25.05.2022 | 16:00

Элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыба көмөтө улаатар

Элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыба көмөтө улаатар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл, 2022 сылга, социальнай төлөбүрүнэн туһанар сокуоннай саастарын туола илик биэс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыал ахсаана икки төгүл элбээтэ. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Социальнай төлөбүрү киин куораттан 5 эбэтэр онтон элбэх оҕолоох 124 ыал, 14 муниципальнай оройуоннартан, итиэннэ Сунтаар уонна Ленскэй улуустарыттан сокуоннай саастарын туола илик 10 уонна онтон элбэх оҕолоох 2 ыал ылыахтара. Итинник информацияны Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков салайааччылаах, 5 уонна онтон элбэх, сокуоннай саастарын туола илик  10 уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга биир кэмнээх социальнай төлөбүрү биэрии боппуруостарыгар сыһыаннаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа мунньаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова иһитиннэрдэ.  
Бэлиэтэммитинэн, ааспыт сылга тэҥнээтэххэ быйыл 5 уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаана икки төгүл элбээтэ, 2022 сылга социальнай төлөбүргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 500 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. 
Манна даҕатан эттэххэ, былырыын 5 эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыалтан 56-та 199,2 мөлүйүөн солкуобайга олорор усулуобуйатын тупсарбыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Бырабыыталыстыба иннигэр 5 сыл иһигэр сокуоннай саастарын туола илик 5 эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыаллар социальнай төлөбүрү ылар уочараттарын суох гынар соругу туруорбута.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...