07.06.2020 | 12:27

Үөһэттэн илдьит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Чэлгийээнэ бүгүн соҕотоҕун дьэдьэннии барар буолла. “Соҕотоҕун да сылдьыллыа, ойуур иһэ билигин толору дьэдьэнньит”, – дии санаата. Баар суох дьүөгэлэрэ Күндээрэлээх Алгыына бүгүн аймахтарын сыбаайбатыгар оройуон киинигэр киирэллэр.

Чэлгийээнэ бу сотору уон биэһин туолуохтаах, килбик, сэмэй, кэрэ-нарын кыысчаан. Үөрэҕэр туйгун, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх.

Ийэтэ учуутал, эһэтэ суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута үс-түөрт сыл буолла.

         Кыыс туран суунан-тараанан, аһаан бүтэн, ыһыгын бэлэмнэнэн баран, үөмүөҕүнэн үөмэн тиийэн, сэрэниин-сэрэнэн хараҕын быһа симэ сытар эһэтин хаппыт-куурбут иэдэһиттэн сыллаата уонна аанын оргууй аһан, дьиэтиттэн тахсан барда...

Дьэ, сырылатан түһэн, куйаас да күн үүммүт!  Чэлгийээнэ үөһэ хантайан көрбүтэ, күп-күөх мэндээрбит халлааҥҥа, собус-соҕотох биир мап-маҥан былыт түргэн-түргэнник устарын көрөн, кыыс хайдах эрэ мап-маҥан кулунчук мэниктээн сүүрэкэлииригэр холуу санаата уонна бейсболкатын сүүһүн анныгар саба  баттаата да, тиэтэйэ-саарайа ойуур диэки түһүнэн кэбистэ.

         Дьэдьэнниир сир кинилэртэн соччо ырааҕа суох. Кыыс сотору дьэдьэн сыта киһи сүрэҕэр сүр минньигэстик сайа охсон киирэр ырааһыйатыгар кэлэ оҕуста.

         Төһө өр үргээбитин билбэтэ, арай сэттэ киилэлээх күөх биэдэрэтэ ортолуу кытара туолуута, кыыс өрө өндөс гыммыта, доҕоор, үүт маҥан, көрүөхтэн кэрэ дьүһүннээх, толуу ат кыыһы өйдөөх, ураты сып-сытыы уоттаах  харахтарынан тобулу көрөн турар эбит. Чэлгийээнэ, хантан маннык үтүөкэннээх сылгы тыаһа-ууһа суох аттыбар баар буола түстэ диэн олус дьиктиргээн, чочумча аты одуулаан, таптыы көрөн, мичээрдии турда. Кыыс соһуйбута ааһан, ытыһын тоһуйан, акка утары хаамта. Соһуйуон иһин, ата эмиэ кыыска утары кэллэ. Чэлгийээнэ бу хаһан да көрбөтөх дьикти атын кууһан ылла, иэдэһинэн сыстан, сыллаан ылла. Арай ол туран истибитэ, ата киһилии саҥарар эбит. Куолаһа, эчи, дьиктитин, ырааһын, чуолкайын. Саманнык кэрэ, сымнаҕас куолаһы, Чэлгийээнэ үйэлээх сааһыгар өссө ханна да истэ илигэ:

         “Тоойуом, иһит, мин тугу этэрбин уонна орто дойду дьонугар барыларыгар мин илдьиппин тириэрт”, – диэн ис дууһаттан көрдөһөр тыллары чахчы бу кини кууһан турар дьикти ата саҥарбытын уонна төбөтүн чолох гыннара, атаҕынан тэпсэҥнээн ылбытын, Чэлгийээнэ олус соһуйа көрдө-иһиттэ. Ол эрэн, кыыс куттаныах санаата олох да кэлбэтэ. Кини “эй” да “ээх” да дии илигинэ, субу кулгааҕар ураты холку, ыраас куолас сипсийбитинэн барда:

         “Мин эйигин мааҕын дьиэҕиттэн тахсыбыккар көрбүтүм ээ”, – диэбитигэр, кыыс халлааҥҥа дьиктитик устар мап-маҥан, собус-соҕотох лоскуй былыты саныы түстэ уонна төбөтүн оройуттан уллуҥаҕар тиийэ дьикти сүүрээн дьырылаан ааспытын биллэ.

“Үөһэттэн мин эһигини бука барыгытын – уу кыһыл оҕотуттан аар кырдьаҕаһыгар тиийэ,  ытыска уурбут курдук, чуолкайдык көрө-истэ олоробун. Туох үчүгэйи, туох куһаҕаны оҥороргутун – бука барытын. Дьон куһаҕан санаата, куһаҕаны оҥороро, хомойуох иһин, элбээн иһэр. Ону билэрбэр-көрөрбөр миэхэ олус ыарахан. Чып кистэлинэн да оҥоһуллар куһаҕан дьайыылары, субу турар курдук, чуолкайдык көрөбүн-истэбин ээ. Бэйэлэригэр уонна бэдэрдэригэр тиийэ улахан аньыы буолан, орто дойду олоҕо ыараары, отуора хамнаары, дьон-сэргэ өйө-санаата төннөөрү, олоҕо огдолуйаары, ахсаана аҕыйаары гынна диэн дьиксинэбин. Хомолтом элбээн, эһиэхэ, сир дьонугар, үчүгэйи эрэ оҥорор сыалтан, эйигинэн илдьиппин этэбин, толордохторуна бэйэлэрэ абыраныахтара. Үчүгэйдик өйдөөн иһит, мин эйигин тоҕо талбыппын, түмүкпэр хайаан да этиэм.

Кырачааннарга илдьиттиир буоллахпына маннык: кып-кырачаан сааскытыттан “мин куһаҕаны оҥоруо суохтаахпын” диэн өйдөбүл, аһыыр-утуйар хаһан да умнуллубатын курдук, эһиги өйгүтүгэр-санааҕытыгар мэлдьи кытаанахтык иҥиэхтээх. Үөһэттэн эн тугу гынаргын, тугу саҥараргын барытын көрөллөр-истэллэр. Дьиҥ кырдьыга да оннук ээ. Төрөппүттэр, иитээччилэр бу илдьиппин хайаан да ис дууһаларынан ылынан, кыһаллан туран толордуннар. Кинилэргэ саамай улахан эппиэтинэһи сүктэрэ сылдьарбын сүрэхтэринэн-быардарынан хаһан да умнубаттыы ылынныннар. Кыра оҕо үүт аһын оҥорооччу, үрүҥ аһы астааччы, килиэп аһы буһарааччы ураты ыраас дууһата, үчүгэй санаата, арыгыны-табаҕы амсайбата – бу барыта оҕо аймах, норуот бүттүүнэ чөл туруктаах, доруобай, дьоллоох, уһун үйэлээх буоларыгар саамай улахан олук буолар.

Оскуола оҕолоругар илдьиттиир буоллахха маннык. Кинилэр хорсуннук туттаары, улахан дьон курдук буолуохтарын баҕаран, сатаан кэпсэппэттэриттэн сылтаан, пиибэни иһэллэрэ олус элбээтэ. Оҕону сатаан кэпсиир-ипсиир, күлэр-үөрэр, олус бэһиэлэй турукка киирэр гына үөрэтиэххэ. Манна көмөлөөх эбии саҥа үөрэх биридимиэтин киллэриэххэ сөп. Чэ, холобур, “урок артистизма” диэни. Оҕолор барахсаттар дуоска иннигэр тахсан араас көрдөөҕү кэпсээн, дуоһуйа күлэн-үөрэн, кимниин баҕарар тото-хана, үөрэ-көтө аһаҕастык кэпсэтэри сатыыр, кыбыстыбат буолуохтара. Күлэн-үөрэн, саҥаран-иҥэрэн хаатыйаламмыт тыынын таһаардаҕына, чэпчээн, мэлдьи өрө көтөҕүллүүлээх оҕоҕо “настарыанньа көтөҕөр” наадата суох буолуоҕа. Дьиҥэр, саамай сымнаҕас кэм – оҕо саас наһаа да түргэнник элэс гынан ааһар ээ. Ону эһиги түргэтэтимэҥ! Инникитин мэлдьи улахан дьон буолуоххут турдаҕа эбээт! Онон оҕолуу уһуннук туттуҥ, кэмин иннинэ улаата сатаамаҥ!

Ыччат саастаах дьоммор илдьиппин эттэхпинэ, күнү-дьылы таах туох да туһата суох аһараргыт олус элбэх. Түүн хараҥаҕа хаһан да сылдьымаҥ, айдаарымаҥ! Эһиги хараххытыгар көстүбэттэр олус элбэхтэр. Мин олору чуолкайдык көрөбүн-истэбин, мэлдьитин түүлгүтүгэр киирэммин сэрэтэ, көмөлөһө, этэ сатыыбын. Ол көстүбэттэр мин хас биирдиигит көхсүгэр баайан баран тута сылдьар көнтөс быабын, сөбүлүү көрбүттэрин быһа кэбийэн кэбиһэллэр. Оччоҕуна бу оҕо эрдиитэ суох мас тыынан муораҕа киирбит тэҥэ буола түһэр; хаҕа эрэ хаалан ньиэрбинэйдиир, ээл-дээл буолан хаалар. Аҕыйах хонугунан истибиккит, киһигит суорума суолламмыт буолар. Сорохтор ыар буруйу оҥорон, үйэлээх саастарыгар олохторо көммөттүү алдьанар... 

Улахан дьоҥҥо илдьиппин эттэхпинэ: манна саамай элбэх аньыы-хара элбээтэ. Бэйэ-бэйэҕит ыккардыгар бэрт былдьаһыы, ордук санаһыы, үрдүктүк туттан дьону сэнээһин, ахсарбат буолуу, куһаҕаҥҥа куомуннаһыы, сиэри таһынан байыы-тайыы үлүскэнэ, ол туһуттан өлөрсүү-өһөрсүү, күөмчү санаа, абааһы көрсүү, содур быһыы, сэриини күөртээһин. Бу барыта мин хараҕым далыгар, ыы муннубар оҥоһуллар буолан, орто дойду олоҕун отуорун хамсатар, кэхтии, уостуу буолар. Саамай улаханнык кыыһырабын – манна халлааным киэҥ киэлитигэр ааттарын улаханнык илистэ үлэлээн суруйан хаалларбыт, эһиэхэ улахан көмө буоллун диэн анаан-минээн, айан-тутан, чочуйан, бэлэмнээн, оҥорон ыыталаабыт улахан дьоннорбун, бэйэлэрэ да элбэҕэ суохтар, өйдөөбөккүтүттэн, туоратан кэбиһэҕит. Хас биирдии туоратыллыбыттар ааттара мантан сүтэригэр оргуйа турар ип-итии салгын буолан тарҕанар. Ол онтон орто дойдуга, итии сүүрээн үтэйиллэн, сылыйыы кэлэр. Бары дьиксинэр “глобальнай потеплениеҕыт” дьиҥнээх төрүөтэ ол буолар.

Кырдьаҕастар барахсаттарга илдьиттиэм этэ: миигиттэн үҥэн-сүктэн тураҥҥыт сир үрдүгэр олох мэлдьи чэлгийэ сайда турарын туһугар көрдөһөр буолуҥ. Эдэрдэргэ ис сүрэххититтэн үчүгэйи эрэ сүбэлээҥ, олоххо мунньуммут баай ис хоһоонноох ньымаларгытын хаһан да кистээмэҥ. Сэрии хаһан да буолбатыгар баҕарыҥ. Мэлдьи эйэҕэс, холку буолуҥ. Куруутун үөрэ-көтө эрэ сылдьыҥ. Кимиэхэ эрэ хомойбуккутун ыар сүгэһэр гына сылдьымаҥ. Ол бэйэҕитин мэлдьи аллараа баттыыр буолан, түргэнник иинэҕит-хатаҕыт, нүксүйэҕит. Эһиги санааргыыргыт, кыыһыраргыт күүстээх тыал, буурҕа буолан ытыллар.

Орто дойду олоҕуттан барбыттар тустарынан этэр буоллахпына, үчүгэйи эрэ эппит-тыыммыт, төлкөлөөбүт, санаабыт, кимиэхэ да, туохха да куһаҕаны оҥорботох, аньыыта-харата суох ыраас киһи дууһата бэрт түргэн кэм иһинэн баай-байылыат, туох да кыһалҕата суох дойдуга – дьоллоох, саамай истиҥ-иһирэх ыалга күүтүүлээх күндү, мэлдьи тапталынан угуттанар оҕо буолан төннөн кэлэр эбээт. Ону эһиги билбэккит. Маны хаһан да умнумаҥ!!!

Түмүкпэр бу илдьити орто дойду дьонугар тиэрдэргэ эйигин эрэ тоҕо чуо талбыппын этэбин дуо? Эн наһаа кэрэ, сырдык, ыраас дууһалаах оҕоҕун. Бу олорбут уон биэс сылгар, оннооҕор аһынаҥҥын, биир да үөнү-күрдьэҕэни өлөрбөтөххүн. Ыты, куосканы хайдахтаах курдук бастыҥ доҕор оҥостоҕун! Ыарыһах эһэҕин, төһө да өр сыппытын иһин, салҕыбакка ийэҕиниин оҕолуу көрөҕүт-истэҕит. Кырдьаҕаһы, ыарыһаҕы ытыктыыр киһини мин олус күндүтүк саныыбын, көмөлөһөбүн.

 Киһиэхэ барытыгар биир тэҥ үчүгэйдик сыһыаннаһаҕын, мэлдьи ис сүрэххиттэн кыһаллаҕын. Доҕотторуҥ үтүө, үчүгэй өрүттэрин, ситиһиилэрин таба көрөҥҥүн, кинилэрдээҕэр өссө ордук ис сүрэххиттэн үөрэҕин, олору мэлдьи өрө тутаҕын. Хаһан да, кимиэхэ да ордугурҕаабаккын да, ымсыырбаккын да, эгэ, бэрт былдьаһыаҥ баара дуо?!

Куруутун сырдыгынан эрэ сыдьаайарыҥ, эйэҕэстэй майгыҥ, үтүөкэннээх санааҥ, мааны майгыҥ-сигилиҥ иһин, мин эйиэхэ бэйэм үрдүк наҕараадам быһыытынан уһун дьоллоох олоҕу бэлэх уунабын. Үтүмэн уһун усталаах туоралаах олоххор эйигин мин мэлдьи өйүү-убуу, көмөлөһө сылдьыам. Көмөлөһүөм!!! Көмүскүөм!!!” 

Чэлгийээнэ, сып-сымнаҕас ньуолах түүлээх аты имэрийэ турбута баара да, арай биирдэ өйдөөбүтэ собус-соҕотоҕун алаас ортотугар турар эбит. Олох аттынан араас биэдэрэ тутуурдаах оҕо аймах күлэ-үөрэ, эҕэрдэлэһэ ааста да, тугун дьиктитэй, ким да муус маҥан аты көрдүбүт, эн кинини өр да кууһан турдуҥ ээ диэбэтилэр. Бары туох да буолбатаҕын курдук аастылар дии. Дьиҥэр, кинилэр Чэлгийээнэттэн олох чугас, ып-ыраас ырааһыйа ортотугар сырыттахтара дии. Дьэ, дьикти! Чэлгийээнэ халлаан диэки көрбүтэ, били, мааҕыын сарсыарда көрбүт дьикти былыта, кинилиин быраһаайдаһар курдук, үрдүнэн үс төгүл эргийээт, халлаан саамай оройугар супту сурулаан бара турда. Чочумча буолаат, сүтэн хаалла. Кыырпах да саҕа былыта суох күп-күөх халлаан, өссө көҕөрөн, кэҥээн көһүннэ...

Кыысчаан бу түгэн кэннэ элбэхтик, олус кыһаллан туран үөһэттэн кэлбит илдьити барытын сиһилии кэпсээн, кырачаан бэйэтэ араадьыйанан, тэлэбиисэринэн, хаһыатынан тириэрдэн үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьар. Дьон-сэргэ сэҥээрэн-кэрэхсээн, бу илдьити өйдөрүгэр-санааларыгар дириҥник илдьиритэн, өйдөөн, ону тутуһар, барытын толорор курдук олорорго, олохторун оҥкулун уларытан, сайдыы-үүнүү суолун тутуһаллар.

Чэлгийээнэ оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн, икки үрдүк үөрэҕин иккиэннэрин кыһылынан бүтэрбитэ. Сахатын сирэ чэлгийэ сайдарын туһугар үөһэттэн сүдү илдьити, көмөнү илдьэ сылдьар киһи быһыытынан күн бокуойа суох улахан үлэлээх-хамнастаах. Саха саарына уолга кэргэн тахсан, үчүгэйкээн уоллаах кыыс оҕолордонон дьоллоохтук-дьоһуннаахтык олорор.

Валентина Шологонова

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....