08.06.2022 | 20:00

Эмтээх оту хомуйар кэм

Эмтээх оту хомуйар кэм
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Самаан сайын сатыылаата, от-мас тилиннэ, айылҕа чэлгийэн турар кэмэ үүннэ  – билэр дьон эмтээх оту хомунан уурунар кэмнэрэ. Оттон оту-маһы соччо быһаарсыбат, ол эрэн айылҕа күүһүнэн бөҕөргүөн, доруобуйатын тупсарын баҕарар дьон тугу гыныан сөбүй? Ол туһунан норуот эмчитэ, эмтээх отунан дьарыктанар Лариса Алексеевна Неустроева-Сарыада кэпсииригэр көрдөстүбүт.

– Айылҕа күүһүгэр, кыаҕыгар сахалар эрэлбит улахан. Отоһуттар, эмчиттэр оту сөпкө билэр буолан, таба туһаналлар. Оттон боростуой дьон эмиэ айылҕаҕа үҥэ-сүктэ, сүгүрүйэ сылдьан, отунан-маһынан эттэрин-сииннэрин тупсарыахтарын сөп бөҕө буоллаҕа. Ким баҕарар хомуйар, туһанар кыахтаах үүнээйитэ биһиги дойдубутугар элбэх.

 

Билигин хатыҥ бүөрүн, сэбирдэҕин, ытарҕатын хомуйуохха сөп. Олору хатаран, куурдан баран, заварка курдук чэй оҥостон иһэбит. Хатыҥ, уопсайынан, олус эмтээх мас, чаагата, тэллэйэ эмкэ туттулларын туһунан киһи этэ да барбат. Хатыҥҥа үүнэр ыт мунна диэни эмиэ ууга ностуойка оҥостон кыралаан иһэ сылдьар туһалаах.

Хатыҥ ытарҕатын күөх эрдэҕинэ үргээн хатараллар, сайын бороҥ буола хаппытын кытта хомуйан уурунуохха сөп – чэйгэ эбилик оҥоһуннахха, мэйии үлэтигэр олус туһалаах. Аллергиялыахха сөп, ол иһин кыра-кыралаан бэйэни үөрэтэн көрөн кыра ньуосканан амсайа сылдьабыт.

Хатыҥ улахан сэбирдэхтэрин ыалдьар сиргэ бааныахха сөп. Сүһүөххэ үчүгэй дьайыылаах, ыарыыны мүлүрүтэр.

Чучунаах, өрүс луугун үргүүр кэм саҕаланна. Күөх луук киһи доруобуйатыгар олус туһалаах. Оннооҕор үргүү сылдьан, кырбыы, тууһуу олорон илиибит сүһүөҕүн эмтэнэбит. Бу луук киһи аппетитын көтөҕөр, ис-үөс үлэтин тупсарар. Холестериннара үрдүк, быар ыарыылаах дьон сэрэниэхтэрин сөп.

Сотору алтан төбө (одуванчик) сибэккибит хойуутук тыллан, хонууларбытыгар тэлгэниэҕэ. Билиҥҥи кэм сатабыллаах хаһаайкалара бу сибэккиттэн мүөтү, барыанньаны, хомпуоту барытын оҥорор буолбуттара хайҕаллаах – бу барыта айылҕа күүһүн сөпкө туһаныы, күннээҕи аһылыкка киллэрии буолар. Алтан төбө сибэккитин куурдан баран убаҕас гына чэй өрөн иһэр туһалаах. Күһүн хойутуу тахсыбыт сибэккитэ ордук эмтээх буолар. Иммунитекка үчүгэй, күөмэй ыарыытын эмтиир кыахтаах.

От ыйын саҥатыгар үөрэ ото хомуллар. Былыр-былыргыттан сахаларга аһылыкка, эмкэ хото туттуллар, туһалааҕынан аатырбыт эмтээх от.

Сотору кэминэн лоһуор оту (вероника седая) хомуйуохха сөп буолар. “Оҕонньор ото” диэн ааттанан, туһалааҕын дакаастаабыт үүнээйи. Хатаран баран ууга суурайан, оргутан, эми эмп курдук тутан, кыралаан иһиллэр.

Тимэх от (пижма) ситиэҕэ. Атыыра уонна тыһыта диэн арахсар. Убаҕас гына оҥорон иһэн, төрүүр-ууһуур уорганнар ыарыыларын эмтэниэххэ сөп. Эр дьон – тыһытын, атыырын дьахталлар туһаныахтаахтар. Атыыра тимэх курдук бөлтөркөйдөөх сибэккилээх, тыһыта сибэккитин ортото дьөлөҕөстөөх буолар. Ууга суурайдахха, фурацилин курдук араҕас өҥнөнөр – манан күөмэйбитин сайҕанабыт.

Тимэх оту дьиэҕэ уурдахха, куһаҕан тыыны кыйдыыр, дьиэлээхтэри харыстыыр. Маны тэҥэ бу от сытын таракааннар, араас үөн-көйүүр сөбүлээбэт, тэскилээн биэрэр.

Арыгыһыттар ууга суурайан истэхтэринэ, куһаҕан дьаллыктан тэйэллэригэр көмөлөһөр кыахтаах.

Маны таһынан билигин бэс иннэтин, тиит мутукчатын хомуйан уурунуохха сөп. Тэтиҥ, хатыҥ, тиит хатырыктарын хатарынан кыһын чэйгэ эбэн истэххэ, доруобуйа бөҕөргүүр. 

Коронавирус дьаҥа хаардыы хаампыт кэмигэр лабыкта олус туһалаах – оргутан кыра-кыралаан истэххэ, тыҥаны ыраастыыр.

Мин бу кэпсээбит отторбун дьону эмтииргэ туһанабын, бэйэм оҕолорбун кытта эмтиибин. Эмтээх оту киһи сылдьыбат, кыыл тэпсибэт сириттэн хомуллуохтаах. Айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ, туһанаргытыгар бэйэҕитигэр эрэ наада буолары, кыраны хомуйар куолу. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....