Эмиэ харчы «тоһута» тахсыбыттар...
Үөрэх дьыла саҕаламмыта биллэр – киин куорат уулуссаларыгар массыына, сырыы элбээбит. Иннибэр аҕа уолун кытта массыынатыгар киирэн олордо, ол биир ийэ кыыһын сиэппитинэн оптуобус тохтобулугар тиэтэйэ хаамта. Уулусса анараа өттүгэр төрөппүттэр оҕолорун кытта суолу туораары тураллар. Оттон ол мэник бэдиктэр, светофор көҕөрөрүн күүппэккэ, сүүрэн хааллылар. Хата, утары кэлэн испит массыына суоппара туормаһын чуут-чаат үктээн, нэһиилэ тохтоото. Көрөн турбут дьон сүрэхпит айахпытынан тахса сыста! Оттон уолаттар кэннилэрин хайыспатылар даҕаны, салгыы сүүрэн элэстэннилэр...
Ыстараап «хомуйуута»
Сыл аайы баччаларга, үөрэх дьыла саҥа саҕаламмыт күннэригэр, оскуола, уһуйаан, эбии үөрэхтээһин кииннэрин аттыларыгар “ДПС” диэн суруктаах массыына элбиир. ГИБДД Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэринэн, бу дьыл атырдьах ыйын 15 күнүттэн балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри “Болҕойуҥ – оҕолор!” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи профилактическай тэрээһин иккис түһүмэҕэ ыытыллар.
Манна даҕатан эттэххэ, сорох дьон бу курдук аахсыйалары ыстараап эрэ хомуйуутун курдук саныыллар. “Эмиэ бултуу тахсыбыттар”, “харчы тоһута тураллар”, “былааннарын толороллор” диэн халы-мааргы тыллаах суоппардар бааллар, суох буолбатахтар.
Статистика кэпсииринэн, 2021 сыл сэттэ ыйыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҕо кыттыылаах 54 суол быһылаана тахсыбыт. Онно 61 оҕо эчэйбит, хомойуох иһин, 2 оҕо суорума суолламмыт.
Оҕо оонньуута буолбатах
ГИБДД Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэринэн, сатыы сылдьар оҕолор кыттыылаах суол быһылаана 30,8% элбээбит.
Ити үөһэ этэн аһарбытым курдук, светофор көҕөрөрүн кэтэспэт мэник-тэник оҕо үгүс. Кыһын тымныыттан, тумантан да сэрэхэчийбэттэр. Светофорга тиийбэккэ даҕаны ханна түбэспит сирдэринэн суолу туоруулларын үгүстүк көрөбүт.
Кэнники кэмҥэ матасыыкыллаах бэдиктэр оройуон устун көтүтэллэр, муста-муста тимир көлөлөрүнэн киһиргииллэр, киэмсийэллэр. Суол быраабылатын тутуһаллара буолуо дуо? Суох, үксүн “мин аҕай” диэбиттии, куоталаһа-куоталаһа сүүрдэллэр. Ыраата барбакка холобурдаатахха, обургу саастаах уолаттар биһиги олорор элбэх кыбартыыралаах дьиэбитин биир гына эргийэллэр, төттөрү-таары кэлэллэр-бараллар. Кыра оҕолор хааман тоотоҥноон, кырдьаҕастар алтахтаан иһэллэр диэн кыһаллыбаттар, өссө өрө бара-бара гаастыыллар. Кинилэргэ барыта көр-нар, оонньуу, мүччүргэннээх сырыы курдук буоллаҕа.
Оттон тустаах управление дааннайын көрдөххө, матасыыкыллаах оҕолор суол быһылааныгар түбэһэллэрэ 400%, оттон саастарын ситэ илик бэлисипиэт көлөлөөхтөр 450% элбээбит.
Быраабыланы кэспит суоппардар буруйдарынан 43 суол быһылааныгар 50 оҕо эмсэҕэлээбит. 12-гэр диэри саастаах 17 айанньыт эчэйиилээх 13 суол быһылаана бэлиэтэммит. 5 быһылааҥҥа суоппар буруйунан 8 оҕо араас эчэйиини ылбыт.
Арыгы уонна суол дьүөрэлэспэттэр
Статистика сэһэргииринэн, үксүн итирик туруктаах суоппардар буруйдарынан суол быһылаана тахсар. Итирик киһиэхэ муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан буолара чуолкай.
Соторутааҕыта ГИБДД инспектордара өрөбүл күннэргэ куорат иһигэр “Итирик суоппар” диэн сэрэтэр тэрээһин чэрчитинэн маассабай бэрэбиэркэни ыыппыттара. Ол түмүгэр аһыы утаҕы иһэн баран уруулга олорбут 39 киһи тутуллубут.
Сорох “хорсуннарыгар киирбит” суоппардар “кыратык испитим”, “итирик буолбатахпын, холуочукпун эрэ”, “утуктуу олорбуппун” диэн куотуна сатыылларын хаһыакка үгүстүк суруйабыт.
Санатан аастахха, административнай ыстараап кээмэйэ – 30 тыһыынча солкуобай. Маны таһынан суоппар 1,5-2 сыл массыына ыытар бырааба быһыллар. Оттон иккистээн тутулуннаҕына, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар – икки сылга диэри хаайыллыан сөп.
Өскөтүн суолга итирик туруктаах суоппары көрдөххүтүнэ, 127, 47-35-69, 35-22-22 эбэтэр 02 төл. эрийэн үҥсүҥ, ким эрэ олоҕун быыһааҥ!
Арыгы уонна суол дьүөрэлэспэттэр
Статистика сэһэргииринэн, үксүн итирик туруктаах суоппардар буруйдарынан суол быһылаана тахсар. Итирик киһиэхэ муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан буолара чуолкай.
Соторутааҕыта ГИБДД инспектордара өрөбүл күннэргэ куорат иһигэр “Итирик суоппар” диэн сэрэтэр тэрээһин чэрчитинэн маассабай бэрэбиэркэни ыыппыттара. Ол түмүгэр аһыы утаҕы иһэн баран уруулга олорбут 39 киһи тутуллубут.
Сорох “хорсуннарыгар киирбит” суоппардар “кыратык испитим”, “итирик буолбатахпын, холуочукпун эрэ”, “утуктуу олорбуппун” диэн куотуна сатыылларын хаһыакка үгүстүк суруйабыт.
Санатан аастахха, административнай ыстараап кээмэйэ – 30 тыһыынча солкуобай. Маны таһынан суоппар 1,5-2 сыл массыына ыытар бырааба быһыллар. Оттон иккистээн тутулуннаҕына, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар – икки сылга диэри хаайыллыан сөп.
Аралдьыйыма, алдьархайга түбэһиэҥ!
ГИБДД үлэһиттэрэ этэллэринэн, мобильнай төлөпүөн, СМС ыытыы уонна навигатор суол быһылааныгар тиэрдэллэр. Чинчийээччилэр кэтээн көрбүттэринэн, төлөпүөнүнэн кэпсэтэ олорор суоппар реакцията 15-20% бытаарар, оттон суруйса испит киһи – 30-35%. Оттон навигаторы көрө-көрө айанныыр буоллаххына, аралдьыйарыҥ биллэр.
Уулуссаҕа харахтарын төлөпүөннэриттэн араарбакка, суолу көрбөккө хааман иһэр дьону үгүстүк көрсөбүт. Аны ыччат үксэ наушниктаах сылдьар. Ол аата көрбөт уонна истибэт киһи кэриэтэ буолаллар. Онон бу дьон суолга кутталлаах балаһыанньаны үөскэтэллэр диэтэхпинэ, сөбүлэһиэххит.
Маҕаһыынтан төннүбэтэхтэр...
Аны туран, сорох суоппардар харахтара тэстэринэн түргэнник айанныыллар. Аара суолга тугу барытын тоҕо солоон ааһыах курдук көтүтэллэр. Кинилэри видеонан кэтээн көрүү да, хааччахтааһын бэлиэлэрэ да тохтоппот. Арассыыйаҕа маннык “лихач” суоппардартан сылтаан үгүс киһи өлүүлээх суол быһылаана (35-38%) тахсар.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Дьокуускай куоракка Халтурин уулуссатыгар икки киһи суорума суолламмытын туһунан сонун барыбытын долгуппута. Сергей С. уонна Олег И. маҕаһыыҥҥа тахсыбыттар уонна төттөрү киирбэтэхтэр... Суоппар аһыы утаҕы испэтэх дииллэр. Ол эрээри сиэри таһынан түргэнник айаннаан испит. Икки киһи тыына тута быстыбыт... Көтүтүү үтүөҕэ тиэрдибэт.
***
Суол быһылаана тахсар өссө биир биричиинэтэ – быраабыланы тутуспат буолуу. Анал куру кэтэн олоруу курдук судургу быраабыла төһөлөөх элбэх киһи суорума суолланыытын суох оҥоруо этэй?
Ааспыт нэдиэлэ чахчыларын көрдөххө, Дьокуускайга уонна киин куорат кытыы нэһилиэктэригэр материальнай хоромньулаах 33 суол быһылаана тахсыбыт, онтон 7 түбэлтэтигэр 6 киһи эчэйбит, ол иһигэр – 2 оҕо.
Итинник киһини үөрдүбэт статистика чахчыларын холобурдуу туруохха сөп. Хас биирдии сыыппара – киһи олоҕо, кини доруобуйата.
Өскөтүн суолга итирик туруктаах суоппары көрдөххүтүнэ, 127, 47-35-69, 35-22-22 эбэтэр 02 төл. эрийэн үҥсүҥ, ким эрэ олоҕун быыһааҥ!