19.03.2022 | 16:00

Эт курдук «эриллиэхпитин» баҕарбаппыт!

Эт курдук «эриллиэхпитин» баҕарбаппыт!
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Кэнники кэмҥэ куорат олохтоохторо уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта мөлтөөтө диэн үҥсэллэрэ элбээтэ. Оптуобус аҕыйах, өр күүтэбит. Оскуолаҕа, үлэбитигэр хойутуубут. Анньыһыы, үтүрүһүү. Ыга симиллэн, тууһаммыт балык курдук айанныыбыт. Баттахпытына баһыыба курдук. Эт курдук “эриллэбит” диэччилэр эмиэ бааллар. Ити омун буолбатах, баар кыһалҕа.

Кыһалҕаны быһаара сатаан

Олохтоох дьаһалта иһитиннэрбитинэн, бу быһыы-майгы куорат бары маршруттарыгар көстөр. Оптуобустар техническэй көрүүлэрин болдьоҕо бүтэн эрэр, оттон Дьокуускайга биир эрэ анал пуун үлэлиир, ол иһин итинник уочарат тахсар диэн быһаарар. Манна даҕатан эттэххэ, ГИБДД управлениетыгар уопсастыбаннай тырааныспары инники аһардар туһунан сурук ыытыллыбыт. Аны туран, коронавирус содулуттан куорат бары маршруттарыгар суоппар тиийбэтэ – туспа кыһалҕа.

Ленин проспегар хапытаалынай өрөмүөн ыытылларынан үгүс оптуобус сэргэстэһэ сытар уулуссаларынан сылдьаллар, үлэҕэ барыыга-кэлиигэ хаайтарыы тахсар.  

Соторутааҕыта мээр Евгений Григорьев куорат маршруттарыгар “ЯПАК”  тэрилтэ суоппардарын эбии кытыарарга соруйбута, онон D категориялаахтары үлэҕэ ыҥыраллар. “ЯПАК” дириэктэрэ Валерий Домотов куорат таһыгар сылдьар оптуобустар маршруттарын уларытар туһунан этии киллэрбитэ. Онон дьаһалта кыһалҕаны быһаарар үлэни ыытар.

Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уопсастыбаннай тырааныспарга туох уларыйыы киирбитин нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрдэ:  

– Кулун тутар 14 күнүттэн 108 №-дээх маршрут оптуобуһа элбээтэ, сылдьар схемата уларыйда. Ол курдук, Пригороднайтан өрүс пуордугар диэри айанныыр: Автодорожнай, Ойуунускай, Поярков уулуссаларынан, салгыы 203 уонна 202-с микрооройуоннарынан ааһар. Бу маршрутунан “Прометей”, 202-с, 203-с микрооройуоннар куорат киинигэр сылдьар кыахтаныахтара, оччоҕо 3, 4, 8, 14, 17, 18, 20 №-дээх оптуобустарга дьон тоҕуоруһуута аҕыйыаҕа.

102 №-дээх маршрут сылдьар схемата уларыйда: оптуобус аэропортан Курнатовскай уулуссатынан, 2-с Борисовканан, Окружной шоссенан ааһан, Дзержинскэй уулуссатыгар тахсар. Онон Гагаринскай уокурук олохтоохторо куорат киинигэр сылдьыахтара, 2, 3, 5, 25 №-дээх оптуобустарга тоҕуоруһуу аҕыйыаҕа. 

101 уонна 103 №-дээх маршруттар кэнники кэмҥэ Автодорожнай уулуссанан сылдьаллар, бу ДСК уонна Прометей олохтоохторугар табыгастаах.

Бу этиллибит маршруттар сырыылара “Умный транспорт” сыһыарыыга көстөр, дьон онон сирдэтинэн, айаннарын холкутук былаанныахтарын сөп. Ону сэргэ, каартанан төлөбүрү ылыы систиэмэтэ сааһыланна. 

 

Альбина Кычкина, СӨ предпринимателлэрин бырааптарын көмүскүүр боломуочунай:

– Кулун тутар 7 күнүгэр  бу иннинэ куоракка соҕотох үлэлии турбут “Автоград” ХЭТ аккредитациятын болдьоҕо бүтэн, маннык уустук быһыы-майгы таҕыста. 190 оптуобус техническэй көрүүгэ уочарата хаалбыт. Онон оптуобустар графиктарын тутуспаттарын туһунан үҥсүү киирэрэ элбээбит.

“Российский Союз Автостраховщиков” тэрилтэни кытта “Автоград” ХЭТ аккредитациятын уһатар уонна Дьокуускай атын техническэй көрүү пууннарыттан сайаапкалары түргэтэтэр үлэни ыыттыбыт.

Ону сэргэ, кулун тутар 14 күнүттэн “Первая Лига” ХЭТ аккредитацияны ылла, онон техническэй көрүүнү ыытар кыахтанна. Бу станция кулун тутар 15 күнүттэн Автодорожнай уул., 59/7, үлэлиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....