04.05.2023 | 14:31

Евгений Григорьев баһаартан эмсэҕэлээбит дьиэ таһыгар суһал мунньаҕы ыытта

Евгений Григорьев баһаартан эмсэҕэлээбит дьиэ таһыгар суһал мунньаҕы ыытта
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, ыам ыйын 4 күнүгэр, Дьокуускай куорат Ленин пр., 25 дьиэтигэр улахан баһаар турда. Тахсыбыт быһылаанынан баһылык Евгений Григорьев баһаартан эмсэҕэлээбит дьиэ таһыгар суһал мунньаҕы ыытта.
Мунньахха Дьокуускайдааҕы баһаарынай-быыһыыр гарнизон начаалынньыга Роман Мыльников, куорат баһылыгын солбуйааччы Егор Кардашевскай, Ыксаллаах быһыыга-майгыга управление начаалынньыга Николай Егоров кыттыыны ыллылар. 
Хамыыһыйа баһаар төрүөтүн дьүүллэстэ уонна уоттан эмсэҕэлээбит кыбартыыралары көрдө, суһал медицинскэй көмө иһитиннэриитин иһиттэ. Баһылык Евгений Григорьев эмсэҕэлээбит кыбартыыралар олохтоохторун кытта кэпсэтэн, бастакы уочарат ылыллар миэрэлэри, ол иһигэр дьиэ эркинин чөлүгэр түһэрии, подъеһы ыраастааһын туһунан иһитиннэриини тиэртэ. 
Салайар хампаанньа, өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэр суһаллык туһааннаах дьаһаллары  ыларга сорудахтаннылар. Бүгүн Олохтоох дьаһалтаҕа бу түбэлтэнэн мунньах ыытылларын туһунан иһитиннэрдэ. 
Бэлиэтээн эттэххэ, Ленин пр.,25 дьиэтигэр баһаар «Илин Эҥэр» маҕаһыынтан турда. Уот маҕаһыын сарайыттан чугастааҕы балконнарга ыстанан, хас даҕаны кыбартыыра улаханнык эмсэҕэлээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...