Эргиэн кииннэригэр диспансеризацияны ааһыахха сөп
Ол курдук, дьон алтынньы 31 күнүттэн киэһээҥҥи кэмҥэ диспансеризация ааһыахтарын, анаалыс туттарыахтарын, грипп ыарыытын утары быһыыны туруортарыахтарын сөп. Былырыын сайын ыытыллыбыт маннык аахсыйа 11 тыһыынчаттан тахса киһини хаппыта биллэр.
Диспансеризация бастакы түһүмэҕин түмүгүнэн көрдөрөөччүлэри эбии исписэлиистэргэ, стационарга ыыталлар эбэтэр эмтэнии аныыллар. Балыыһа пууннара киэһэ 17:00 чаастан 20:00 чааска диэри маннык аадырыстарынан үлэлиэхтэрэ:
– Дьокуускай к., 1-гы №-дээх поликлиника – «Туймаада» ТРК, бастакы этээс;
– Дьокуускай к., 2-с №-дээх балыыһа – «Ураса Молл» ТРЦ, ДНС маҕаһыын аттыгар, 1-кы этээс;
– Дьокуускай к., 3-с №-дээх балыыһа – «Азия» ТРК, 3-с этээс;
– Дьокуускай к. медицинскэй киин – Кальвица уул., 3, 2-с этээс, 246-с кэбиниэт.
Итини таһынан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансерга онкоскрининг оҥороллор. Аадырыһа: Дьокуускай к., Феликс Кон уул., 1/3, сарсыарда 9:00 чаастан 16:00 чааска диэри көрөллөр (эрдэттэн суруйтарыллар). Билсэр төлөпүөн: 8(962)-731-18-00.
Дерматолог-быраастар Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии уонна венерологическай ыарыылары эмтиир диспансерга босхо көрөллөр уонна дерматоскопия оҥороллор. Аадырыһа: Дьокуускай к., Богдан Чижик уул., 3, 7-с кэбиниэт, киэһэ 17:00 чаастан 20:00 чааска диэри көрөллөр.
Быйыл диспансеризацияны 1984, 1987, 1990, 1993, 1996, 1999, 2002, 2005 сылларга төрөөбүт 39-гар диэри уонна 40-тан үөһэ саастаах дьон ааһыахтаахтар. 18-39 сааска диспансеризацияны үс сылга биирдэ, 40 саастан сыл ахсын ааһыллыахтаах.