16.04.2020 | 17:14 | Просмотров:
466
Эн куолаһыҥ - Кыайыыны аҕаллын!
Ааптар:
Киин Куорат
Бөлөххө киир
Сардаана АВКСЕНТЬЕВА, Дьокуускай куорат баһылыга:

- Сотору Улуу Кыайыы күнэ буолуоҕа. Аҕа дойду Улуу сэриитэ, миэхэ, бастатан туран, биирдиилээн дьон дьылҕата, ийэлэр харахтарын уута, огдооболор уонна тулаайахтар… уонна күүтүүлээх Кыайыы күнүн үрдүк үөрүүтэ. Биһиги, аныгы көлүөнэ дьон, Улуу Кыайыыны уһансыбыт өбүгэлэрбитигэр хайдах махтаныахтаахпытый? Мин санаабар, биһиги махталбыт - кинилэр тустарынан өлбөөдүйбэт өйдөбүлбүт. Кинилэр сырдык ааттарын, хорсун холобурдарын тыыннаахпыт тухары өйдүү-саныы сылдьыы - биһиги ытык иэспит. Улуу Кыайыы күнэ чугаһаабытынан, мин маннык этиилээх таҕыстым. Онон, салҕыы болҕойон ааҕаргытыгар көрдөһөбүн. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин кулун тутар 1-гы күнүнээҕи уурааҕынан, “Үлэ Албан аатын куората” ытык аат Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыыны уһансыыга, байыаннай уонна гражданскай оҥорон таһаарыынан, маассабай геройдуу үлэнэн, бэриниилээх буолуунан кылааттарын киллэрбит куораттарга иҥэриллэр. Миэхэ Дьокуускай олохтоохторо Пантелеймон Петров, Айаан Васильев уонна Андрей Высоких (@profi_market), ону тэҥэ Виктор Федоров бу ытык аат Дьокуускай куоракка иҥэриллэрин туруорсуохха диэн этиилээх тахсыбыттара. Кэллиэгэм Сергей Сергеев Оборона министиэристибэтин архыыбыттан Дьокуускай бу дьоһун ааты ылар кыаҕын мэктиэлиир докумуоннары булары ситистэ. Бу туһунан муус устар 7 күнүгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин салалтатыгар суругунан иһитиннэрдим. Дьокуускай куорат Дуумата бу этиини эмиэ өйөөтө. Бар дьонум, кыайыыны уһансан тыылга үлэлээбит дьоммутугар махтанан, http://www.pobedaykt.ru сайтка киирэн, бу көҕүлээһини өйүүргүтүгэр ыҥырабын. Эбээлэргит, эһээлэргит, ийэлэргит, аҕаларгыт, үлэ кэлэктииптэрэ тыылга геройдуу үлэлээбиттэрин туоһулуур докумуоннаах буоллаххытына, doblest@pobedaykt.ru электроннай почтаҕа ыытыҥ. Биллэрин курдук, быйыл Ыам ыйын 9 күнүн уруккубут курдук бэлиэтиэ суохпутун сөп. Ол гынан баран ханнык да ураты балаһыанньа, түгэн бу бырааһынньык улуукан суолтатын өлбөөдүтэр кыаҕа суох. Баҕар, быйылгы ураты балаһыанньа биһиэхэ, аныгы дьоҥҥо, саамай чугас дьоммутун, дьиэ кэргэммитин кытта бүгүҥҥутээҕэр хас эмэ бүк уустук кэмнэри туораабыт көлүөнэҕэ сүгүрүйэр кыаҕы биэрээри үөскээбитэ буолуо.
Сонуннар
18.11.2026 | 11:49
Эбэни тимир көлөнөн туорааччылары уодьуганныыллар
18.11.2026 | 11:28
Бүддьүөт тэрилтэлэрин «Якутскэнергосбыкка» иэһэ 1,2 млрд солк. куоһарбыт
18.11.2026 | 11:00
Хатастар түөрт бырайыагы туруорсаллар
18.11.2026 | 09:59
Бэрээдэк хайдаҕый?
18.11.2026 | 09:30
Иитэр-аһатар киһитин сүтэрбит оҕоҕо, кырдьаҕаска-кыаммакка көрүллэр биэнсийэ туһунан
18.11.2026 | 09:00
Ытык кырдьаҕас балаҕан туттарбыт
18.11.2026 | 08:30
Быйыл дьиҥнээх Моруос Оҕонньор кэлиэҕэ
18.11.2026 | 08:00
Муус оҥоһук күрэҕэ Олоҥхоҕо уонна Дьокуускай 395 сааһыгар ананыаҕа
18.11.2026 | 07:30
Нэдиэлэ ортото сулус тугу сүбэлиирий?
17.11.2026 | 19:30
"Лена" киинэ тыйаатырыгар "Омоон суоллар. Искупление" пресс-көрдөрүүтэ буола турар
17.11.2026 | 19:00
Биһигини сүгүн олордубатаҕа...
17.11.2026 | 17:30
Алампа төрөөбүт дойдутугар өйдөбүнньүк турда
17.11.2026 | 17:00
Арай хантас гынан көрбүтүҥ... массыына көтөн ааһар!
17.11.2026 | 16:30
Павел Пинигиҥҥэ ыраас хааннаах сүүрүк аты бэлэхтээтилэр
17.11.2026 | 15:30
Павлов, Капрынов, Авелов уонна Фомин Саха сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ. Турнир бырагыраамата
17.11.2026 | 15:13
Баанньыктар киэһэ хойукка диэри үлэлиир буоллулар
17.11.2026 | 15:00
Кыһын тымныы эрээри, чэйимсэх дьоҥҥо ичигэс
17.11.2026 | 14:30
160-ча дьахтар ЭКО процедураларын босхо ааһыаҕа
17.11.2026 | 14:00
Быйыл 26 истипиэндьийэ туттарыллыаҕа
17.11.2026 | 13:30
Сэтинньи 25 күнүгэр нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэр буолуохтара
Ордук ааҕаллар
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.