20.10.2022 | 18:00

Этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр

Балаҕан ыйын 21 күнүгэр быстах хомуур биллэриллиэҕиттэн мобилизация бара турар. Хаһан бүтэрэ биллибэт. Былаан төһө туолан эрэрэ эмиэ чуолкай этиллибэт.
Этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

 “Суол-иис мөлтөҕүнэн мобилизацияламмыт дьону барыларын Дьокуускайга аҕала охсон Илиҥҥи байыаннай уокурук чаастарыгар кэмигэр ыытан иһии кыаллыбат. Ол иһин военкоматтар былааннаммыт үлэни ыыта олороллор. Мобилизация былаана үрдүү илик”, - диэн быһаарар военком А. Авдонин. 
Бу билигин буола турар быһыыны-майгыны араастык ылыныахха, сыаналыахха сөп. Ким эрэ утарар, ким эрэ өйүүр... Ол эрэн байыаннай дьайыыга ыҥырыллан барбыт уолаттарбытыгар төһө кыайарбытынан көмөлөһөрбүт, өйүүрбүт сөп. Этэҥҥэ бары эргиллэн кэлиэхтэрин наада.

Алдан оҕолоро байыаннай дьайыыга сылдьар дьоҥҥо аккырыыккалары уонна харысхаллары оҥорон ыыттылар. Алданнар саллааттары хомуйар пууҥҥа таҥара дьиэтиттэн “иитиллибит” иконалары аҕалан туттараллар. 

Дьокуускай уокуруктара эмиэ байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыттарга көмөнү хомуйууну тэрийэллэр. Ол курдук, Сайсары уокуругун дьахталлара сылаас наскылары баайан эрэллэр. 

"Айар" кинигэ кыһата бүгүҥҥү быһыыга-майгыга бэйэтин кылаатын киллэрэн, "Эр хоһуун буол!" диэн олох очурдарыттан, араас моһоллоруттан харыстыыр, куту-сүрү бөҕөргөтөр алгыстардаах, хоһооннордоох харысхал-кинигэ таһаарда.

“Якутия с тобой” көмө ыстаабыгар тэриллибит иистэнэр сыахха дьахталлар түмсэн номнуо тыһыынчаттан тахса малы-салы, таҥаһы-сабы тиктилэр. Кинилэр худи, араас чехол, үрүсээк, утуйар мөһөөччүк, кээнчэ тигэллэр. Волонтер иистэнньэҥнэр үксүлэрэ 50-нарыттан тахсыбыт үтүө санаалаах кэрэ аҥаардар. Кинилэр бары сүрэх ыйыытынан, уолаттарыгар тугунан эмэ көмөлөһөр баҕанан сирдэтинэн кэлэллэр. 

ХИФУ устудьуоннара “Сахабулт” концерны кытта 50 байыаннай аптечка тиктилэр. Пединститут технологияҕа кафедратыттан практикаларын бара сылдьар устудьуоннар көмө аахсыйаҕа кыттыһан, өссө да иистэнэр былааннаахтар.
 Маны таһынан ХИФУ-га ичигэс таҥаһы хомуйар аахсыйаны биллэрбиттэр: тобукка, тоҥолоххо кэтиллэр харыстыыр таҥастары, балаклавалары, сылаас угунньалары хомуйаллар. 
Аадырыстара: Кулаковскай уул., 42/3, 9/2 уопсай (“Вышка” кафе аанынан киирэҕит), төлөпүөннэрэ: +7 (964) 077-75-00; 15:00 - 18:00 ч, бэнидиэнньик-субуота үлэлииллэр.

Мобилизация биллэриллиэҕиттэн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар олохтоммут көмө:
— биирдэ бэриллэр 200 тыһ. солк. көмө харчы;
— уһуйаан төлөбүрүттэн босхолонуу (аҕалара байыаннай дьайыыга сылдьар кэмигэр эрэ көрүллэр);
— 5-11 кылаас оҕолорун оскуолаҕа босхо итии аһылыгынан хааччыйаллар;
— 6,5-18 саастаах оҕолорго лааҕырдарга босхо путевка;
— байыаннай дьайыыга сылдьар дьон оҕолоро орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар тус сыаллаах миэстэлэргэ үөрэххэ босхо киирэллэр;
— устудьуоннарга үрдэтиллибит истипиэндьийэ олохтонор;
мобилизацияламмыт киһи төрөппүттэригэр санаторийдарга босхо путевка көрүллэр

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...