22.08.2022 | 16:00

Евгений Григорьев Арассыыйа Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Куорат баһылыга Евгений Григорьев бүгүн Кыайыы болуоссатыгар Арассыыйа Судаарыстыбаннай былааҕын күнүн бэлиэтээһиҥҥэ кытынна. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Евгений Григорьев Арассыыйа Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн эҕэрдэлээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов, өрөспүүбүлүкэ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Петр Шамаев, Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова кытыннылар.

Евгений Григорьев эҕэрдэ тылыгар Арассыыйа символа – былаах үүнэр көлүөнэни патриотизм, гражданственнас тыыныгар, Ийэ дойдубут кэскилигэр эппиэтинэстээх буолууга иитэрин бэлиэтээтэ. Былаах көҥүлү, тутулуга суох буолууну уонна Аҕа дойдубут историятын уонна кэскилин сомоҕолуур сүдү күүс.

«Бу Арассыыйа олохтоохторун бары көлүөнэтин бырааһынньыга, улуу дойдубут историятыгар ытыктабылбытын биллэрэр күн. Арассыыйа былааҕа үөрэххэ уонна үлэҕэ үрдүк сыаллары ситиһэрбит курдук хас биирдиибит өйбүтүгэр уонна сүрэхпитигэр баар буолуохтаах. Бүгүн былаахпыт уонна дойдубут модун күүһэ хас биирдиибититтэн тутулуктаах», - диэтэ Евгений Григорьев.

СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов былаах Арассыыйаҕа олорор араас омуктары сомоҕолуурун бэлиэтээтэ.

«Билигин, уустук кэмҥэ, үгэстэри күүһүрдүөххэ, Ийэ дойдубутун таптыахха, дойдубут символларыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха уонна ити тапталы оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр иҥэриэххэ наада. Арассыыйа Федерациятын былааҕын анныгар биһиги дойдубут улуу кэскилин  түстүөхтээхпит», — диэтэ Георгий Михайлов.

Судаарыстыбаннай былаах – триколор күнэ 1991 сыллаахха төннөрүллүбүтэ, 1994 сылтан бэрэсидьиэн ыйааҕынан Былаах күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...