04.03.2024 | 13:30

Евгений Григорьев «Эхо столицы» уонна «Киин куорат» хаһыаттары үбүлүөйдэринэн эҕэрдэлээтэ

Евгений Григорьев «Эхо столицы» уонна «Киин куорат» хаһыаттары үбүлүөйдэринэн эҕэрдэлээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт бээтинсэҕэ Дьокуускай куорат «Эхо столицы» уонна сахалыы тахсар «Киин куорат» хаһыаттара туһааннааҕынан 35 уонна 25 сылларын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин Гагарин аатынан Аныгы култуура уонна искусство дьиэтигэр буолан ааста.

Бэлиэ күнүнэн эрэдээксийэлэр бэтэрээннэрин, бүгүҥҥү айар кэлэктииби куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтэ.

Евгений Григорьев икки судаарыстыбаннай тылынан тэҥинэн тахсар куорат хаһыаттара Олохтоох дьаһалта үлэтин-хамнаһын сырдатыыга ураты оруолларын тоһоҕолоото. Эрэдээксийэлэр бу сыллар тухары өрөспүүбүлүкэ киин куоратын олоҕун-дьаһаҕын, куорат хаһаайыстыбаларын үлэлэрин-хамнастарын, экономическай туруктарын туһунан тиһигин быспакка сырдатан кэлбиттэрин, маны сэргэ култуура, спорт, чөл олох, история туһунан матырыйааллар ааҕааччы сэҥээриитинэн туһаналларын бэлиэтээтэ.

«Биһиги хаһыаттарбыт информацияны бүгүн хас да көрүҥүнэн тарҕаталлар. Ол иһигэр «Эхо столицы» хаһыат саайтыгар киирэн, архыыбы кытта билсиһиэххэ, холобура, 10 сыл аннараа өттүгэр суруналыыстар тугу суруйбуттарын ааҕыахха сөп», - диэтэ Евгений Николаевич уонна «Эхо столицы» уонна «Киин куорат» хаһыаттар эрэдээксийэлэригэр салгыы сайдыыны, интэриэһинэй бырайыактары баҕарда.

Бу күн баһылык суруналыыстарга Олохтоох дьаһалта аатыттан Бочуотунай грамоталары, Махтал суруктары туттарда.

Урукку сылларга үлэлээн ааспыт «Эхо недели» бастакы эрэдээктэрэ Петр Гуляев, Ирина Пантелеева, Олег Емельянов, Людмила Левина о.д.а. тустарынан сылаас тылларынан ахтыы буолла, бэйэлэрин эҕэрдэлэрин араас сылларга эрэдээктэрдээбит Андрей Петров, Евгений Грибчатов, «Киин куорат» хаһыаты төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, «Дьокуускай куорат сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэ хаһаайына Прокопий Чуукаар о.д.а.  эттилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...