18.05.2023 | 12:00

Эрэһиинэ кубалар уонна клумбалар

(Бобуллубуттара үһүс сылыгар барда)
Эрэһиинэ кубалар уонна клумбалар
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

Арассыыйаҕа 2021 сыллаахтан массыына көлүөһэлэригэр сибэккини олордуу, массыына шиналарын киэргэл быһыытынан тиэргэннэргэ, балаһааккаларга туттуу сокуонунан бобуллубута. Ол эрэн Дьокуускайга билигин да шина куба, клумба элбэх...

Тиэргэҥҥэ эргэ шинаны туттуу иһин ыстараап баар – 2000 солкуобайтан саҕалаан 250 тыһыынчаҕа тиийиэн сөп. Ону кытта массыына эрэһиинэ шинатын сиргэ көмөр, көлүөһэнэн арт-объектары оҥорор, тренажердары, оҕо балаһааккатыгар аттракционнары тутар кытаанах бобуулаах. Маны таһынан массыына көлүөһэлэрин туһанан кытылы бөҕөргөтүү кытта айылҕаҕа хоромньуну таһаарбыкка тэҥнэнэр.

 

Лермонтов уулуссатын 69-гар эрэһиинэ клумбалары бетоҥҥа уларытан эрэллэр

Тоҕо бобулларый?

Массыына шинатын сулууспалыыр болдьоҕо – 5-6 сыл. Ол кэннэ суол устун айанныырга кутталлаах буолуон сөп, ол эрэн покрышка өссө эргэрэ илик, хаһаайыстыбаҕа туһалыах курдук көстүүлээх буолар. Хаһаайыстыбаннай, тугу барытын туһаҕа таһааран тэйэр  дьон даача, тиэргэн киэргэлэ оҥорор буолбуттара ыраатта. Араас өҥүнэн кырааскаламмыт шина оонньуур балаһааккалаах уһуйааннарга элбэх көлүөнэ иитиллэн тахсыбыта. Оттон көлүөһэттэн оҥоһуллар кубаларбыт, араас быһыылаах клумбаларбыт “ЖЭК-арт” диэн туспа искусство көрүҥэ буолуохтарын сөбө...

 

Массыына көлүөһэтэ кутталлаах IV кылаастаах тобохторго киирсэр. Сокуонунан саҥа композициялары оҥоруу бобуллар уонна эргэлэри көтүрүү ирдэнэр.

 

Административнай кодекс 8.2 ыст. 1 ч. этиллэринэн, покрышка клумбалар баар буоллахтарына, ыстарааптанаҕыт:

1000-2000 солк. – бастакытын бэрээдэги кэһиигэ;

2000-3000 солк. – биир сылынан шиналары хомуйбатах буоллаххытына;

100-250 тыһ. солк. – тэрилтэлэртэн.

 

Ыстараап Салайар хампаанньаҕа эбэтэр тиэргэҥҥэ шинаттан клумбалары олордубут гражданнарга ууруллар. Оттон чааһынай дьиэлээхтэргэ, даачалаахтарга бэйэлэрин тиэргэннэрин иһигэр айылҕаҕа буортулаах шиналары туруоралларыгар, биир эмэ ыалларыттан Роспотребнадзорга үҥсүү киирдэ да, миэрэ ылыллар.

 

Туох кутталлааҕый?

Административнай кодексаҕа туох да чуолкайдык быһаарыллыбат,  ол оннугар араас нормативнай докумуоннар бааллар. Олортон кылгастык сүрүнүн быһаардахха:

Экологтар билигин да шина буортулааҕын уонна буортута суоҕун туһунан мөккүөрдэри таһаара олороллор;

ГОСТ олоҕурдахха, массыына шинатын куттала IV кылаастаах, мээнэ быраҕылыннаҕына, шина буортулаах эттиктэриттэн айылҕа 3 сыл чөлүгэр түһэр эбит;

Европа диэки суруйалларынан, шина буортута шинаны оҥорон таһаарааччыттан быһаччы тутулуктаах буолуохтаах.

Оттон экологическай саайтары үөрэтэн көрдөххө, массыына эргэ көлүөһэтэ бэйэтэ улахан буортута суох эбит, арай күн сыралҕаныгар өр туран тулалыыр эйгэҕэ улахан буортулаах салгыны таһаарар эбит, ол иһигэр сероводород уонна формальдегид баар.

Эрэһиинэ шина састаабыгар канцерогеннар бааллар. Сиргэ быраҕыллыбыт шина ол эттиктэри буорга иҥэрэр, күҥҥэ итийдэҕинэ, салгыҥҥа тарҕатар. Канцерогенынан тыыныы киһи доруобуйатыгар, ордук тыҥатыгар охсуулаах. Ону тэҥэ илиигэ, атах таҥаһыгар ол буортулаах эттиктэр сыста сылдьыахтарын сөп.

Билигин тугу барытын экология өттүнэн сыаналааһын бара турар кэмигэр массыына шиналарын иккистээн туһаныы биир көрүҥэ – оҕо балаһааккаларыгар эрэһиинэ көбүөрү тэлгэтии. Чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн, маннык көбүөрдэр туох да буортулара суох. Биллэн турар, оҕо сир бүрүөһүнүн гранулаларын айаҕар уктубатаҕына, күн уотугар итийбит эрэһиинэ сытын соруйан сыттаан эҕирийбэтэҕинэ, таһырдьа оонньоон киирэн баран илиитин суунар, таҥаһын уларыттар буоллаҕына, туох да куттал суоһаабат.

Эргэ көлүөһэлэри хайдах харайыахтаахпытый?

Эргэ шиналары шиномонтаж, автосервис тэрилтэлэригэр  туттарыахха сөп. Кинилэр утилизациялыыр тэрилтэлэри кытта дуогабардаах буолаллар.

Дьокуускайга эргэ шиналары тутан утилизацияҕа ыытыынан дьарыктанар “Эко-Партнер” диэн тэрилтэ баар. Кинилэр айылҕаҕа буортуну кыччатар соруктаах үлэлиир буоланнар, көлүөһэлэри туттарыы иһин харчы төлөөбөттөр. Эргэ шиналары туттарар дьон бэйэлэрэ утилизациялааһын ороскуотун уйуналлар:

Киилэтэ – 35 солк.

Иномарка биир көлүөһэтэ ортотунан 7-8 кг буолар.

Эргэ көлүөһэлэри туттарыан баҕалаахтар бастаан Дзержинской уул., 66 офистарыгар тиийэн төлүүллэр, онтон Сэбиэскэй Аармыйа, 53/3 баар баазаларыгар илдьэн туттараллар. Үлэ күнүгэр 17:00 ч. диэри, субуотаҕа эбиэккэ диэри үлэлииллэр.

Эргэ көлүөһэни бөх контейнерыгар таһааран быраҕыы эмиэ сокуону кэһии – тобоҕу дьаһайыы быраабылаларын тутуспат буолууга тэҥнэһэр. Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ үгүстэрэ кутталлаах тобохтору кытта үлэлиир боломуочуйалара да суох. Ол иһин бөх контейнерын таһыгар сытар шиналары тиэйимиэхтэрин сөп.

Шинаны уоттуур, гарааска, тиэргэҥҥэ харайан сытыарар, ойуурга илдьэн быраҕар, бөх ууруналарыгар таһааран уурар бобуулаах. Маны барытын Роспотребнадзор кэтиир. Атын дьон айылҕаҕа хоромньуну таһаарар түгэннэрин көрдөххүтүнэ, Салайар хампаанньаттан саҕалаан олохтоох администрацияҕа, Роспотребнадзорга тиийэ үҥсүөххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...