений Григорьев: «Маастар-былаан урбаанньыттарга саҥа саҕахтары арыйар»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Евгений Григорьев 2030 сылга диэри олоххо киллэриллэр маастар-былаанынан Дьокуускай куоракка 12 саҥа оскуола, 18 оҕо саада, эбии үөрэхтээһин эбийиэктэрэ тутуллалларын, киэҥ хабааннаах тупсарыы үлэтэ бараары турарын иһитиннэрдэ.

«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» бырайыагынан 958 элбэх кыбартыыралаах мас дьиэни көтүрэн, олохтоохтору саҥа дьиэнэн хааччыйар сорук турарын бэлиэтээтэ.

«Территориялары комплекснайдык сайыннарыы» бырагырааманан үс бырайыак тутулла турар – өрүс пуордун таһаҕас тиэйэр терминала, «Спортивнай» (17-с кыбаартал) уонна «Звезднай» (Байыаннай чаас) саҥа түөлбэлэр. Маны сэргэ бастакы уочарата тутулла турар «Өлүөнэ очуостара» түөлбэ куорат киэн туттуута буолар кэскиллээҕин санатта.

«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыак «Куорат сиригэр табыгастаах эйгэни тэрийии» бырагырааматынан 2023 сылга Р.М. Дмитриев аатынан кытыл, Сайсары күөл кытылын, Ленин болуоссатын уонна Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын өрөмүөннэрэ саҕаламмыта. Маны сэргэ киинэ устар павильон, Кэлэр көлүөнэлэр пааркалара тутуллар.

Туризмы сайыннарыы иитинэн 4 сулустаах 4 гостиница тутуллуоҕа, туристыыр маршруттар үөрэтиллиэхтэрэ, оҥоһуллуохтара, «Кырдьаҕас куорат-2» комплекс тутуллуоҕа.

Быйылгыттан Инфраструктураны сайыннарыы үс сыла саҕаланна. Бу кэмҥэ уопсастыбаннай тырааныспары сайыннарыыга болҕомто ууруллуоҕа, сылаас тохтобуллары тутуу салҕаныаҕа, куорат бары уулуссалара лаампалаах буолуохтара.

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан 2019 сылтан киин куоракка уопсайа 164 км суол тутуллубут, 2030 сылга ити иэн 488 км тиэйиэхтээх.

«Маастар-былааны олоххо киллэрии, Өлүөнэ муостатын тутуу, социальнай инфраструктураны сайыннарыы, суол, дьиэ-уот тутуута барыта ырыынагы кэҥэтии, саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарыы курдук урбаан эйгэтигэр табыгастаах усулуобуйалары тэрийэр», - диэтэ Евгений Григорьев.

Отчуот түмүгэнэн Арассыыйа сенаторын көмөлөһөөччүтэ, Туризмҥа уонна урбааҥҥа координационнай сэбиэт чилиэнэ, «Патриот» СВП АНО бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Решке урбаан бэрэстэбиитэллэрэ куораты - нолуогунан, оттон нэһилиэнньэни үлэ миэстэтинэн хааччыйалларын, билиҥҥи кэм урбаанньыттара социальнай эппиэтинэстээх эрэ буолбакка, эппиэтинэстэн толлубат хорсун санаалаах дьон буолалларын, оттон чуолаан Саха сирин урбаанньыттара дьиҥнээх патриоттар диэн бэлиэтээтэ.

Урбаанньыттар ааттарыттан Куорат баһылыгын иһинэн Урбааҥҥа координационнай сэбитэт салайааччыта Кирилл Соболев маастар-былаан урбаанньыттарга улахан кыаҕы биэрэрин эттэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....