Евгений Григорьев бастыҥ учууталлары уонна үөрэнээччилэри чиэстээтэ
Эрдэ биллэриллибит 100 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх бириэмийэни саха тылын уонна литературатын бастыҥ учууталларыгар бэс ыйын 25 күнүгэр Евгений Григорьев Туймаада ыһыаҕыгар туттарда.
Ол курдук, Арассыыйаҕа биллэриллибит Учуутал уонна уһуйааччы сылынан куорат баһылыга Евгений Григорьев бастыҥ учууталлары, иитээччилэри уонна туйгун үөрэнээччилэри чиэстээтэ.
Баһылык үөрэх хас биирдии киһи кэнэҕэски дьылҕатыгар сүҥкэн суолталааҕын, Дьокуусукай куорат үөрэҕин систиэмэтэ кэлиҥҥи сыллардааҕы көрдөрүүтэ үөрдүбэт буолуон сатамматын, ону Биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарааччылар, олимпиадалар кыайыылаахтара туоһулуулларын, ол иһин былырыын Саха АССР 100 сылынан олохтоммут 100 бааллаах оҕону бэлэмнээбит учууталы 100 тыһыынча солкуобайынан бэлиэтиир бириэмийэ мантан ыла сыл аайы олохтонорун бэлиэтээтэ итиэннэ куорат үөрэх кыһаларын саха тылын, литературатын уонна төрүт култуура бастыҥ учууталларыгар 100 000 солк. кээмэйдээх бириэмийэлэри туттарда.
Ол курдук, «Нуучча оскуолатыгар саха тылын, литературатын уонна төрүт култууратын үөрэтиигэ бастыҥ учуутал» анал аат Таися Егоровна Кулакинаҕа, В.И. Малышкин аатынан 23 №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын (кэккэ предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр) учууталыгар ананна. «Сахалыы оскуолаҕа саха тылын, литературатын уонна төрүт култуураны үөрэтиигэ бастыҥ учуутал» анал аатынан Майя Виссарионовна Осипова, «Саха-политехническэй лицей» МАОУ учуутала, наҕараадаланна. «Сахалыы уһуйаан бастыҥ иитээччитэ» хайысхаҕа 100 000 солк. кээмэйдээх бириэмийэ хаһаайынынан Мария Михайловна Петрова, Е.Г. Корнилова аатынан 51 №-дээх «Кэскил» оҕо саадын иитээччитэ, наҕараадаланна.
Санатар буоллахха, саха тылын, литературатын уонна төрүт култуура бастыҥ учууталларыгар бириэмийэ олохтооһун туһунан Дьокуускай куорат баһылыгын 30п №-дээх уурааҕа быйыл, 2023 сыл олунньу 13 күнүгэр, баттаммыта.