23.06.2022 | 14:00

Элбэх оҕолонуу — судаарыстыба болҕомтотугар

Элбэх оҕолонуу —  судаарыстыба болҕомтотугар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин соторутааҕыта «Дьоруой Ийэ» бочуоттаах ааты сөргүтэр туһунан санааны өйөөтө. Бу бочуоттаах ааты сүгэр ийэлэргэ итиэннэ атын даҕаны элбэх оҕолоох ыалларга туох көмө көрүллэрий?

 «Дьоруой Ийэ» бочуоттаах ааты сөргүтэллэр

«Дьоруой Ийэ» бочуоттаах аат аан бастаан 1944 с. олохтоммута. Үрдүк аат уон уонна онтон элбэх оҕолоох ийэлэргэ онус оҕолоро биир сааһын туоллаҕына уонна уон оҕо бары тыыннаах буоллаҕына иҥэрэллэрэ. Наҕараада «Дьоруой Ийэ» уордьантан уонна ССРС Үрдүкү сэбиэтин грамотатыттан турара. Маны сэргэ, оҕо биэһигэр диэри босуобуйа, уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айан, хомунаалынай өҥө иһин төлөбүргэ 30%-наах чэпчэтии о.д.а. көрүллэрэ. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын кэннэ «Дьоруой Ийэ» бочуоттаах ааты иҥэрии тохтообута.

Ол эрээри быйыл, отучча сыллаах улахан тохтобул кэнниттэн, дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйыгар элбэх оҕолоох төрөппүттэри кытта көрсүһүүгэ «Дьоруой Ийэ» ааты сөргүтэн, элбэх оҕолоох ыаллары көҕүлээһини саҥардар туһунан этии киллэрбитэ. Ол курдук, бу бочуоттаах ааты ылыахтаах дьахталларга «Дьоруой Ийэ» уордьаны таһынан 1 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх харчынан көмө көрүллэрин туһунан этэн турар.

Бэлиэтээн эттэххэ, аныгы Арассыыйаҕа 2008 сыллаахха сэттэ уонна онтон элбэх оҕолоох ийэлэргэ «Төрөппүт албан аата» уордьан олохтоммута. Уордьан 100 тыһ. солк. кээмэйдээх харчылаах. Ол кэннэ 2010 сыллаахха түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга ити уордьан мэтээлэ олохтоммута. Бүгүҥҥү туругунан Арассыыйаҕа түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох ыал ахсаана 330 тыһыынчаҕа тиийэн турар, сэттэ уонна онтон элбэх оҕолоох ыал ахсаана – 5 тыһыынчаҕа. Владимир Путин бу икки наҕарааданы «Дьоруой Ийэ» тэҥинэн харчынан бириэмийэлиир туһунан санаалаах. Ол курдук, түөрт уонна сэттэ оҕолоохторго туһааннааҕынан 200 тыһ. солк. уонна 500 тыһ. солк. кээмэйдээх харчынан бириэмийэни олохтууру толкуйдуурга сорудахтаан турар.

 

Ийэлэр биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтарын сөп

Билигин үс уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт ийэлэр биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаахтар. Ол курдук, улахан оҕото аҕыс сааһын туолуор диэри түөртэн элбэх оҕону иитэн-үөрэтэн таһаарбыт ийэ, 15 сылтан итэҕэһэ суох үлэ ыстаастаах буоллаҕына, биэнсийэҕэ уопсай болдьохтон түөрт сыл эрдэ тахсыан сөп.

 

Ипотека кирэдьиитин төлөөһүҥҥэ субсидия көрүллэр

2019 сылтан 2022 сыл бүтүөр диэри үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕолоох ыал ипотекатын судаарыстыба толору сабар эбэтэр сорҕотун төлүүр. Төлөбүр кээмэйэ 450 тыһ. солк. тэҥнэһэр.

Харчыны ипотеканан чааһынай, таас дьиэ атыылаһарга эбэтэр сир учаастагын ыларга туттуохха сөп. Маны таһынан харчыны ситэтэ суох тутуулаах дьиэни атыылаһарга эбэтэр тутулла турар дьиэҕэ туһаныахха сөп.

 

Босхо сир учаастага

Өссө биир өйөбүл – элбэх оҕолоох ыалы сир учаастагынан хааччыйыы. Билигин, чахчы, сир учаастагын бас билиигэ босхо ылар кыах баар.

 

Уоппусканы – хаһан баҕарар

Элбэх оҕолоох төрөппүттэр сыллааҕы төлөбүрдээх уоппускаларын бэйэлэригэр табыгастаах кэмҥэ ылар бырааптаахтар, бигэргэтиллибит графигынан буолбакка. Үлэ биэрээччи бу түгэҥҥэ аккаастыыр кыаҕа суох. Маннык кыах ыал улахан оҕото 18 сааһын туола илигинэ, саамай кыра оҕото  14 сааһыгар диэри бэриллэр.

 

Кыбартыыраҕа уонна даачаҕа

Үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар кыбартыыра эбэтэр даача нолуогун сууматын аччаттарыахтарын сөп. Ону таһынан элбэх оҕолоох ыаллар сир нолуогуттан «алта суотайы» аахтаран ылар бырааптаахтар.

 

 

ОДьКХ төлөбүрүгэр чэпчэтиилэр

Элбэх оҕолоох ыалларга ОДьКХ төлөбүрүгэр 30 бырыһыаннаах чэпчэтии көрүллэр, ититиитэ суох дьиэлээхтэргэ— кытаанах уонна убаҕас уматыгы атыылаһыы ороскуота төлөнөр. Уонтан тахса оҕолоох ийэлэргэ уонна аҕаларга хомунаалынай өҥөнөн туһанарга 50 бырыһыаҥҥа диэри чэпчэтии көрүллэр.

 

Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоох төрөппүттэр

Элбэх оҕолоох ыал оҕото оскуолаҕа босхо итии аһылыгынан хааччыллар. Ону таһынан элбэх оҕолоох ыалга оскуолаҕа кэтэр форманы атыылаһарга эбэтэр оҕо таҥаһын комплегын солбуйар таҥаска компенсация көрүллэр. Ону сэргэ судаарыстыба физкультура уруогар анал форманы атыылаһарга эмиэ көмөлөһөр.

Элбэх оҕолоох дьоҥҥо өссө биир бонус — ыал ыйга биирдэ музейга, быыстапкаҕа, култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар босхо сылдьар бырааптаах.

Маны таһынан, Владимир Путин атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри төлөбүрдээх колледжтарга үөрэниигэ төлөбүр көрүллэрин үөрэтэргэ сорудахтаан турар.

 

Эми-тому атыылаһыыга

Элбэх оҕолоох ыал (оҕо алта сааһыгар диэри) судаарыстыбаттан босхо эминэн-томунан хааччыллар. Тустаах эмп-томп испииһэгин учаастактааҕы педиатр быраастан, страховкалааһын пуондатыттан чуолкайдаһыахха сөп.

 

Биир кэмнээ босуобуйа

Оҕо төрөөтөҕүнэ биир кэмнээх босуобуйа оҕо ахсааныттан тутулуга суох дьахтарга барытыгар бэриллэр. Быйыл ити көмө кээмэйэ 20 472 солк. буолан турар. Ханнык баҕарар төрөппүт үлэлиир тэрилтэтин бухгалтериятыгар тустаах докумуону туттардаҕына, төлөбүрү ылар. Иккиэн үлэтэ суох төрөппүттэр босуобуйаны олорор сирдэринэн социальнай көмүскэл уорганнарыттан ылаллар.

Онтон сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ ыларга биир кэмнээх босуобуйа кээмэйэ эмиэ 20 472 солк. тэҥнэһэр.

 

Элбэх оҕолоох ыал көмөнү хантан ыларый?

Босуобуйалар үгүстэрэ билигин судаарыстыбаннай портал нөҥүө дистанционнай  көрүҥүнэн оҥоһуллуохтарын сөп. Ол сөп түбэспэт буоллаҕына, «Мин докумуоннарым» кииҥҥэ эбэтэр социальнай көмүскэл олохтоох уорганыгар барар ордук.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....