23.09.2022 | 14:00

Экспедицияттан элбэҕи билэбит

Экспедицияттан элбэҕи билэбит
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат 12-с №-дээх орто оскуолатын физика, математика хайысхалаах кылаастарын үөрэнээччилэрэ өрөспүүбүлүкэ кэрэхсэбиллээх сирдэринэн айанныыр үтүө үгэстээхтэр. Учууталлара Александр Константинович Чиряев салалтатынан Саха сирин туһунан элбэҕи билэн-көрөн, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдан кэлэллэр. Бүгүн кинилэр тэттик суруйууларын үөрэ-көтө бэчээттиибит.

Ыстаада олоҕуттан умнуллубат түгэннэр

Быйыл сайын экспедиция былаанынан Муома улууһугар тиийбиппит. Массыынанан куһаҕан суолга айанныыр сылаалаах этэ. Ол да буоллар, ыстаадаҕа тиийэн, табаһыттар олохторун көрөн, бу сырыыбытыттан олох кэмсиммэтэҕим. 

Хадаардаах диэн хайалар анныларыгар баар ыстаадаҕа уонча киһи тыһыынчаттан тахса табаны манаан олорор этэ. Бастакы тиийбит күммүтүгэр олохтоохтору кытта билсэн баран, табалары тутаттаан, маамыкта кэтэрдэн, муостарын эрбээн ыыппыппыт. Мин бу күн табаһыттар уустук олохторун кытта билсэн, бэйэбэр элбэх саҥаны арыйбытым. Үгүс улууска сырытыннаран, кинилэр уратыларын, олохторун-дьаһахтарын кытта билиһиннэрбит учууталым Александр Константинович Чиряевка махталым муҥура суох.

 

Гаврил Садовников, Дьокуускай куорат 12-с №-дээх оскуолатын 11 «Б» кылааһын үөрэнээччитэ.

 

Хайаҕа ыттыы – бэйэни кыайыы

Быйыл биһиги оскуолабыт 10 уонна 9 кылаастара сүүрбэччэ буолан икки учуутал салалтатынан Кэбээйи Сиэгэн Күөлүгэр айаҥҥа туруммуппут.

Хайаҕа диэри биир килэмиэтири халыҥ хаарынан сатыы хаампыппыт. Сарсыарда 9 чааска хайаҕа кэлэрбитигэр эмиэ да күннээх курдук эрээри, тыала тымныыта сүрдээх этэ. Мин, маннык айаҥҥа үөрүйэҕэ суох киһи, оҕолорбуттан хаалан хаалбытым. Соҕотох хаалан, сылайан-элэйэн, сынньана сытан, чуут утуйа сыспыт этим. «Утуйдахпына, тоҥон өлүөм, бачча кэлэн баран, тоҕо тахсыа суохтаахпыный?” дии санаан, туох баар күүспүн мунньунан, салгыы дабайбытым.

Бу Саха сиригэр биллэр Пик чекистов диэн хайа үрдүгэ 1800 миэтэрэ эбит. Үөһэ тахсан баран, аллараны көрөн, биһиги дойдубут хайдахтаах курдук кэрэтин, кыраһыабайын сөхпүтүм. Хайаттан  бары сырылаан түспүппүт. Онон бу үрдүк хайаны дабайыым миэхэ бэйэбин кыайыы курдук өрүү умнуллубат.

 

Арсен Коротких, Дьокуускай куорат 12-с №-дээх оскуолатын 11 «Б» кылааһын үөрэнээччитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...