18.04.2024 | 11:59

Евгений Григорьев Губинскай уокурукка ыытыллар үлэни бэрэбиэркэлээтэ

Евгений Григорьев Губинскай уокурукка ыытыллар үлэни бэрэбиэркэлээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устар 17 күнүгэр баһылык Евгений Григорьев Губинскай уокурукка ыытыллар үлэ хаамыытын билистэ. 
Санатар буоллахха, уокурукка салгын сыттыктаах уу аалларыгар аналлаах «Намыв» ыстаансыйаҕа киирэр суол оҥоһуллар. Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, үлэ график быһыытынан барар, бу күннэргэ буор кутуллар.
«Өҥөнү оҥорооччулары кытта пассажирдары манна аҕалар, мантан ылар туһунан кэпсэтии ыытыллыбыта. Ыстаансыйаҕа диэри трансфер биһиги эбээһинэспитигэр киирэр», – диир баһылык.
Губинскай уокурукка маны сэргэ куорат маастар-былаанынан тутуллар Роман Дмитриев аатынан кытылга үлэ барар. «Азия оҕолоро» НИСО диэри сөтүөлүүр сир бэлэм буолуохтаах, ол иһигэр массыына туруорар сир, сөтүөлүүр сиргэ түһэр суол саҥардыллыахтаахтар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...