27.12.2019 | 09:12

ЭЛБЭХ ҮБҮ БАРААБАККА, ДЬИЭБИТИН КИЭРГЭТЭБИТ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа сыл үүнүүтэ – дьикти алыптаах кэм. Бу бырааһынньыгы дьон бары долгуйа кэтэһэр, эрдэттэн бэлэмнэнэр.

2020 сыл бэлиэтэ – сиэрэй кырыыса. Бу кыыл хараактырын сүрүн уратыта – өһөс буолуу, кырдьык туһугар туруулаһыы уонна ханнык баҕарар уустук түгэҥҥэ сөптөөх быһаарыныылары ылынан иһии. Кырыыса санаатын табар туһугар дьиэ хаһаайкалара быйыл тугу гыныахтаахтарый?

Саҥа дьыллааҕы муода сыллата уларыйар. Европа диэки номнуо кэлэр 2020 сылга ханнык өҥнөр муодунай буолуохтарын быһаарбыттар.

Кырыыса санаатын маҥан, сиэрэй, тимир уонна үрүҥ көмүс кылабачыгас өҥнөр табыахтара үһү. Онон бу өҥнөр 2020 сылга саамай муодунай буолар чинчилээхтэр.

Маҥан, үрүҥ көмүс өҥнөрү кытта дьиэ ис барааныгар бордовай, хара, хараҥа халлаан күөх, бороҥ, хараҥа от күөх өҥнөрү кытта дьүөрэлиэххэ сөп диэн дизайнердар суруйаллар.

Кэлэр сыл хаһаайката кылабачыйар өҥнөрү наһаа сөбүлүүр. Араас өҥүнэн күлүмнүүр гирляндалары, чүмэчини, мишураны хото туһаныахха сөп.

Дьиэбит саҥа дьыллааҕы киэргэтиитин хайаан да сыаналааҕы атыылаһан ылан буолбакка, туһаттан тахсыбыт маллары туһанан бэйэбит илиибитинэн оҥоруохпутун сөп.

ЧҮМЭЧИ УУРАР

Холобур, өстүөкүлэ бааҥкалартан бэртээхэй чүмэчи уурар тахсар. Кыраасканан тас өттүттэн уруһуйдуурбутугар иһигэр уруһуйдаах кумааҕыны угабыт. Киистэнэн уонна ханнык баҕарар өҥнөөх кыраасканан курдат көстөр уруһуйу хатылыыбыт. Араас тесьманан, көмүһүнэн, лиэнтэнэн, ойууртан хомуллубут эриэхэнэн киэргэтиэххэ сөп.

Суон чүмэчилэри саҥа дьыллааҕы декорга туһанар наһаа үчүгэй. Оттон көннөрү маҥан чүмэчини маннык баайан таҥыннаран кэбистэххэ, көстүүтэ тупса түһэр.

Мастан остуолга уурар подсвечник маннык эмиэ буолуон сөп. Киэргэтиитигэр дьиҥнээх харыйа лабааларын туһаннахха, дьиэҕэ айылҕа сыта тунаарар.

САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ ВЕНОК Ороһооспоҕо омук сирдэригэр дьиэлэрин ааныгар хайаан да венок оҥорон иилэллэр. Ол аата бу дьиэҕэ саҥа сылы көрсөллөр,  дьол-соргу олорор диэн буолар. Маны таһынан төгүрүк венок оҥорон саҥа дьыллааҕы остуолбутун киэргэтиэхпитин сөп. Венок төгүрүк быһыыта олох быстыбат эргиирин бэлиэтэ буолар.

Хортуону төгүрүк быһыылаан кырыйабыт уонна араас кээмэйдээх эргэ тимэхтэри килиэйдиибит. Маннык веногу кырааскалыахха, харыйа оонньуурдарынан киэргэтэн биэриэххэ сөп.

Хортуонунан эбэтэр боробулуоханан төгүрүк ии оҥорон баран, таҥаһы баайан киэргэтэбит. Ханнык баҕарар таҥас барсар. Араас өҥнөөх кырадаһыннартан да таҥан таһаарыахха сөп. Килиэйигэр ордук итии бистэлиэтинэн кутуллар килиэй барсар.

Талаҕынан эмиэ киэргэл тахсыан сөп. Тоҥ талаҕы дьиэҕэ хоннорон ириэрэр ордук. Үчүгэйдик ирбит талах имигэс буолар. Талаҕы бэйэтин сүүмэхтии тутан, эрийэ тардан туттаран иһэбит. Кэлгиччи баайан эбэтэр килиэйдээн баран, хайдах баҕарар киэргэтэбит.

ТЫМНЫЫ МОРУОС ОҔОННЬОР

ТҮННҮКПҮТҮН КИЭРГЭППИТ

Түннүктэр – эһиги дьиэҕит харахтара. Хас биирдии уоттаах түннүк нөҥүө дьон дьылҕата салаллар, олох уруйданар...

Быйылгы саҥа дьылга түннүктэргитин киэргэтэн көрүҥ! Саҥа дьыллааҕы настырыанньа тута көтөҕүллүөҕэ. Түннүк киэргэлэ оҕо илиитинэн боростуой оҥоһуга эбэтэр дьиэлээх хаһаайка мындырдаабыт кэрэ көстүүлээх киэргэлэ буолуон сөп.

Түннүккэ уруһуйу түһэрэргэ тиис суунар пааста олус барсар. Кэлин сууйарга да чэпчэки буолар.

Кумааҕынан араас фигуралары, моһуоннары кырыйыахха сөп. Маныаха маҥан илиискэ бастаан боростуой харандааһынан эскизтээн баран, резагынан быһабыт, онтон харандааспыт суолун ластигынан сотон кэбиһэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...