26.05.2022 | 22:04

Эрэлбитин биллэрэн, илии тутустубут

Эрэлбитин биллэрэн, илии тутустубут
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

«Уһук Илиҥҥи региоҥҥа 1000 олбуор» диэн Арассыыйа бырагырааматын 
чэрчитинэн Хатаска Ленин уулуссатыгар олбуору тупсарыы үлэтэ былааннанар. 
Дьон-сэргэ олорор усулуобуйатын тупсарыыга араас хайысханан, араас таһымынан үлэлэр баралларын биһиги, хатастар, эппитинэн-хааммытынан билэбит. Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ, куорат үбүлээһининэн диэни бэркэ диэн өйдүүбүт. Бүгүн, ыам ыйын 26 күнүгэр, Ленин уулуссатын, 67, 67/1, 67/2 дьиэлэрин олбуоругар «Сардаҥа» түөлбэ олохтоохторо  «Уһук Илиҥҥи региоҥҥа 1000 олбуор» диэн Арассыыйа бырагырааматын  чэрчитинэн барыахтаах үлэ туһунан  Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыга Евгений Николаевич Григорьевтыын сирэй көрсөн туран кэпсэттилэр. Манна «Гефест» ХЭХ УК, «Кинг-95»ХЭТ бэдэрээттиир тэрилтэ, «Росстройпроект» ХЭТ бырайыактыыр тэрилтэ, «Главстрой» МКУ, «Куорат хаһаайыстыбатын дьаһайар сулууспа» МКУ уонна «ПТСК» МКУ бэрэстэбиитэллэрэ баар буоланнар, кэпсэтии-ипсэтии бэрт тахсыылаахтык барда. Үөскээбит ыйытыыларга хоруйдары субу тутан туран ылар үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Эбиитин, Туох? Ханна? Хайдах? диэни ыйар схеманы көрөн туран, ону былааннаабыт, бырайыактаабыт, оҥоруохтаах, үбэ-харчыта хантан кэлэрин билэр дьону кытта  туруорсарга, баҕа санааны этэргэ да табыгастаах. Буолаары буолан ол тупсуохтаах балаһааккаҕа туран. 


Онон олохтоохтор дьаһалта баһылыга мээнэҕэ эдэркээн сүрэҕэр-дууһатыгар, санныгар бүтүн куорат иннигэр эппиэтинэс ылбатах эбит диэн махтана санаатылар. Буолуохтаах үлэни  техническай, технологическай да өттүнэн дириҥник үөрэппитэ, ымпыгын-чымпыгын билэрэ мустубут дьону кэрэхсэттэ,  убаастабылы ылыан  ылла. Түмүккэ «Сардаҥа» түөлбэ салайааччыта Андросов Николай Михайлович махтал тылы кытта, эрэли биллэрэн, илии тутуста. Саха омук оччоттон баччаҕа диэри илии тутуһуутугар улахан суолтаны уурар, дэлэҕэ даҕаны ыал буолары илии тутуһуунан бэлиэтиэхтэрэ дуо.  Онон аныгыскы илии тутуһуу саҥардыллыбыт олбуор өрөгөйдөөх аһыллыытыгар буолуо диэн эрэниэҕиҥ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....