Евгений Григорьев IT-эйгэтин бэрэстэбиитэллэрин иннигэр отчуоттаата
Куорат эйгэтигэр информационнай технология сайдыытын туһунан кэпсииригэр, баһылык Дьокуускай уопсастыбаннай миэстэлэригэр 2022 сыл саҥатыгар 134 видеокамера баарын, быйыл тохсунньу ыйга эбии 200 туруоруллубутун уонна сыл устата өссө 200 былааннаммытын, уопсайа 534 камера буолуохтааҕын иһитиннэрдэ.
Былырыын 41 муниципальнай өҥө электроннай көрүҥүнэн оҥоһулунна. 2023-2024 сылларга 51 муниципальнай өҥөнү цифровой көрүҥҥэ уларытар былаан баар.
Отчуот кэнниттэн IT-эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ ыйытыыларын уонна этиилэрин киллэрдилэр. Ол курдук, кинилэр бөҕү арааран хомуйуу логистикатын, дистанционнай үөрэҕи саҥардыы, IT-бородуукталары үбүлээһин, предпринимательствоны өйүүр миэрэлэр, итиэннэ Үс Хатыҥҥа интэриниэти киллэрии, суотабай сибээһи тупсарыы боппуруостарын көтөхтүлэр.
«Быйылгы сылга, Цифровой сайдыы министиэристибэтин өйөбүлүнэн, куорат бүддьүөтүгэр Үс Хатыҥ территориятыгар интэриниэт баар буоларын курдук, суотабай станциялары тутууга үп көрүлүннэ. Онон Ыһыаҕы ыытарга бигэтик үлэлиир интэриниэт баар буолуо диэн эрэнэбит», - диэтэ Евгений Григорьев.
Итини таһынан, көрсүһүү кыттыылаахтара «Кванториум» оҕо технопааркатын тэрилин саҥардыыны үбүлээһиҥҥэ, Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн чэрчитинэн «Чистое небо» бырайыак олоххо киириитигэр сыһыаннааҕы ыйыталастылар уонна кинилэр оҥорбут сайтарын кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ, 5G-технологиялары туттууга этиилэрин киллэрдилэр.