Эрдэ биэнсийэҕэ тахсыы бэрээдэгэ уларыйда
Биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаахтар болдьох иннинэ биэнсийэ анаттарыахтарын сөп буолла. Маныаха сыһыаннаах саҥа бэрээдэги РФ үлэҕэ министиэристибэтэ бигэргэттэ. Биэдэмэстибэ бирикээһэ кулун тутар 12 күнүттэн олоххо киирэр.
Билигин үлэтэ суох гражданин икки сыл иннинэ дьарыктаах буолуу киинин этиитинэн эрдэ биэнсийэҕэ тахсыан сөп. Маннык быһаарыыны ыларга гражданин кэккэ ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээх:
– Дьарыктаах буолуу киинэ сатаан үлэ булан биэрэр кыаҕа суох.
– Болдьох иннинэ биэнсийэ анатааччы страховой ыстааһа дьахталларга – 20 сылтан, эр дьоҥҥо 25 сылтан кырата суох буолуохтаах.
– Ирдэнэр биэнсийэ баалын мунньубут буолуохтаах (2024 сылга 28,2 баал).
– Гражданин урут үлэлээбит тэрилтэтэ сабыллан эбэтэр урбаанньыт үлэтэ тохтообутуттан, тэрилтэ үлэһиттэрин ахсаанын сарбыйыыттан үлэтэ суох хаалбыт буолуохтаах.
Саҥа быраабылаҕа олоҕуран, дьарыктаах буолуу киинэ, үлэ министиэристибэтин бирикээһигэр олоҕуран, социальнай пуондаттан биэнсийэ анаттарааччы биэнсийэҕэ баалларын, страховой ыстааһын туһунан дааннайдары ирдиир эбээһинэстэннэ. Социальнай пуонда ирдэбил киирбититтэн биэс үлэ күнүн иһигэр дьарыктаах буолуу киинигэр иһитиннэриини толору тиэрдиэхтээх.
Анаттарааччы сөбүлэҥин биэрбитин кэннэ дьарыктаах буолуу киинэ киһи олорор сиринэн социальнай пуонда уорганыгар биэнсийэни анааһын туһунан этиини биир үлэ күнүн иһигэр тиэрдиэхтээх.