Эксээмэннэр болдьохторо билиннэ, бэлэмҥин дуо?
Бу күннэргэ Дьокуускай куорат оскуолаларыгар «Барҕарыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылла турар.
Кэмпириэнсийэҕэ 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин чинчийиилэрин кэпсииллэр, айар, ырытар, анаарар дьоҕурдарын, сахалыы саҥарар-толкуйдуур сатабылларын көрдөрөллөр. Быйылгы тэрээһин уратытынан кыттааччылар төрөөбүт саха тылынан күрэхтэһэллэрэ буолар.
Бу кэннэ олунньу 1 күнүгэр «Барҕарыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэ куораттааҕы түһүмэҕэ ыытыллаары турар. Кэмпириэнсийэ «Айыы кыһата» оскуолаҕа, Саха гимназиятыгар уонна Саха политехническэй лиссиэйгэ былааннанар.
Кэмпириэнсийэ куораттааҕы түһүмэҕэ Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын Үөрэххэ управлениетын, «Барҕарыы» пуонда быһаччы өйөбүллэринэн тэриллэр.
Кэмпириэнсийэ үлэтин хайысхалара:
- Тыл үөрэҕэ;
- Педагогика уонна уйулҕа билимэ;
- Култуура уонна искусство;
- История;
- Кыраайы үөрэтии, айылҕаны харыстааһын;
- Биология уонна медицина;
- Математика;
- Физика, астрономия;
- Информатика, IT-технология;
- Химия;
- Тиэхиньикэ;
- Экономика, бэйэ оҥорон таһаарыы.
Кыттыан баҕалаахтар «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ үлэлэрин сахалыы тылбаастаан аҕалыахтарын сөп.