30.03.2024 | 11:48

Евгений Григорьев анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр субуотунньукка кыттыыны ылла

Евгений Григорьев анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр субуотунньукка кыттыыны ылла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев көҕүлээһининэн чааһынай дьиэлээх анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын тиэргэннэрин хаарын тиэйиигэ субуотунньуктар буола тураллар.
Баһылык тус бэйэтинэн Сайсары уокуругар ыытыллыбыт субуотунньукка кыттыыны ылла. Субуотунньукка уокурук салайааччыта Владимир Слепцов, управа эр дьоно бары, икки погрузчик уонна икки самосвал массыына үлэлээннэр, тиэргэн хаара бүтүннүү тиэйилиннэ.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтэ Марианна Портнягина куорат уонна уокурук салалталарыгар көмөлөрүн уонна тиһиктээх өйөбүллэрин иһин махтанна. 
Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр кииҥҥэ күннэтэ араас хабааннаах көрдөһүүлэр киирэллэр.


«Бу кэм устата киирбит 10 тыһыынча кэриҥэ көрдөһүүгэ, кыратыттан-улаханыттан тутулуга суох, барытыгар көмөлөһө сатыыбыт. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр өйөбүл ураты хонтуруолга турар», - диэтэ куорат баһылыга. Ол туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...