23.02.2024 | 13:00

Евгений Григорьев: «Куораппыт былыргытыгар харыстабыллаах сыһыан маастар-былааҥҥа киирэ сылдьар»

Евгений Григорьев: «Куораппыт былыргытыгар харыстабыллаах сыһыан маастар-былааҥҥа киирэ сылдьар»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Былыргы Дьокуускай» («Якутск в былые годы») XIX-с үйэ бүтүүтүнээҕи – XX-с үйэ саҥатынааҕы Дьокуускай куорат хаартыскаларын быыстапката Бүтүн Арассыыйатааҕы история уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр уопсастыба «Илиҥҥи вектор» бырайыагын чэрчитинэн Дьокуускай куорат оскуолаларыгар туруоҕа.
Л.А. Колосова аатынан 33 №-дээх оскуолаҕа арыллыбыт бастакы маннык быыстапканы үөрүүлээхтик арыйыыга куорат баһылыга Евгений Григорьев Дьокуускай куорат былыргы көстүүтүгэр ытыктабыллаах, харыстабыллаах сыһыан 2030 сылга диэри олоххо киллэриллэр маастар-былааҥҥа киирэ сылдьарын, ол чэрчитинэн Залог оройуонугар «Кырдьаҕас куорат-2» комплекс тэриллиэхтээҕин бэлиэтээтэ.
«Былыргыбытын кытта билиһиннэрэр, былыргы мас тутууларбытын, историябытын көрдөрөр миэстэ Дьокуускайга хайаан даҕаны баар буолуохтаах. Биһиги дьолбутугар, 1883 сыллардааҕы, XIX үйэтээҕи дьиэлэр тыытыллыбакка ордон хаалбыт бүтүн кыбаарталлаахпыт, онон бу былааммытын олоххо киллэрэр кыахтаахпыт. Билигин ити дьиэлэри сэрэнэн чөлүгэр түһэрэн, туристарга көрдөрөр, кэпсиир миэстэлэниэхпит», – диэтэ Евгений Григорьев.


Л.А. Колосова аатынан 33 №-дээх оскуола дириэктэрэ Прокопий Батюшкин оҕолорго аҕыйах сылынан дойду баһылыга Владимир Путин өйөбүлүнэн олоххо киллэриллэр маастар-былаан көмөтүнэн саҥа, тупсубут, сайдыылаах Дьокуускай туоһулара буолуоххут диэтэ.
«Былыргы Дьокуускай» быыстапканы тэрийээччилэртэн уонна көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы история уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Руслан Васильев оҕолорго, эбэлэрэ, эһэлэрэ хаампыт уулуссаларын, сылдьыбыт дьиэлэрин көрөн, историяҕа кыттыһар түгэни мүччү туппаттарыгар сүбэлээтэ. 
«Быыстапкаҕа турбут хас биирдии хаартыска көмөтүнэн куораппыт былыргытын сэгэтэн көрүөххүтүн баҕарабыт. Холобура, Киев куораты Арассыыйа куораттарын ийэлэрэ диэн ааттыыр буоллахтарына, биһиги Дьокуускайбытын Уһук Илин куораттарын аҕалаатар аҕалара диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ Уһук Илин регионун 400 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһин биһигиттэн саҕаланыаҕа. Бастакы айанньыттар экспедициялара барыта чуолаан Дьокуускайтан аттаммыттара историябытын уонна пааматынньыктарбытын харыстыырга көҕүлүүр өссө биир төрүөт буолар»,– диэтэ Бүтүн Арассыыйатааҕы история уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр уопсастыба Дьокуускай куораттааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Высоких.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...