Эстрада театра үбүлүөйдээх декадатын саҕалыыр
Декада «Аһаҕас аан күнүттэн» саҕаланар. Ол курдук, үгэс быһыытынан, көрөөччүлэри театр хосторунан – сыана кэтэҕиттэн саҕалаан артыыстар гримеркаларын кэрийэн көрдөрүөхтэрэ.
Үбүлүөйдээх декада кэмигэр ыытыллар тэрээһиннэр:
Балаҕан ыйын 30 уонна алтынньы 1 күннэрэ
Чингиз Айтматов сэһэнинэн «Бастакы учуутал» испэктээк премьерата (режиссер С. Потапов).
Алтынньы 2 күнэ
Театр сүрүн хормейстера Наталья Стручкова вокалга маастар-кылааһа;
Бутафор-худьуоһунньуга Николай Друзьянов декор тэрилин оҥорууга маастар-кылааһа;
Аан дойду виртуоз-хомусчута, «Душа России» бириэмийэ хаһаайына, Саха сирин үтүөлээх артыыһа Альбина Дегтяреваны кытта көрсүһүү, маастар-кылаас;
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыстара Клавдия уонна Герман Хатылаевтары кытта көрсүһүү, маастар-кылаас;
Алтынньы 3 күнэ
Театр сүрүн хормейстера Наталья Стручкова вокалга маастар-кылааһа;
«Уйбаанчык» испэктээк (режиссер С. Потапов).
Алтынньы 4 күнэ
Театр вокальнай ансаамбылын кэнсиэрэ (хормейстер Наталья Стручкова).
Алтынньы 5 күнэ
«Мааппа» испэктээк (режиссер А. Нотара).
Алтынньы 6 күнэ
«Эстрада 21» уонна «Л 47» ВИА кэнсиэрэ.
Алтынньы 7 күнэ
«Я вижу сердцем. Моя Якутия» бырайыак – хараҕы симэн туран кэнсиэр (режиссер М. Герасимова);
Чингиз Айтматов сэһэнинэн «Бастакы учуутал» испэктээк премьерата (режиссер С. Потапов).
Алтынньы 8 күнэ
Э. Рязанов уонна Э. Брагинскай пьесатынан «Үлэ үөһүгэр таптал» испэктээк (режиссер Т. Чаранская).
Алтынньы 12 күнэ
Эстрада кэнсиэрэ.